Баатаҕайка саҥа дьиэлэр дьэндэйэллэр

Дьааҥы улууһа сайдыытын биир сүрүн соругунан, өрөспүүбүлүкэ өйөбүлүнэн, дьону сөптөөх олорор дьиэнэн хааччыйыы уонна социальнай эбийиэктэрин тутуу буолар. Ол чэрчитинэн хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүү бырагырааматынан кэлиҥҥи сылларга тутуу тэтимнээхтик ыытыллар.

Кэлэр сылга киириэхтээх тутуулартан биирдэстэрэ – Баатаҕайга, уопсайа 493 кв. миэтирэ иэннээх. 30 кыбартыыралаах, балконнаах, түөрт этээстээх дьиэ тутуллан киириэҕэ. Бу дьиэ тутуллан киирэрин олохтоохтор олус кэтэһэллэр. Саҥаттан саҥа дьиэ дьэндэйэрэ бөһөүлэк тас көрүҥүн да тупсарара чуолкай суол.

Бу тутууну Баатаҕай дьаһалтатын сакааһынан Карен Мартиросян бэдэрээччиттээх ООО «Аартыка» тэрилтэтэ тутар.

«Тутуу матырыйааллара кыһыҥҥы сир суолунан аҕалыллыбыттара. Алтынньы ыйга диэри дьиэ бастакы этээһин сүрүн тутууларын бүтэрэр былааннаахпыт. Билигин домкратынан тутуллан турар сыбаайатын акылаата анал матырыйаалларынан бүрүллэн, баалката арматуранан каркаастанан баран бетоннааһын ыытыллыахтаах. 250 мааркалаах бетон 24 суукканан куурар. Кыраапык быһыытынан, тымныылар түһүөх иннилэринэ, ол эбэтэр алтынны 12 күнүгэр диэри бетоннааһына бүтүөхтээх. Кэлэр сыл сааһыттан дьиэ бүтэтиллэн ис үлэтэ, сантехническай үлэлэрэ, канализация оҥоруутун үлэлэрэ ыытыллыаҕа. Дьон олороругар сөптөөх бары усулуобуйа оҥоһуллуоҕа», – диэн кэпсиир 35 сыл ыстаастаах тутуу барарааба Камо Хачатурян.

Раиса Чирикова