Баатаҕай кыстыккка бэлэмнэнэр

Баатаҕай бөһүөлэгэр ититэр ситими саҥардаллар. Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ ититэр систиэмэ эргэрэн киртийбит, дьэбиннирбит турбаларын саҥа турбаларынан уларыта сылдьаллар.

Систиэмэ турбалара эргэрэн, кыһыҥҥы тымныыттан тоҕута барылара баар суол. Кыргыстаан курдук сылаас дойдуттан сылдьар Игорь Бегматов «Биһиги манна кэлэн олох-дьаһах хаһаайыстыбатыгар бастакы сылбытын үлэлии сылдьабыт. Турбалар истэрэ олус киртийбиттэр. Бу турбаны кэккэлии өссө биир маннык турбаны тардыахтаахпыт. Сылаас кэми баттаһан төһө элбэх турба тардыллар да тоһуттар тымныылаах томороон тымныыны этэҥҥэ туоруо этигит», – диир. Кырдьыга да оннук – куруук дьыбардаах туманынан, чох былытынан, буор быылынан бүрүллэн турар бөһүөлэк ититэр систиэмэтин турбалара кыһын, саас тоҕута эрэ барбатыннар.

Раиса Чирикова