Андриян Томскай научнай чинчийэр үлэтинэн – үрдүк ситиһии көтөллөнөн…

Дьааҥы М.Л. Новгородов аатынан Верхоянскай уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын 10-с кылааһын үөрэнээччитэ Андриян Томскай бу 2024 сылга икки улахан арассыыйатааҕы научнай чинчийэр күрэххэ уонна кэмпириэнсийэҕэ кыттан, иккиэннэригэр ситиһиилэннэ.

Муус устар 2-4 күннэригэр Москватааҕы «Наука, творчество, духовность» диэн научнай чинчийэр күрэххэ – 2 истиэпэннээх дипломант, муус устар 20 күнүгэр Санкт-Петербурдааҕы «Открой в себе ученого» научнай инновационнай кэмпириэнсийэҕэ – 3 истиэпэннээх дипломант ааттарын сүгэн, төрөөбүт дойдутун оскуолатын, куоратын, Саха өрөспүүбүлүкэтин чиэһин көмүскээн, ситиһии көтөллөөх төннөн иһэр. Ону сэргэ, научнай күрэххэ, кэмпириэнсийэҕэ хас да сыллаах үлэтин түмүктэринэн Саха өрөспүүбүлүкэтин Оччугуй наукатын академиятын дьиҥ чилиэнэ буолла уонна истипиэндьийэ ылар чиэскэ тигистэ.

Андриян Томскай 6-с кылаастан саҕалаан саха омугун батаһын чинчийиинэн саҕалаабыта. Аан бастаан Верхоянскай куоратын «Тымныы полюһун» оройуоннааҕы кыраайын түмэлин батастарын сиһилии сыныйан үөрэппитэ. Онтон ыла Андриян үлэтин кэҥэтэн-хаҥатан Саха өрөспүүбүлүкэтин хас да түмэлин батастарын үөрэтэн барбыта. Ол курдук, Таатта, Хаҥалас оройуоннарын уонна Дьокуускай куорат түмэллэрин батастарын чинчийбитэ, тэҥнээн көрбүтэ. Ити курдук 4 сыл устата биир тиэмэнэн дьаныардаахтык дьарыктанан чинчийдэ. Маныаха куруутун киниэхэ научнай консультанынан Ем. Ярославскай аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи кыраайын түмэлин археология уонна этнография отделын сэбиэдиссэйэ, биллэр археолог Попов Василий Васильевич буолбута, чинчийэр үлэтигэр күүс-көмө, сүбэ-ама биэрбитэ.

Кини научнай дакылаатын аата «Сравнительно-типологический анализ якутских пальм-батасов: функции и описание», салайааччыларынан буолаллар СР Наукатын академиятын үлэһитэ Саргылана Николаевна Седалищева уонна М.Л. Новгородов аатынан Верхоянскай уопсай үөрэхтээһин орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Атласова Жанна Кирилловна.

Бу научнай үлэнэн дьарыктаныаҕыттан ыла кини оройуоннааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕэ, арассыыйатааҕы хас да научнай кэмпириэнсийэлэргэ, күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыта. Араассыыйа Казань (7 кылааска), Москва (9-10 кылаастарга), Санкт-Петербург (10 кылааска) куораттарыгар баран, куруутун ситиһиилэнэн кэлэрэ.

Түгэнинэн туһанан, салайааччы аатыттан төрөппүтүгэр, төрөөбүт оскуолатыгар, улуустааҕы үөрэх салалтатыгар, улуустааҕы администрация салалтатыгар оҕо кэлэригэр-барарыгар күүс-көмө буолбуккутугар махталбын тиэрдэбин.

Научнай салайааччы Саргылана Седалищева

Читайте дальше