100 иһинэн нэһилиэнньэлээх Алыһардаах дьоно-сэргэтэ бэрт сэргэхтик дьаһанан олороллор, 13 ынах төрөөн, сотору ас дьиэтигэр үүт туттаралларын кэтэһэллэр. Нэһилиэккэ биир атыыр оҕус баара күрүөһүтэ бэрдиттэн, оттоох күрүөҕэ киирэн дьон оттообут отторун сиириттэн, хаһаайына өлөрөн, аны кытарах ынах элбээтэ дэһэллэр.
Ынах сүөһүнү таһынан дьиэ көтөрүн ииттэр, дьоҥҥо-сэргэҕэ «Даайыс» диэн аатынан ытыктабыллаахтык биллэр Дария Николаевна Борисова: «Бэйэбит дьиэ-кэргэн хаһаайыстыбабытыгар 14 сүөһүлээхпит, 7 ыанар ынахтаахпыт. Бу саас икки ынахпыт төрөөн эбиллэн олоробут. Сүүрбэччэ кууруссалаахпыт, былырыын сакаас быһыытынан олохтоох тыа хаһаайыстыбата аҕалан биэрбит биир атыыр сибиинньэлээхпитин быйыл кыстаттыбыт. Куурусса атыыласпыппар дьонум бастаан «хайа абааһы гынаары ыллыҥ» диэн буолтара, билигин сымыыт күннээҕи аспыт буолан турар, сороҕун Баатаҕайга олорор кыыспар, икки сиэммэр ыытабын. Онон бэйэ бородууксуйатынан хааччыллан олоробут. Билигин сымыыты харчынан атыылаһыам диэтэххэ аччыгыйа суох сыана буоллаҕа, ити иһин эдэрдэргэ дьиэ көтөрүн атыылаһан ииттиҥ, бэйэ сибиэһэй бородууксуйатынан аһааҥ дии сатыыбын», – диэн санаатын сырдатар.
Борисовтар дьиэ-кэргэн Сартаҥ нэһилиэгиттэн Алыһардаахха, Дария Николаевна — Даайыс төрөөбүт сиригэр көһөн кэлиэхтэриттэн сүөһү ииттиитинэн олохтоохтук дьарыктаналлар. От үүнүүтэ үчүгэйиттэн кыстыгы бэрт үчүгэйдик туораабыттарын, оттуур ходуһалара чугас буолан тиэллиитэ чугаһын этэллэр. Дария Николаевна ынах ыаһынын, көтөрдөрү көрүү-истии, үүт туттарыытын, сайынын отчуттарга хара сарсыардаттан астарын астаан бэлэмнээһин түбүктээх үлэтиттэн быыс булан нэһилиэккэ ыытыллар бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, нэһилиэк бастыҥ актыбыыската. «Кулууппут дириэктэрэ Зоя Гаврильевна Потапова көҕүлээн сэргэхтик олоробут, ыҥырдаҕын ахсын, сырдыкка тардыһан, барытыгар кыттан тэҥҥэ тэйсэбин. Ити биһигини кулууппут дириэктэрэ дьаһайан, салайан илдьэ сылдьар. Алыһардаахпыт нэһилиэнньэтэ кыра да буоллар, киһи бары дьарыктаах, култуура тэрээһинигэр бары кыттабыт, кэллиэксийэньиэрдэр элбэхпит, талааннаахтар да элбэхтэр. Тэрээһиннэргэ дьэ киэргэнэн барабын — хоруоҥкабын, брошкабын уларыттан кэтэбин, ити бырааһынньыктарга кэтэн барарга олус наадалаах киэргэллэр. Итилэри мунньарбын билэр буолан дьон аны туохха эмит көмөлөһүннэрдэхтэринэ былаат, хоруоҥка, брошка кэһиилэнэллэр. Оннооҕор оҕо уһуйааныгар тиийдэхпинэ Алыһардааҕым кырачааннара кэтэ сылдьар киэргэллэрбин сэҥээрэн туппахтаан, хоруоҥкабын эргитэ-эргитэ көрө-көрөлөр «эбээ Даайыс наһаа мааны» дииллэрэ да үчүгэй», – диэн күлэр. Дария Николаевна биэс-алта массыына маһынан оттуллан тахсар дьиэтин аттыгар саҥа тутуллан эрэр дьиэтэ ситтэҕинэ кэллиэксийэтин наардаан уурарыгар анал муннук оҥостуоҕун баҕарарын уонна быйыл Адыаччы нэһилиэгэ тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир үбүлүөйдээх ыһыаҕар кэтиэхтээх сахалыы таҥаһын көрүнүөхтээҕин тустарынан этиитигэр «Билигин саха дьахталлара эҥин-эгэлгэ былааты бааналлара аата көрүөхтэн үчүгэйин. Оннук, маҥан бытырыыстаах улахан былаат оҥостуммут киһи дии саныыбын да адьас соло булбаппын», – диэн кэпсиир.
Дария Николаевна «Далбар Хотун» күрэҕэр «Нарын Хотун» анал ааты ылбытын, ааспыт ыһыахтарга кыттан үһүс миэстэ кыайыылааҕа буолбутун туһунан биир дойдулаахтара киэн тутта ахталлар.
Биллэрин уонна бэлиэтэммитин курдук, быйылгы уһун күүстээх тымныылары этэҥҥэ туораан, күн уһаан, ылааҥы күннэр үүнэннэр дьон кэлэр кыстыкка бэлэмнэнии үлэтин былаанныыр. Алыһардаахха былыр «Кыһыл маай» баай холкуос олох оҥостон ааспыт уйата буолан, кинилэр сыдьааннара өбүгэлэрин дойдутуттан арахпакка тыа хаһаайыстыбатын, култуураны уонна үөрэҕириини өрө тутан, саҥа үйэни кытта тэҥҥэ хааман бэрт дэлэйдик дьаһанан олороллор. Нэһилиэк, ыччат, оҕо дьон ытыктыыр-убаастыыр киһилэрэ Дария Николаевна ыалдьытымсаҕын ааһан эйэҕэс майгылаах хаһаайка буолан кэлэн ааһар ыалдьыт, хоноһо Борисовтар дьиэлэрин тумнубат. Куруук үөрүү кынаттаах, сэргэх кэпсээннээх, сырдык, мааны сэбэрэлээх кэрэ хотун сылаас үүттээх чэйин туппутунан, баарын-суоҕун улахан сандалытыгар тэлгэппитинэн сылдьар. Кини отчуот, онтон да атын мунньахтарга олохтоохтор туруорсар боппуруостара олоххо киирэллэригэр санаатын, кыаҕын бүтүннүү ууран, нэһилиэк сайдарыгар, уопсастыбаннай олоҕо көдьүүстэнэригэр ис сүрэҕиттэн кыһаллар уонна туруулаһар.
Быйылгы — 58 кыраадыстаах уһун тымныы кэмнэргэ Адыаччыттан урбаанньыт Олег Иннокентьевич Гатилов хаппыт маһы тиэйэн оҕо уһуйаана +29 кыраадыһы тутан турбутун, маһы сарсыарда 11 чааска тиэйэн аҕаларын, биир массыына сыаната 20 тыһыынча – бураанынан баран кэрдинии, бэнсиинэ, оҕунаҕа, сыаптара, эрбэтэр дружба атыылаһыы, тиэнии, куруустааһын сыанатын охсон таһаарарын этэр. Уонна тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Игорь Николаевич Захаров сакааһынан сүөһүгэ эбии ас, эбиэс кэмигэр аҕалтарбытын тустарынан ис сүрэҕиттэн махтана, хайгыы кэпсиир.
«Үлэтэ чэпчэкитэ да суох буоллар, тыа дьоно төрүт үгэспитин ынахпытын, сылгыбытын тутан олордохпут. Владимир Христофорович Чириков үүт тутар сыах арыйан абыраата, сүөгэйинэн, үүт аһынан хааччыллан олорорбут үчүгэйэ сүрдээх. Сотору ас дьиэтигэр бөтүөннээх, салааскалаах дьон хаамсыахпыт турдаҕа», – диэн нэһилиэнньэ күннээҕи олоҕун үөрүүтүттэн, тыа сирин кыра нэһилиэгэ тутуллар тутааҕа туохха сытарын ыйан кэпсиир.
Дария Николаевна туһунан киэҥник, уһуннук элбэҕи сылаас тылларынан ахта, сырдата туруохха сөп. Кини 40-нан сыллар усталаах-туораларын тухары кэтэххэ сүөһү иитиитинэн дьарыктаммытыттан саҕалаан туһунан дириҥ устуоруйалаах үлэһит дьонноох өбүгэтэ, төрөөбүт Алыһардааҕын бултаах-алтаах аар тайҕата, хороҕор муостаахтара хойуутук хаамсар көнө налыы хонуулара, көмүс хатырыктаах быйаҥнаах күөллэрэ, толуу тосхоллоох ыччата, дьонун-сэргэтин олоҕо барыта бу үтүө Киһини кытта ситим тардаллар, биир силистээхтэр диэххэ сөп. Оттон култуура тэрээһинигэр кыттыытын туһунан даҕайан ааһар эбит буоллахха, кинини Алыһардаах ретро модатыгар, гостуруол кэнсиэрдэригэр, күрэхтэргэ көрбүт дьон-киһи өргө диэри ахталлар, ханна да тиийдэхтэринэ Алыһардаахтары, Дария Николаевнаны куруук үөрэ көрсөллөр.
Адыаччыга буолар улахан түһүлгэлэргэ алыһардаахтар хас да массыынанан тиийэн күндү ыалдьыт буолаллар, кытталлар, ыраахтан кэлбит артыыстар кэнсиэрдэрин көтүппэттэр. Адыаччыттан Алыһардаахха диэри массыына чаас аҥара айанныыр сиригэр биир да киин сир артыыһа таарыйбатыттан, Дьокуускайтан гостуруоллуу кэлбит артыыстар нэһилиэктэринэн сылдьыахтаах кыраапыктарын алыһардаахтар ким хайа иннинэ үөрэтэн, ииттэр хороҕор муостаахтарын, чообурҕас кууруссаларын, хорулуур сибиинньэлэрин, кустарын-хаастарын, хоруолуктарын көрдөрө түһэр дьоннорун булан, этэн-үөрэтэн хааллараллар. Арай Дария Николаевна-Даайыс: «Муус устар ый 14 күнүгэр буолбут Сиэйэ Уола, Күндэл уонна Николай Никифоров кыттыылаах эстрада кэнсиэригэр барыахтаахпын уолум сиртэн кэлбэтэ, аны туран оҕонньорум итиччэ элбэх сүөһүнү кыайан көрбөт буоллаҕа», – диир. Бу саас улуус биллэр талааннаах ыччаттара Гаврил Акимов, Афанасий Атласов, Айсен Ксенофонов тиийэн кэнсиэрдээбиттэриттэн, ону таһынан Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин уус-уран самодеятельноһа кэмиттэн кэмигэр кэлэн ыллаан-туойан, үҥкүүлээн сэргэхситэн баралларыттан сүрдээхтик сэргэхсийбиттэрин кэпсиир, «Чэ, барыта үчүгэй», – диэн түмүктүүр.
Ханнык да кыра нэһилиэнньэлээх сиргэ аҕам саастаах дьон этиитэ, сүбэтэ, толкуйа, майгыта нэһилиэк тыынын (ауратын) тутарын, биир да киһи дьайыыта улахан эбитин туһунан элбэх суруйууларга булан ааҕыахха сөп. Онон ынах сүөһү ииттэр элбэх ыалга настаабынньык буолбут — Алыһардаах оһуор уктаах маанылаах олоҕун Иэйиэхситэ кэриэтэ иилээн, араҥаччылаан олорор, Дьааҥы улууһун тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрбит уонна киллэрэ сылдьар Дария Николаевна – Даайыс «Ыччат аҥардас төлөпүөнүнэн эрэ харахтаммата буоллар, ынах сүөһү, көтөр кыыл ииттэрэ буоллар тыа хаһаайыстыбата төһө эрэ сайдыах этэй!», – диэн баҕа санаатын ыччакка тиэрдэр.
Раиса Чирикова