«Айыыьыттан ананан кэлбит манан халааттаах аанньалбыт»

Быйылгы 2023 сылы Ил Дархан А.С.Николаев Үлэ сылынан биллэрбитин өрөспүүбүлүкэ дьоно өрө көтөҕүллүүлээхтик көрүстүбүт. Ордук биһиги көлүөнэ дьон үөрдүбүт,үлэттэн ордук дьол орто дойдуга ама туох баар буолуой?

Үлэ -үүнэр-сайдар суол,үлэ барыта үтүө түмүктээх  уонна   уйгулаах олоҕу олорорго укулаат түһэрии буолар.

Мин саха Далбар хотуттарын, кинилэр умсугутуулаах үлэлэрин, талан ылбыт идэлэринэн биир эйгэҕэ уһуннук, дьаныардаахтык үлэлээбиттэрин, үлэлии да сылдьалларын туһунан суруйуохпун баҕарабын.

Маҥан халааттаах аанньаллар

Үлүгэртэн өрүһээйээччилэр

Үтүө санаа аргыстара

Үтүөрдэр эрэ мөккүөрдээх

Үтүмэн үлэһит-быраастар.

Айыыһыт анаабыт киһитэ

Балыыһа мас дьиэтэ…

Эн түөрт эркиниҥ эрэ билэн эрдэҕэ, ыарахан ыарыһах сымыһаҕын быһа ытыран, бүтэһик күннэрин ааҕа, дьиэ үрдүн одуулаан сыппытын, Аан дойду кэрэтиттэн күрэнэн эрэриттэн абаккаран, уота-күөһэ бүппүт хараҕыттан таммах уу бычалыйан тахсан,сыттыгар таммалаабытын…

Эн түөрт эркиҥҥин таарыйан аастахтара Сир үрдүгэр олорон ааспыт айыы дьонун сырдык дууһалара…

Эн ааҥҥын төһөлөөх элбэх ыарыһах быыһанар дьиэ, эмтэнэр уйа туттан, эрэнэ-долгуйа тэлэйэ баттаабыта буолуой?

Эн мас муостаҕынан үрүҥ халааттаах аанньаллар тиэтэйэ-саарайа, ыарыһаҕы өрүһүйэ тоһугураһа хаамтахтара, эрдэһит санитаркалар сууйан-сотон кылбаттахтара.

Эн сырдык түннүктэриҥ туоһу буоллахтара – кырачаан киһи күн сиригэр кэлэн маҥнай ытаан бэбээрбит куолаһыгар, үөрүүттэн дьолломмут Ийэ саламаат сиир түгэнигэр, астыммыт Аҕа таас нөҥүө өҥөйбүт сирэйигэр…

Ыарыһах хоһугар быраас киирэн наҕыл-холку куолаһынан, «Хайа хайдахпытый?» диэн оргууй ыйытар, эйэҕэстик мичээрдээн үрүҥ тииһэ кэчигириир. Ыарыһах тулата сырдыы, бэйэтэ чэпчии түһэр, бэл ыарыытын тииһигэ мүлүрүйэргэ дылы буолар.

Бу биһиги маҥан халааттаах аанньалбыт, биһигини өрүһүйээччи-харыстааччы, Айыыһыттан ананан кэлбит Слепцова Наталья Михайловна буолар. Кэрэ сэбэрэлээх, хоп курдук быраас чэпчэки-чэпчэкитик үктэнэн палаатаҕа киирдэҕинэ,ыарыыгын да умнаҕын, ол курдук сырдыгынан сыдьаайа сылдьар үтүөкэн киһи, дьиҥнээх быраас.

Наталья Михайловна күһүн тыына лаппа биллэн,алаастарга оттоммут от бөҕөтө кэчигирээн, дьэдьэн-отон буһан, көтөр-сүүрэр үөрдүһэн эрэр бэрт кэрэ кэмигэр атырдьах ыйын 11 күнүгэр 1953 сыллаахха Дьаархан нэһилиэгэр Өлүөхүмэ улууһугар күн сирин көрбүтэ. Ийэлээх аҕата үһүс оҕолорун Наташа диэн ааттаабыттар, «оҕобут дьону араҥаччылыы,куруук үөрэ-көтө сырыттын» диэн алгыстарын анаабыттар. Ийэтэ Сектяева Зоя Егоровна – идэтинэн нуучча тылын учуутала ,аҕата Слепцов Михаил Александрович саха тылын уонна уруһуйу үөрэтэрэ. Кинилэр Наташа биэс саастааҕар ыраах Дьааҥы улууһугар көһөн кэлбиттэрэ. Аҕалара Адыаччы оскуолатыгар директорынан анаммыта

Учуутал дьиэ кэргэҥҥэ иитиллибит буоланнар, алта оҕо бары билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах, элбэҕи ааҕар, үрдүк култууралаах дьон буола улааппыттара. Кырачаан Наташа дьааһылаҕа сылдьан, куруутун быраас буолан оонньуур эбит, кыһыл кирпииччэни ууга мэһийэн баран,оҕолорго «манту туруорар» эбит. «Наташа, быраастаан бүтэр үһүгүн, иитээччиҥ миигин мөхтө, кыыһыҥ оҕолору укуоллуур диэтэ» диэн, ийэтэ Зоя Егоровна кыыһын сэмэлээбит. Ол эрээри, ийэ киһи сыыспат сүрэҕинэн, оҕом хайаан да быраас буолара буолуо диэн, бүччүмнүк санаан аастаҕа.

Орой мэник оҕо сааһа, оттомноох пионер, комсомол сыллара элэстэнэн ааспыттара, тохсус кылааһы Саккырыыр оскуолатыгар, онуһу Верхоянскай куоракка үөрэнэн бүтэрбитэ. Оччотооҕу кэм ирдэбилинэн, биир сыл фермаҕа торбосчутунан үлэлээбитэ. Эһиилигэр бэлэмнэнии салаатыгар үөрэнэн, СГУ медико-лечебнай факультетын  студентката буолар дьолломмута, оҕо эрдэҕиттэн ыра оҥостубут баҕа санаатын толорон, эмчит идэтин баһылаабыта.

Наталья кыыс 1977 сыллаахха алта сыллаах сыралаах үөрэҕин түмүктээн, быраас  Наталья Михайловна диэн ааты сүгэн, Табалаах нэһилиэгэр үлэлии кэлбитэ. Кинини маҥнай Розалия Никитична, Пётр Егорович Фёдоровтарга олохтообуттара. Саамай бастакы ыарыһаҕар Көлүйэҕэ ыҥырыллыбытын күн бэҕэһээ курдук өйдүүр, ол Слепцова Уля диэн кыыс этэ, билигин бэйэтэ эбээ ааттанан, ууһаан-тэнийэн олорор – Чирикова Ульяна Николаевна.

Сүрдээх үлэһит, наһаа кыһамньылаах, киирэн-тахсан чочоһуйбут, ис-иһиттэн тырыбынаабыт кыыһы олохтоохтор олус сөбүлээбиттэрэ, көннөрү Натааһа диэн таптаан ааттыыллара. Кини Табалаах нэһилиэгэр тапталын көрсөн, уоллаах-кыыс оҕоломмута.

Эмчит идэтэ ураты сылаалаах, улахан эппиэтинэстээх үлэ буоларын бары да сыаналыы саныыбыт. Тыа бырааһа медицина бары салаатын толору баһылыыр, кини ардыгар лор, ардыгар окулист, эмиэ да невропатолог, быһата ыарыы арааһын барытын билэр, чопчу диагноз туруорар, киэҥ билиилээх киһи буолар. Кини дьон доруобуйатын туһугар утуйар уутун, сынньалаҥын умнар.

Наталья Михайловна биһиги балыыһабытыгар үлэлээбитин устатыгар төһөлөөх элбэх киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыта буолуой? Түбүктээх үлэтин түмүгэ-дьон махтала, ытыктабыла буолар. Кини үлэлээбит үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта, ол курдук үрдүк категориялаах быраас, РФ уонна СР  доруобуйа харыстабылын туйгуна, СР үтүөлээх бырааһа.

Күн-дьыл аастар-ааһар, дьон доруобуйатын туһугар үлэлээн, номнуо эбээ буолбутун өйдөөбөккө да хаалбыт эбит. Үлэни өрө тутан, үлэттэн дьоллонон сааһыран эрэрин умнубут эбит.

Наталья Михайловна сайын аайы уоппускатын ылан оҕолоругар, сиэннэригэр күүлэйдии барар, дуоһуйа сынньанан, ахтылҕанын таһааран кэлэр.

Кэлэр манна, дьолун булбут Табалааҕар, оҕолоро төрөөбүт дойдутугар.

Кэлэр манна, үлэттэн дьолломмут, дьон ытыктабылын ылбыт сиригэр.

Кэлэр манна, дьону эмтии, үтүөрдэ.

Кини кэлбит күнүгэр, «Наталья Михайловна кэлбит үһү», «Бырааспыт кэлбит» диэн үөрүүлээх сонун бөһүөлэги тилийэ сүүрэр.

Биһиги аанньалбыт, наҕыл-наҕыл куоластаах, нарын сылаас илиитинэн бигии тутар үтүөкэн киһибит, Наталья Михайловна, үбүлүөйдээх сыла.

Күндү киһибитигэр кытаанах доруобуйаны, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ бар-дьонуҥ тапталыгар уйдаран, өссө да уһуннук эмтии-томтуу, сүбэлии-амалыы сырыт!

Олоҕуҥ устата мэлдьи кэрэ эрэ кэккэлэстин!

Елизавета Рожина, Табалаахтааҕы «Айар тыын», Боруулаахтааҕы «Боруулаах кыымнара», улуустааҕы «Эчий», өрөспүүбүлүкэтээҕи «Кэрэ эйгэ» литературнай түмсүүлэр чилиэнэ

Читайте дальше