Николай Потапов 40-тан тахса сыл ыстаастаах уопуттаах суоппар. 1983 сылтан ыраах айаҥҥа сылдьар, билигин да уруултан илиитин араара илик.
Николай оҕо сааһыттан тиэхиникэҕэ сыстаҕас. «Оҕо сылдьан водовоз массыынатын эккирэтэ сылдьааччыбын, мөҕүллэн да биэрээччибин», — диэн кэпсиир. Үөрэҕэр куһаҕана суох көрдөрүүлээх Коляны учуутала Светлана Асташенкова үрдүк үөрэххэ киллэрэр баҕалаах эбит, ол эрээри уол аккаастанан, суоппар идэтин баһылаабыт. 1978 сыллаахха аармыйа кэнниттэн, эдэр киһи «Якутзолотоларга» тиийэн, улахан массыынаҕа үлэлиэҕин баҕарарын биллэрбит. Онон тэрилтэ көмөтүнэн, Николай СПТУ-1 үөрэнэн, суоппар идэтин баһылыыр. «Аллараа Кураанахха, карьерга, «БелАЗ» суоппара этим. Кэлин дойдубар кэлэн Верхоянскай сопхуоска үлэлээбитим. 90-с сылларга Арыылаах орто оскуолатын дириэктэрэ Валентина Герасимовна Павлова ыҥырыытынан, суоппарынан киирбитим. Быыһыгар, учууталлаан да ылбытым. Оҕолорго автодело, Үрүҥ Уолан, НВП уруоктары ыытарым. Тустууга тренердээбитим. Кэнники кэмҥэ бу улуус киинигэр, Баатаҕайга, олохсуйдум. Улуус дьаһалтатыгар, социальнай көмүскэлгэ, о.д.а тэрилтэлэргэ суоппардаабытым. Билигин Баатаҕай бөһүөлэгин дьаһалтатыгар суоппарынан үлэлиибин», — диэн кэпсиир Николай.
Николай Борисович билигин да ыраах айаҥҥа сылдьар суоппар. Аны ыраах айаҥҥа сылдьар диэн атын, ураты. Хас да суукканы аанньа утуйбакка, түүннэри-күннэри уруулга олоруу, аны суолга араас түбэлтэ тахсара баар суол. Тымныыга массыына алдьаннаҕына — өрөмүөнэ, бэйэ-бэйэҕэ көмө-тирэх буолуу. Бу маны барытын Николай Потапов ааспыт, билбит киһи, буһан-хатан дьиҥнээх кытаанах үлэҕэ хатарыллыбыт хоту дойду хоһуун суоппара. Ону сэргэ Николай Борисович биэс оҕо аҕата, биэс сиэн эһээтэ. «Оҕолорум бары үлэһит дьон. Кыра сиэним Эрэлчик, дьэ, куруук массыына оонньуур сакаастыыр, баҕар кини солбуйуо», — диэн истиҥник кэпсиир эһээ киһи.
«Суоппар куруук айаҥҥа сылдьар буоллаҕа, ордук ыраах айан суоппара. Дьиэтигэр аҕыйахтык көстөр киһи, ол иһин дьиэ кэргэнин өйөбүлэ наһаа суолталаах. Кинилэр өйдөөн, өйөөн үлэлээн кэллэхпит. Бэйэм ыраах айаҥҥа элбэхтик сылдьыбытым, ол тухары сиэри-туому тутуһабын — арыылаах алаадьы, кураанах чэй уурабын. Маны таһынан булгуччулаах быраабыла: суолга табаарыскын, аргыскын хаалларыма диэн. Магадан, Куйга хайысхалаах суол суоппардара маны тутуһан айаннаабыппыт. Бары убаайдыы бырааттыы курдук этибит. Омугунан арахсыбыппытын өйдөөбөппүн. Бэйэ-бэйэбитигэр көмөлөсүһэн, өйөнсөн сырыттахпыт. Билигин үйэтэ оннук буолан быһыылаах, сорох ардыгар эдэр суоппардар тохтооччулара суох», — диэн санаатын этэр кырдьаҕас суоппар.
«Николай Борисович, уһун кэмҥэ суоппардаабыт киһи эдэрдэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?», — диэн ыйытабын. Онуоха: «Мин даҕаны кырдьаҕас суоппардартан үөрэммит киһибин. Эдэр сылдьан, массыынаҕа тугу оҥорорбун билбэтим элбэх буолааччы, ол иһин Анатолий диэн кырдьаҕас нуучча суоппартан көрдөһөөччүбүн, ону киһим: «Хорошо, зато долго будешь жить», — диэбиттээх. Кэлин өйдөөбүтүм, бэйэтэ эрэйи көрдүн, массыынатын билигин үчүгэйдик оҥорон биэрдэхпинэ харса суох сүүрдэн, оһоллонуо аны диэн эппит эбит. Оннук эрэйдэнэн, бэйэм массыынабын үчүгэйдик көрүнэн, буурҕаҕа, силлиэҕэ түбэһэн, алдьанан-кээһэнэн, массыынабыттан үгүстүк ааттаһан-көрдөһөн киһи буоллаҕым. Билигин санаатахпына, эр киһи массыынатыгар хайдах сыһыаннаһар да, дьиэ кэргэнигэр, дьиэтигэр сыһыана оннук буолар диэбиттэрэ саамай сөп эбит. Суоппардарга көнө суолу баҕарабын. Айан суола киһи олоҕун кэриэтэ, түһүүлээх, тахсыылаах, куруук көнө буолбат. Үтүөнү оҥоруу үтүөнэн эргийэр. Ол иһин эдэр суоппардар бэйэ-бэйэҕитигэр убаастабыллаахтык сыһыаннаһыҥ. Кимиэхэ эрэ көмөлөспүккүт үтүөнэн эргийиэ, тарҕаныа», — диэн түмүктээтэ суоппар идэлээх, үлэ киһитэ Николай Потапов.
Дьааҥы суоппардарын, бука бары сыһыаннаах дьону суоппар күнүнэн эҕэрдэлиибит! Тимир көлөҕүт тиигинэччи сырыттын, көнө ньуурдаах суолу, таһаарыылаах үлэни-хамнаһы!
Надежда Горохова