«AGAP_StuDio» уолаттара

Муус устар ый 10 күнүттэн саҕаламмыт Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин иһинэн үлэлиир «AGAP_StuDio» уолаттарын гостуруоллуур кэнсиэрдэригэр дьон хото сырытта. Сааланы толорбут, кэтэспит, көрөөччү хас биирдии ырыаһыты уҕураабат ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар, «Бис!», «Браво!» уруйдаах биһирэбилинэн арыаллаатылар.

«Тырааныспарбытын бэйэбит кэпсэтэн, Алыһардаахтар күтүөттэрэ Володя Слепцов суоппардаата. Систэринэн, тыаларынан айан-сырыы үчүгэйин киһи эппэт – күн уһаан, ойуур хаарын тэбэнэн, ылааҥы кэмнэргэ сир-дойду барыта уһуктубукка дылы. Сылдьыбыт нэһилиэктэрбит бары сүрдээх үчүгэйдик көрсүбүттэрэ, остуол хотойорунан толору ас-үөл бөҕөтө, үчүгэй гостуруол ааста диэххэ сөп. Кэнсиэрдэртэн киирбит үбүнэн студияҕа аналлаах тэрил-тээбирин ылынар баҕалаахпыт», – диир бөлөх салайааччыта Гаврил Акимов.

Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин звукооператора, ырыаһыт, айааччы, толорооччу, түөрт уол оҕо аҕата Гаврил Акимов былааҥҥа Боруулаах, Токума нэһилиэктэрэ туралларын этэр уонна бөлөх уолаттарын билиһиннэрдэ: Афанасий Атласов – В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын муусукаҕа учуутала, аранжировщик, элбэх ырыалаах ырыа айааччы, тэрээһиннэри иилээн ыытар талааннаах уол. Компьютерщик, светооператор идэлээх, биир оҕолоох; Кеша Чириков – Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын тэрилтэтин үлэһитэ, спортсмен, саҥа ыллаан эрэр, кэргэннээх, биир кыыс оҕолоох; Айсен Ксенофонтов – хас да ырыалаах ааптар, спортинструктор. Афонялаах Айсен ырыа тылларын бэйэлэрэ суруйан матыыптыыллар эбит.

Соторутааҕыта, кулун тутарга Сайдыы олохтооҕо, хоһоонньут Мария Бурцева – Чуораана айбыт «Сардаана» диэн ис киирбэх хоһоонун Гаврил Акимов ырыа гынан көтүттэ, онон саҥа ырыа хас да нэһилиэккэ сүрэхтэннэ.

Дьааҥы уолаттарын ымыылаах ырыалара кэрэ дорҕоон буолан Дьааҥы очуостарынан айаннаан нэһилиэктэн нэһилиэккэ иһиллибититтэн дьон махтанна. «Уолаттар ааптарыскай ырыаларын таһынан норуот сөбүлээн истэр ырыаларын биирдиилээн, дуэтынан, квартетынан толордулар. Эдэрдэрэ, талааннаахтара, куоластара күүстээҕэ көрөөччүнү улаханнык сэргэхситтилэр. Сыанаҕа лиһигирэһэн тахсалларын, ырыалара, саҥараллара-иҥэрэллэрэ, тутталлара-хапталлара үчүгэйин, дуоспуруннааҕын киһи киэн тутта көрөр», – дииллэр көрөөччүлэр.

Ааспыт Үлэ сылын күһүнүгэр — алтынньы ыйга тэриллибит «AGAP_StuDio» иһинэн элбэх ырыаһыт киирэн ааһар, саҥаттан саҥа ырыа дорҕоонноро ыраахха тиийэ иһиллэллэр, үгүс элбэх тэрээһиннэргэ киэргэтэллэр. Ыллыыр ыччаттаах дойду ыллыга ыраатар, ыыра кэҥиир. Онон айар үлэ дьоно төрөөбүт дойду устуоруйатын кэрэ эйгэ нөҥүө таһааран сырдык санааны өссө да саҕа, күүскэр күүс эбэ, сөптөөх суолу сирдии турдуннар!

Раиса Чирикова

Читайте дальше