Быйыл ахсаана суох оҕону сырдыкка, кэрэҕэ, үтүө санааҕа иитэн таһаарбыт Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо сайдар киинэ номнуо 65 сааһын бэлиэтээри сылдьар. Ити сыллар устата төһөлөөх элбэх тахсыылаах, кыайыылаах үлэ-сыра, кэм-кэрдии ааспыта буоллар. Төһөлөөх элбэх үөрэҕи уонна үлэни өрө туппут үлэһит дьон кынат оҥостон салгыы киэҥ эйгэҕэ аттанан бэйэлэрин булан дьоллоннохторо.
Ол курдук, оҕо уһуйаанын онобула 1959 сылтан саҕаланар. Аан маҥнай 1959 сыл күһүнүгэр Адыаччы нэһилиэгэр урукку хонтуора дьиэтигэр оҕо саада арылларыгар былааннаан, оччотооҕу сельсовет секретара Потапова Татьяна Спиридоновна сүүрэн-көтөн, тэрийсэн, оройуон үөрэҕин салалтата иитээччини кэпсэтэн булан, курска ыытан бэлэмнээн ахсынньы ыйга биир бөлөҕүнэн аһыллыбыта. Сэбиэдиссэйинэн Табалаахтан көһөн кэлбит Прудецкая Степанида Игнатьевна, иитээччинэн ахсынньы ыйтан оройуоннааҕы үөрэҕирии салаатын бирикээһинэн Потапова Татьяна Герасимовна, оттон саҥа тэрилтэ бастакы сылын ньээҥкэтинэн Чирикова Анна Григорьевна үлэлээбиттэрэ. 1964 сыл күһүнүгэр финтехникуму бүтэрбит Потапова Мария Федоровна сэбиэдиссэйдээбит.
Сотору 1962 сыл сааскы кэмигэр Ленинград куоратыгар экономическэй институту бүтэрбит кийиит – Горохова Леонора Михайловна кэргэнин дойдутугар кэлэн оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ биллэр. Леонора Михайловна сэбиэдиссэйдиир кэмигэр Корнилова Христина Егоровна, Афанасьева Степанида Захаровна иитээччинэн үлэлии сылдьар кэмнэрэ. 1965-1968 сыллар устата оҕо тэрилтэтин салайарга анал эбии үөрэҕи барбыт Боруулаах оҕо саадын сэбиэдиссэйэ Юмшанова Мария Петровна – ССКП чилиэнэ кэлэн бэрт таһаарыылаахтык үлэлээн барбыт. Салайааччы, коммунист, киһи быһыытынан үлэһиттэриттэн оччотооҕу ирдэбилинэн толору үлэни ирдиирэ, сүбэ-ама биэрэрэ, тэрилтэтин туһугар кыһанара, анал үөрэҕэ суох иитээччилэри хайаан да эбии үөрэттэрэрэ диэн ыраатта дьон ахтар.
Оччолорго Партия чилиэнэ Компартия этиититтэн халбаҥныа суохтаах диэн бигэ бэрээдэк баара, онон, Мария Петровнаны дойдутун салалтата ыҥыран төннөр буолбута. 1968 сыл муус устар 20 күнүттэн ити сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр диэри олохтоох, зоотехник идэлээх Афанасьева Степанида Захаровна сэбиэдиссэй эбээһинэһин толорон үлэлээбитэ. Кэлин дойдутуттан Боронукка дьиэнэн көһөн, Степанида Захаровна оҕо саадын сэбиэдиссэйинэн ситиһиилээхтик үлэлээбитэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна буолбута, үлэлиир тэрилтэтэ холобурга сылдьара.
1971 сылтан 1978 сылга диэри Оройуоннааҕы комсомол комитетын секретарыгар тиийэ үүммүт уоттаах-төлөннөөх Ленин комсомолун лидерэ, Компартия чилиэнэ Слепцова Мария Дмитриевна салайбыта. Бу салайар үлэҕэ эппиэтинэстээх, ирдэбиллээх салайааччы этэ.
1978-1983 сыллар устата ветеринар-быраас уонна биолог идэлээх, оскуолаҕа уһуннук үлэлээбит Неустроева Елена Семеновна үлэлээн турар. ССКП чилиэнэ, олус үлэһит, киэҥ билиилээх, бэйэтэ толоругас уонна ирдэнэри толорторон тэйэр салайааччы этэ.
Онтон 1983 сыл алтынньы ыйыттан 2019 сыл тохсунньутугар диэри оҕо уһуйаанын СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Корнилова Христина Егоровна 35 сыл устата эҥкилэ суох салайбыта. Кини салайар кэмигэр 1994 сыллаахха бэйэтин уонна прораб-тутааччы Чириков Петр Афанасьевич бырайыагын кытта маҕаһыын саҥа фундаменыгар иккис нүөмэрдээх оҕо саадын корпуһун дьиэтэ тутуллубута, онтон ыла бэрт сотору оҕо уһуйаана икки дьиэҕэ арахсан бэрт ситиһиилээхтик үлэлээн кэлбитэ. Онтон 2003 сыллаахха оҕо саада «Муниципальнай экспериментальнай площадка» статуһун ылар, ону таһынан бу сылга оҕо саадын иһигэр аан бастаан сайыҥҥы чэбдигирдэр социальнай-педагогическай «Үнүгэсчээн» лааҕыр аһыллар. 2007 сыллаахха оҕо саада «Федеральнай пилотнай площадка ФИРО» статуһун көмүскүүр. Кэлэр 2008 сылга оҕо саада «Республикатааҕы экспериментальнай площадка» статуһун эрэллээхтик ылар. Элбэх кыайыыны, үрдүк ситиһиини ситиспит дьон убаастыбылын ылыан ылбыт сэбиэдиссэй буолар.
2019 сылтан үлэлии олорор кыраҕы хараҕынан саҥа көрүүлээх салалта саҥа саҕахтары өрүү көрдүүр уонна булар. Кэлэр 2020 сылтан оҕо уһуйаана саастарынан түөрт бөлөххө арахсан оҕону иитиигэ уонна үөрэтиигэ үлэтин салҕыыр. Күн бүгүн кырачааннары сэттэ иитээччи, биир музыкаҕа салайааччы, биир физическэй култуураҕа инструктор уонна биир уйулҕаһыт дьарыктыыллар, уһуйаллар. Бу сыл оҕо уһуйаана кэтэхтэн буолан ааспыт «Бастыҥ оҕо саада – 2020» оройуоннааҕы күрэххэ бочуоттаах 3 миэстэҕэ тиксэр.
Кэлэр 2021 сылтан тохтобула суох оройуон таһымыгар уһуйааччыларга аналлаах «Дьарыктаах лэпбук», «Бэйэ илиитинэн куукула тыйаатыра», «Бастыҥ дидактическай оонньуу» күрэхтэр, оҕо уонна уһуйааччы кыһалҕаларын быһаарар араас хайысхаларга семинардар ыытыллыбыттара.
Ааспыт 2023 сылтан В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолата хаарбах туруктааҕынан Адыаччытааҕы оҕо уһуйаанын маҥнайгы нүөмэрдээх куорпуһун дьиэтигэр бүтүннүү көһөн киирэр. Ол түмүгэр оҕо уһуйаана иккис нүөмэрдээх куорпус дьиэтигэр саҥа үөрэх дьылын бириэмэтигэр көрсөн үлэтин саҕалаабыта. Бу сыл оройуон иһигэр оҕо уһуйааннарын үлэлэрин, ситиһиилэрин түмүгүнэн бочуоттаах иккис миэстэнэн наҕараадаламмыта.
Быйыл Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана 65 сыллаах үбүлүөйэ Адыаччы нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр түбэһэн биэрдэ. Ол курдук нэһилиэккэ биир тутаах тэрилтэ буоларын быһыытынан олохтоох салалта оҕо уһуйаанын үлэтин бэркэ өйүүр, өйдүүр уонна сэргиир.
Инники былааннары сырдаттахха, сотору оройуон таһымыгар оҕо уһуйаана бары иитээччи идэлээхтэри, ийэ ааттаахтары дойдуга – Дьиэ кэргэн сылыгар анаан «Мин ийэбин уонна иитээччибин» күрэҕи ыытаары сылдьар. Маны таһынан оҕо уһуйаана араас сылларга үлэлэспит биир идэлээхтэриттэн ахтыы суругун хомуйуутун саҕалаата, сыл бүтүүтэ бар дьоҥҥо анаан кинигэ бэчээттээнэн тахсыахтаах. Өрүү баар буоллун – сырдык санаа, өрүү баар буоллун – үтүө санаа!
Константин Каженкин