Муус устар 12 күнүгэр – дойдуга Дьиэ кэргэн сылынан, быйыл Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо сайдар киинэ 65 сылыгар анаан Дьааҥыга оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору кытта алтыһар иитээччи идэлээх ийэлэргэ «Мин – ийэбин уонна иитээччибин» диэн аан бастакытын алта араас түһүмэхтэн турар оройуоннааҕы күрэх буолан ааста.
Оройуоннааҕы үөрэх салалтатын былааныгар киирбит сонун күрэххэ уопсайа түөрт нэһилиэктэн биэс кыттааччы кыттыыны ылла. Ол курдук, Баатаҕай үһүс нүөмэрдээх оҕо уһуйааныттан Лена Аммосова, Табалаах оҕо уһуйааныттан Мария Титова, Боруулаах оҕо уһуйааныттан Анна Иванова уонна Адыаччы оҕо уһуйааныттан Ольга Чирикова, Декабрина Андреева. Күрэх дьүүллүүр сүбэтигэр оройуоннааҕы үөрэх салалтатын уопсай үөрэхтээһинин отделын сүрүннүүр специалиһа Лариса Старостина, оройуоннааҕы үөрэх салалтатын иитэр үөрэхтээһинин отделын сүрүннүүр специалиһа Галина Потапова уонна оройуоннааҕы үөрэх салалтатын иитэр үөрэхтээһинин отделын салайааччыта, оройуон үөрэҕириитин профсоюһун бэрэссэдээтэлэ Татьяна Смирнова киирбиттэрэ.
Маҥнайгы түһүмэх – бэйэни билиһиннэрии. Бу түһүмэххэ хас биирдии иитээччи идэлээх ийэлэрбит уу сахалыы уус-уран тылынан үлэлэрин-хамнастарын, күннээҕи түбүктэрин, дьиэтээҕи дьарыктарын киэҥ хабааннаахтык Адыаччы бар дьонун уонна ыалдьыттарын иннигэр сырдаттылар. Сорох кыттааччылар алгыстаах алаадьынан, кымыһынан уонна үҥкүү доҕуһуоллаах саҕалаабыттара.
Иккис түһүмэх – дьиэтээҕи сорудах. Күрэх балаһыанньатыгар эрдэ суруллубутун курдук хас биирдии кыттааччы күрэххэ дьиэтээҕи сорудаҕы толорон аҕалара ирдэнэр диэн этэ. Сорудахха – Адыаччы нэһилиэгин 100 сылыгар, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана 65 сылыгар аналлаах быраһынньыктааҕы сонун торт аһы оҥоруута буолар. Ол курдук, хас биирдии асчыт ийэлэрбит ураты ойуулаах, сорҕото төрүт да уустук оҥоһуулаах бэйэлэрэ бэлэмнээн аҕалбыт үлэлэрин сиһилии кэпсээн, көрдөрөн дьон биһирэбилин ыллылар.
Үһүс түһүмэх – иитээччилэргэ бэйэ сатабыла. Маҥнайгы нүөмэрдээх кыттааччы Табалаах оҕо уһуйааныттан Мария Титова араас тэрээһиннэргэ, дьарыктарга туттуохха сөптөөх оҕолорго аналлаах кумааҕынан түөскэ кэтэр оҥоһук киэргэли хайдах оҥорору көрдөрдө. Иккис нүөмэрдээх кыттааччы Баатаҕай оҕо уһуйааныттан Лена Аммосова күөрчэҕи ытыйар маһы остуол оонньуута гына оҥорбутун кэпсээтэ, күрэххэ иитээччилэр көмөлөрдөөх тута оҥорон таһаарбыт оонньуутун тэрийээччилэргэ, ол эбэтэр Адыаччы оҕо уһуйааныгар бэлэх уунна. Үһүс нүөмэрдээх кыттааччы Боруулаах оҕо уһуйааныттан Анна Иванова Адыаччы нэһилиэгэ 100 сааһыгар анаан нэһилиэк эмблематын сүрүн кыылын – зоргелияны ойуулаан фетр матырыйаалга оҥорон таһаарары үөрэттэ, күрэххэ тута оҥорон таһаарбыт үлэтин эмиэ Адыаччы оҕо уһуйааныгар бэлэх туттарда. Төрдүс нүөмэрдээх кыттааччы Адыаччы оҕо уһуйааныттан Ольга Чирикова өйү-санааны тургутан, эрчийэн көрөр араас сорудахтардаах үлэни ыытан иһитиннэрдэ. Бэһис нүөмэрдээх кыттааччы Адыаччы оҕо уһуйааныттан Декабрина Андреева дьоппуон омук ыраатта айбыт “кинусайга” ньыматынан хартыыналары оҥорон таһаарар бэйэ сатабылын кытта үһүс түһүмэҕи түмүктээтэ.
Төрдүс түһүмэх – төрөппүттэргэ бэйэ сатабыла. Маҥнайгы нүөмэрдээх кыттааччы Табалаах оҕо уһуйааныттан Мария Титова тарбах көмөтүнэн сөпкө уруһуй түһэрэргэ, суруйарга үөрэттэ. Иккис нүөмэрдээх кыттааччы Баатаҕай оҕо уһуйааныттан Лена Аммосова оҕоҕо судургутук тигэн таһаарыахха сөптөөх оонньуу оҥоһук хаамыытын төрөппүттэринэн көмөлөһүннэрэн көрдөрдө. Үһүс нүөмэрдээх кыттааччы Боруулаах оҕо уһуйааныттан Анна Иванова фетр матырыйаал көмөтүнэн оҕоҕо оруоллаах оонньууга аналлаах оҥоһуктары оҥорон кэпсээтэ, Адыаччы оҕо уһуйааныгар иккис төгүлүн бэлэх уунна. Төрдүс нүөмэрдээх кыттааччы Адыаччы оҕо уһуйааныттан Ольга Чирикова оҕо доруобуйатын бөҕөргөтөр, эрчийэр муостаҕа тэлгэнэр массажеры хайдах оҥоруохха сөбүн төрөппүттэргэ иһитиннэрдэ. Бэһис нүөмэрдээх кыттааччы Адыаччы оҕо уһуйааныттан Декабрина Андреева туус көмөтүнэн уруһуй таһаарарга, сөпкө кырааскалыырга сонун бэйэ сатабылын кытта төрдүс түһүмэҕи түмүктээтэ.
Бэһис түһүмэх – талаан көрдөрүүтэ. Бу түһүмэххэ маҥнайгы нүөмэрдээх кыттааччы Табалаах оҕо уһуйааныттан Мария Титова бииргэ үлэлиир дьонун кытта таба кыыл туйаҕынан, муоһунан оҥорон таһаарбыт тыаска-ууска тэриллэрин тыаһатан, доҕуһуоллаан көрдөрдө, ону таһынан ыраатта муспут кыптыыйын коллекциятын билиһиннэрдэ. Иккис нүөмэрдээх кыттааччы Баатаҕай оҕо уһуйааныттан Лена Аммосова бэйэбит биир дойдулаахпыт, ырыаһыт уонна мелодист Николай Слепцов өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр «Кубалар» ырыатын ыллаан иһитиннэрдэ. Үһүс нүөмэрдээх кыттааччы Боруулаах оҕо уһуйааныттан Анна Иванова бииргэ үлэлиир дьонун кытта узбек омук үҥкүүтүн үҥкүүлээтэ. Төрдүс нүөмэрдээх кыттааччы Адыаччы оҕо уһуйааныттан Ольга Чирикова соҕотоҕун тахсан эбээн норуотун үҥкүүтүн үҥкүүлээн бэлэхтээтэ. Бэһис нүөмэрдээх кыттааччы Адыаччы оҕо уһуйааныттан Декабрина Андреева чугас балтын Туяра Анисимованы кытта эдэр дьон сөбүлээн истэр «Ыытабын» диэн ырыаны бииргэ ыллаан иһитиннэрдилэр уонна бэһис түһүмэҕи түмүктээтилэр.
Алтыс түһүмэх – киэһээҥҥи уобарас. Биллэн турар, бары ийэлэр уонна иитээччилэр кэрэ көстүүлээх буолаллара булгуччулаах. Ол этиини кытта хас биирдии кыттааччылар киэһээҥҥи уобараска кубулуйан кэрэ эйгэҕэ дьоһуннаахтык үктэнэн чахчы ураты бэйэлэрин көрдөрдүлэр. Алтыс түһүмэҕинэн күрэх түмүктэнэр чааһа тиийэн кэллэ. Дьүүллүүр сүбэ бастыҥнары быһаарар кэмигэр ылбаҕай ырыаларынан Адыаччы оҕо уһуйаанын кэрэ аҥаардарын ансаамбыла, Тамара Чирикова, Мария Новгородова, Константин Каженкин, Баатаҕай оҕо уһуйааныттан Анжелика Слепцова, нэһилиэк биллэр ырыаһыта Гаврил Акимов киэргэттилэр.
Бары да кыттааччылар хас түһүмэх аайы күүстээхтик, эппиэтинэстээхтик бэлэмнэммиттэрэ илэ көстөр. Онно сиэттэрэн бастыҥнары, кыайыылаахтары быһаарар хаһан баҕарар уустук, ол иһин дьүүллүүр сүбэ үлэтэ икки бүк ыарахан. Субу санаалыын сөпсөһөр күрэҕи сыаналаабыт дьүүллүүр сүбэ эҕэрдэ тылын кытта кыайыылаахтары салгыы маннык быһаарда. Ол курдук, «Талба талааннаах ийэ» анал аат кыайыылааҕынан Табалаах оҕо уһуйааныттан Мария Титова буолла. Анал аат кыайыылааҕа Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэлиир «Теремок» маҕаһыыныттан 4000 солкуобайдаах туоһу суругу бэлэх тутта. Күрэх үһүс бочуоттаах үрдэлигэр Боруулаах оҕо уһуйааныттан Анна Иванова ааттанна. Иитээччи идэлээх ийэ Анна Иванова Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэлиир «Теремок» маҕаһыыныттан 5000 солкуобайдаах туоһу суругу ылла. Күрэх иккис бочуоттаах үрдэлигэр Баатаҕай оҕо уһуйааныттан Лена Аммосова таҕыста. Иитээччи идэлээх ийэ Лена Аммосова Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэлиир «Теремок» маҕаһыыныттан 6000 солкуобайдаах туоһу суругу тутта. Күрэх маҥнайгы бочуоттаах үрдэлигэр Адыаччы оҕо уһуйааныттан Декабрина Андреева буолла. Иитээччи идэлээх ийэ Декабрина Андреева Баатаҕай бөһүөлэгэр үлэлиир «Теремок» маҕаһыыныттан 7000 солкуобайдаах туоһу суругу тутта. Онтон күрэх муҥур кыайыылааҕынан Адыаччы оҕо уһуйааныттан Ольга Чирикова ааттанна. Муҥур кыайыылаах оройуон үөрэҕириитин профсоюһун бэрэссэдээтэлиттэн Татьяна Смирноваттан 10000 солкуобайы уу харчынан илиитигэр ылла.
Ити курдук, аан бастакытын ыытыллыбыт уһуйааннарга сонун буолар оройуоннааҕы күрэх үтүө ааттаахтык түмүктэннэ. Күрэх кэннэ тэрийээччи Адыаччы оҕо уһуйаана бары кыттааччылары уонна ыалдьыттары көр-нар оонньуулардаах бырааһынньыктааҕы остуолга ыҥырбыта. Бүгүҥҥү ситиһиилээх сэргэх күн сүргэҕитин көтөхтүн, инникитин даҕаны түбүгүрбүт түмүктээх, сүпсүгүрбүт сүүйүүлээх, хамсаммыккыт хайҕаллаах буолуохтун диэн баҕа санааны кытта кыттааччылар уонна ыалдьыттар тарҕастылар. Туругурдун Дьааҥыга – үөрэх, туругурдун Дьааҥыга – кэрэ эйгэ!
Константин Каженкин