Адыаччыга дойдуга тапталы, патриотизмы оҕолорго иҥэрэр тэрээһин

Үүммүт саҥа нэдиэлэ бастакы күнүгэр оройуоннааҕы дьаһалта салалтата, ону кытта оройуоннааҕы үөрэх салалтата, Адыаччы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтата уонна В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын тэрийиилэринэн, эрдэ киирбит уопсай былааннарынан аан бастакытын Дьааҥы сиригэр, чуолаан Адыаччыга «Эдэр хоһуун кууруһа» диэн оскуола саастаах оҕолорго байыаннай-полевой хомуур күннэрэ саҕаланна.

Сонун тэрээһин быйыл Дьааҥыга биллэриллибит онобул уонна Адыаччы 100 сыллаах үбүлүөйүгэр ананар. Эдэр хоһуун кууруһа Адыаччы нэһилиэгин олохтоох дьаһалтатын уонна Адыаччы нэһилиэгин баһылыга, байыаннай хамсааһын бэтэрээнэ, анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕа Вячеслав Слепцов тус көҕүлээһиннэринэн ыытыллар.

Тэрээһин сүрүн сыала-соруга – оскуола үөрэнээччилэригэр, ол эбэтэр хомуур кыттааччыларыгар Аҕа дойдуну көмүскүүргэ байыаннай-прикладной үөрүйэҕи олохтооһун буолар. Кыттыыны бастакы хомуурга ылаллар В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын 8-11 кылаас үөрэнээччилэрэ. Тэриллибит хамаанда салайааччыларынан, ыытыллыахтаах дьарыктар инструктордарынан В.С. Чириков аатынан Адыаччы орто оскуолатын учууталлара –Аким Акимович Акимов, Юрий Валерьевич Рубцов уонна Максим Иванович Стручков ананнылар. Ону таһынан, байыаннай хомуурга медицинскэй үлэһитинэн Адыаччытааҕы балыыһа амбулаториятыттан Анастасия Гаврииловна Чирикова киирдэ.

Икки күннээх тэрээһин бөһүөлэктэн ырааҕа суох, дьон-сэргэ бэркэ билэр Хатырык сиригэр-уотугар ыытыллыаҕа. Улахан сүдү күүстээх санааны уһугуннарар хомуур хаачыстыбалаахтык ыытылларын туһугар анал байыаннай таҥастан-саптан саҕалаан туттар тээбириннэргэ, сээкэйдэргэ тиийэ үбүлээһиҥҥэ оройуон салалтатын өйөбүлүнэн барыта тута кэмигэр ылыллыбыта.

Байыаннай хомуур аһыллыытын үөрүүлээх чааһыгар оройуон салалтатыттан анаан-минээн оройуоннааҕы үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Иван Николаевич Попов бары тэрээһин кыттааччыларын эҕэрдэлээн туран саҥа саҕахтары арыйар хомуур тус бэйэлэригэр сүрүннээн олорор сири үөрэтээһини таһынан ийэ дойдуга тапталы, патриотизмы хайаан да иҥэриэҕэ диэн эрэл санааларын тиэртэ. Салгыы Адыаччы нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Саргылаана Николаевна Стручкова эҕэрдэтин кытта сайыҥҥы ыйдарга ыытыллыахтаах тэрээһин оройуон иһинэн ойуурдар баһаардара тураннар, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибит төрүөтүнэн сатаан кыайан болдьохтоох кэмигэр ыытыллыбатаҕын иһитиннэрдэ. Ону кытта оройуон салалтатыгар дириҥ махталын этэн туран инники өттүгэр оҕо лааҕырын олоҕо нэһилиэккэ тэриллэрэ буоллар диэн баҕа санаатын эттэ. Адыаччы орто оскуолатын директорын солбуйааччыта Евдокия Петровна Стручкова эҕэрдэтин кытта нэһилиэк, оройуон чахчы онобулугар киирэр улахан суолталаах тэрээһин саҕаланан эрэрин бэлиэтээтэ уонна кыттааччыларга инники өттүгэр ыытыллан эрэр хомуур дьиҥнээх саха буойуна буоларга чахчы да олук ууруоҕа диэн баҕа санаатын тиэртэ.

Бүттүүн нэһилиэнньэ иннигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытыллыбыт аһыллыы чааһын чиэстээхтик араас сыллардааҕы кыайыыга сирдиир, кынаттыыр бэйэ дойдубут киэн туттар ырыалара уонна сүрэхпитигэр мэлдьи илдьэ сылдьар бүттүүн дойдубут, Сахабыт сирэ, оройуон гиимнэрэ иһилиннилэр. Эдэр хоһуун кууруһун кыттааччыларын алын кылаас үөрэнээччилэрэ, оскуола учууталлара уонна төрөппүттэрэ олохтоох дьаһалта дьиэтин инниттэн атаардылар.

Төрөөбүт дойдубутугар эйэлээх санааны харыстыыр, байыаннай бэлэми эрдэттэн көрдөрөр хомуур тэрээһинэ бастакы сылын ыытыллар күннэрэ кэлэ оҕустулар. Инники өттүгэр оройуоммут араас нэһилиэктэриттэн оскуола үөрэнээччилэрэ – эдэр хоһууннар хайаан да кэлиэхтэрэ, кыттыыны көхтөөхтүк ылыахтара диэн баҕа санаабытын этэ хаалабыт. Туругурдун Дьааҥыга – күүстээх санаа, туругурдун Дьааҥы – эдэр хоһуун кууруһа!

Константин Каженкин

Ааптар бэйэ хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Читайте дальше