Адыаччыга – бензовоз сырыыта

Быйыл Адыаччы нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах улахан тэрээһиннэри таһынан бөһүөлэк иһигэр сонун ааттаах үтүө дьыала үлэтэ кытта тэҥҥэ ыытыллар. Бу сырыыга бөһүөлэккэ өргө диэри оҥоһуллубатах Баатаҕайтан бензовоһунан бензин киллэриитин уонна атыылааһынын өҥөтө бар дьон туһугар кулун тутар 28 күнүгэр оҥоһулунна.

Төһө да Бөтөҥкөс бөһүөлэгэ оройуоммут киин бөһүөлэгиттэн наһаа тэйиччи буолбатаҕын иннигэр — бензин киллэриитэ, таһыыта ардыгар эмиэ ыарахаттардаах дьыала. Үлэ күннэрин ахсын дьону тиэйэр такси өҥөтүн суоппардара туора дьоҥҥо төһө кыалларынан киллэрэ сатыыллар, аны туран бэйэ транспордаах өттүгэр бүгүҥҥү тыа сирин киһитигэр эмиэ атын кыһалҕаны быһаарар наада баһаам буоллаҕа. Ол да иһин нэһилиэккэ бу чахчы хаама сылдьар баар кыһалҕаны бэлиэтии көрбүт Адыаччы аҕа баһылыга Вячеслав Слепцов көҕүлээһининэн «Саханефтегазсбыт» акционернай уопсастыба оройуоннааҕы филиалын тэрилтэтин салайааччытын Стручков Егор Егоровиһы кытта биир тылга киирэн уонна сөбүлэһэн бөһүөлэккэ сонун үтүө дьыаланы дьоһуннаахтык ылсан толордулар.

Эрдэ биллэриллибит бөһүөлэккэ сонун өҥөнү транспоры баһылаабыт уолаттар, эр дьоннор олохтоох дьаһалтаҕа бириэмэтигэр суруттара охсон, ону таһынан бензины куттар буочукаларын хайыы үйэ биир сиргэ эрдэ бэлэмнээбиттэрэ. Ол гынан бензовоз кэлэр болдьохтоох күнүгэр уопсайа аҕыйаҕа суох 55 буочуканы 48 киһи куттан, киин бөһүөлэк сыанатынан тута атыылаһан ыллылар. Дьоһуннаах өҥөнү туһанан үөрбүт-көппүт дьон ахсааныгар Алыһардаах учаастагын олохтоохторо кытта киирэн тураллар. Өссө даҕаны инникитин бензовоз өҥөтө бөһүөлэккэ хаһан эмит кэлэн барарыгар баҕа санааларын бар дьон этэ хааллылар.

Санатар эбит буоллахха, соторутааҕыта бөһүөлэк дьонугар оҕуруот биир күндү үүнээйитэ – хортуоска удамыр сыанаҕа атыытын өҥөтө оҥоһуллубута, ол иннинэ Дьокуускай куорат сыанатынан аан бастакытын тутуу матырыйааллара бириэмэтигэр тиэллэн кэлэн бар дьоҥҥо түҥэтиллибитэ. Ити курдук, Адыаччы нэһилиэгэ атын нэһилиэктэртэн хаалсыбакка сонун үлэлэри, өҥөлөрү толкуйдаан, ыһыктыбакка ыҥыран, сөбүлэһэн олоххо киллэрэ турара хайҕабыллаах.

Инники былааннарга нэһилиэк 100 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан сонун күрэхтэһиилэрдээх сааскы кэми көрсүү тэрээһинэ, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаана 65 сыллаах үбүлүөйүн көрсө тэрийэр «Мин – ийэбин уонна иитээччибин» оройуоннааҕы күрэх, оттон нэһилиэк төрүттэммит күнүгэр – ол эбэтэр от ыйын 6 күнүгэр түбэһиннэрэн улахан Ыһыах бырааһынньыга уонна да атын тэрээһиннэр бар дьон иннигэр ыытыллыахтара. Соторутааҕыта аҥаардас ааһан эрэр кулун тутар эрэ ыйыгар, ол эбэтэр биир эрэ ый кэриҥэ иһигэр оройуон үрдүнэн таһымнаах өргө диэри Бөтөҥкөс бөһүөлэгэр ыытылла илик «Өбүгэ оонньуулара – 2024», ону кытта спорт бэтэрээнэ, биир дойдулаахпыт Александр Аммосов бирииһигэр номнуо ахсыс төгүлүн эр дьон уонна дьахталлар хамаандаларыгар волейбол күөн күрэһэ курдук улахан тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык буолан аастылар. Онон эрэ муҥурдаммакка былааҥҥа сырдатыллыбытын курдук нэһилиэк салалтата салгыы улахан күрэстэри уонна тэрээһиннэри ыытарга бэлэм олорор.

Биллэн турар, маннык үтүө өрүттээх үлэлэр уонна өҥөлөр тыа сиригэр элбэҕи быһаараллар, бүтүн нэһилиэги сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээхтик кэскиллииллэр. Оннук сыаллаах-соруктаах күн бүгүн үлэлии-хамсыы олорор Адыаччы нэһилиэгин олохтоох салалтата тиһэҕин быспакка нэһилиэк олохтоохторун күннээҕи кыһалҕаларын үһүс хараҕынан таба көрөн, үөрэтэн баран хайаан да ситиһэр туһугар салгыы үлэлэһэллэрэ, ылсаллара саарбаҕа суох.

Константин Каженкин

Читайте дальше