Адыаччы нэһилиэгэр саҥа талыллыбыт баһылык Вячеслав Слепцов инники үлэтин торумнарын кэпсээтэ

Арассыыйа Федерациятын, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцияларыгар уонна сокуоннарыгар, уураахтарыгар, ону тэҥэ нормативнай актарыгар олоҕуран, Дьааҥы улууһун дьаһалтатын, Дьокутаат сэбиэтин быһаарыыларынан уонна олохтоох нэһилиэк дьаһалтатын Устаабынан былааннаах үлэлэр чэрчилэринэн, нэһилиэк сайдыытыгар, кыһалҕалары туоратыыга нэһилиэк баһылыгын үлэтигэр киирэр дьаһалларга сыһыаран элбэх ыйытыктар үөскүүллэр. Б.дь. балаҕан ыйынааҕы быыбарыгар талыллыбыт «Адыаччы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын баһылыга Вячеслав Вячеславович Слепцов ыйытыктарга хоруйдууругар көрдөстүбүт.

– Вячеслав Вячеславович, баһылыкка турунуу эйиэхэ туох санааттан саҕаламмытай?

– Анал байыаннай эпирээссийэ толоонугар сылдьар кэмнэрбэр «Кыргыһыыга өлөн-хаалар дьылҕалаах эбит буоллахпына, дьоммор-сэргэбэр туох да үтүөнү оҥорон хаалларбакка барабын дуо?» диэн санаа дууһабын аймаабыта. Ол өлүү уонна тыыннаах хаалыы мөккүөрүгэр сылдьан, кэннибиттэн төрөөбүт дойдубар, дьоммор-сэргэбэр туох эрэ үтүөнү, туһалааҕы хаалларар наадалааҕын уонна олох суолтатын дьиҥнээхтик өйдөөбүтүм. Ол иһин нэһилиэкпэр баһылыгы талыы быыбарыгар хандьытаакка туруммутум.

– Нэһилиэк араас хайысхаларынан сайдар-үүнэр. Олортон биир сүрүннэрэ тутуу боппуруоһа буолар. Бу хайысхаҕа эн туох көрүүлээххиний?

– Нэһилиэкпит сүрүн кыһалҕалаах боппуруоһа – оскуола, оҕо саада эргэрэннэр, оҕо үөрэнэригэр, сылдьарыгар ирдэбилгэ сөп түбэспэттэрэ буолар. Онон оҥоһуллубут бырайыагынан оскуола-сад тутуллуута түргэтииригэр күүспүн ууруом диэн соруктаахпын. Маны таһынан, нэһилиэк бар дьоно, ыччата, оҕо-аймах мустар тэрилтэтигэр — спорт уонна култуура дьиэтин ититиигэ хапытаалынай өрөмүөн ыытыллыыта наадалааҕын бэлиэтиибин. Балары таһынан уулуссалары сырдатыы, спортивнай, оҕо уонна култуура дьиэтин территориятын былаһааккаларын эбии тупсарыыны көрөбүн. Уонна биир боппуруоһунан хаарбах туруктаах дьиэлэри анал бырагараамаҕа киллэрии буолар.

– Уһун кыһыннаах, кылгас сайыннаах хоту дойду тыатын сиригэр Олох-дьаһах хаһаайыстыбатын боппуруоһа куруук инники турар. Маныаха, нэһилиэккэр туох уларытыыны, эбиини былааҥҥар киллэрэҕин?

– Бөһүөлэк сылтан сыл улаатар, элбэх дьиэ тутуллан киирэр. Онно биир үлэлии турар кыбартаалынай хочуолунай дьиэни барытын итиинэн сатаан хааччыйбатын быһыытынан, эбии хочуолунай тутуутун туруорсуу биир бастакынан турар боппуруоспут буолар. Даҕатан эттэххэ, сайыҥҥы уунан хааччыллыы үчүгэйдик үлэлиир, ол эрээри тохтоло суох ууну биэриитин хааччыйыы соруга баар.

– Нэһилиэнньэ үлэнэн хааччыллыыта ханнык да нэһилиэк олоҕун сүнньэ буолар – бу аччыгый, орто биисинэс сайдыыта нэһилиэнньэ дьарыктаах буолуутун тосхоллуур суол. Манна эн туох көрүүлээххиний?

– Дьаһалта өттүттэн доҕус биисинэһи, бэйэ дьарыктаах буолуутун өйөөһүн – субсидия, грант ылалларыгар көмөнү тэрийии үлэм былааныгар киириэҕэ.

– Нэһилиэнньэ доруобуйатын тупсарыы, харыстааһын демография бэлиитикэтин бастакы хардыыта диэххэ сөп. Болдьоҕо ааспатах сибиэһэй аһынан хааччыйыы, бородууктаны удамыр сыанаҕа атыылааһын эмиэ биир тутаах боппуруос эбит буоллаҕына, бу өттүгэр туох көрүүлээххиний?

– Бастакытынан, нэһилиэнньэни оҕуруот сибиэһэй аһынан хааччыйыыга дуогабар быһыытынан тустаах тэрилтэни кытта кэпсэтиһэн, «Күөх эриэйистэри» оҥоруу ыытыллыаҕа.

– Нэһилиэнньэни ыраас иһэр уунан хааччыйыы боппуруоһа турбута син ыраатта диэххэ сөп. Бу ыйытык нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа бастакытынан турар кыһалҕа буоларынан, тугу былаанныыгын?

– Оннук. Адыаччы үрэх баһыгар үлэлиир артыаллар Адыаччы нэһилиэнньэтигэр уонна айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһылларын туһугар уопсастыбаннай хонтуруол тэриллэн үлэлиэхтээх. Ыраас уунан хааччыйыыга ууну ыраастыыр тэрили туруоруу үлэтин түргэтэтиигэ ылсыһыыны көрөбүн.

– Адыаччы нэһилиэгиттэн элбэх оҕо Дойду араас муннуктарыгар, куораттарыгар үөрэнэр. Устудьуоннарга уонна талааннаах оҕолорго, ыччаттарга төрөөбүт дойдуларыттан көмө эн былааҥҥар киирэр дуо?

– Оскуола оҕолоро биир кэлим эксээмэни ситиһиилээхтик туттаран, үөрэххэ киирэн, сөптөөх идэни баһылыылларын туһугар Хотугу-Илиҥҥи Федеральнай үнүбүрсүтүөт преподавателлэрин ыҥыран, кыһыҥҥы уонна сайыҥҥы профильнай оскуолалары тэрийиигэ Адыаччы орто оскуолатын кытта ситимнээх үлэни тэрийии саҥа көлүөнэни олоххо бэлэмнииргэ кэскиллээх суол дии саныыбын. Маны таһынан үөрэнэ сылдьар устудьуоннарга биир кэмнээх көмө оҥоруу үтүө үгэскэ кубулуйуохтаах.

– Билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэ маассабай спордунан, физическэй култууранан дьарыктанарыгар сөптөөх усулуобуйа тэриллэр. Адыаччы нэһилиэгин ыччаттара тустууга, чэпчэки атлетикаҕа, волейволга биллэр көрдөрүүлээхтэр. Саҥа үүнэн эрэ оҕолорго спортка суол арыйалларыгар ханнык суол баарын көрөҕүн?

– Спорт сайдыытыгар көмө баар буоллаҕына спортсмен ыыра кэҥиир. Онон спортка дьоҕурдаах, ситиһиилээх, үүнэн эрэр спортсменнар киин улуустарга баран хомуурданалларыгар, кыалларынан, көмөлөһүү ыытыллыаҕа.

– Дойдуга буола турар балаһыанньа сүнньүнэн, анал байыаннай дьайыыга сылдьар дьоҥҥо, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр өрөспүүбүлүкэ, улуустар улахан өйөөһүнү оҥороллор. Бу дьаһалга ханнык үлэни, дьаһалы былаанныыгын?

– Анал байыаннай дьайыыга мобилизацияламмыттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр олохторугар-дьаһахтарыгар тиһигин быспакка көмө араас көрүҥэ аан бастакынан ыытыллыахтаах. Ону таһынан элбэх оҕолоох ыаллар аҕаларын, кырдьаҕас төрөппүттэрин көрөр-харайар дьону мобилизацияҕа сокуонунан хабыллыбат бырааптарын тутуһууга уопсастыбаннас хамсааһынын тэрийии барыаҕа.

– Нэһилиэк сайдыытын туһугар үлэлээбит-хамнаабыт бэтэрээннэргэ, аҕам саастаах дьоҥҥо дьаһалта өттүттэн болҕомтоҕо ыларгытыгар туох былааннар туралларый?

– Кырдьаҕастарбытыгар болҕомто куруук ууруллар, ол үлэ тэрээһинэ салгыы барыаҕа.

– Үлэҕэ, үөрэххэ, ону тэҥэ күннээҕи олоххо-дьаһахха сибээс ситимэ сүрүн миэстэни ылар. Адыаччы нэһилиэгэр сибээс сайдыытыгар тугу көрөҕүн?

– Нэһилиэнньэҕэ Билайн суотабай сибээһи тупсарар сыалтан эбии базовай ыстаансыйа туруоруутун ситиһии былааҥҥа турар.

– Тыа сиригэр суол-иис тутуута нэһилиэк сайдыытын биир сүрүн хайысхата буолар. Бу боппуруоска туох былааннааххыный?

– Бөтөҥкөс – Баатаҕай суолун тупсарыыга улуустааҕы суол Пуондатын кытта бииргэ үлэлээһин ыытыллыаҕа. Ааспыт сылга тахсыбыт мотуохтан суол, ону таһынан быһыт кэбирээһинэ тахсыбыта. Адыаччы үрэх кытылыгар даамба-суолу кэҥэтии, бөҕөргөтүү, Алыһардаахха күөл быһытын оҥотторуу былааннаах үлэ быһыытынан ыытыллыаҕа. Улуус дьаһалтатыгар туруорсан Алыһардаах – Бөтөҥкөс сайыҥҥы суолун оҥотторуу киириэҕэ. Биир боппуруоһунан Тимирдээх, Саамаллаах үрүйэлэргэ күргэ тутуута, ону кытта, кэмиттэн кэмигэр, бу үрүйэлэр уонна Адыаччы үрэх кыһыҥҥы сыырдарын оҥоруу ыытыллыаҕа.

– Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар ыытыллыахтаах үлэлэртэн кэпсии түһүөҥ дуо?

– Тыа хаһаайыстыбата урукку кэмнэргэ нэһилиэк тирэҕэ, тутуллар тутааҕа буолара. Ол үгэс салҕаныытыгар, аныгы сиэринэн 25 төбөлөөх ынах пиэрмэтин тэрийиини көрөбүн – бу сүөһү ахсаанын энчирэппэккэ тутан турууга, элбэтиигэ уонна үлэ миэстэтин таһаарыыга тоҕоостоох дии саныыбын. Нэһилиэнньэ сибиэһэй үрүҥ аһынан хааччыллыытыгар үүт ас бородууксуйатын миэстэтигэр оҥорон таһаарарга анал сыах тэрийиини былаанныыбын уонна биир үтүө көрүҥүнэн бааһынай хаһаайыстыбаларга, сүөһү, сылгы ииттэр хаһаайыстыбаларга чэпчэтии – субсидия, грант ылалларыгар көмөнү тэрийии ыытыллыаҕа.

Вячеслав Вячеславович: «Дьон кыайбатаҕын барытын кыайыам диэн быһа эппэппин, нэһилиэк бар дьонун-киһитин кытта биир сүбэнэн баар кыһалҕалары быһаарарга, туоратыыга дьулуһуом», – диэн дьоһуннук быһаарар. Ханнык да дьаһалларга, туруоруллубут боппуруостары быһаарыыга үлэҕэ дьиҥнээхтик эриллибит, уоппуттаах, мындыр өйдөөх дьону түмэн, «Нэһилиэк сүбэтэ» тэринэн нэһилиэкпит сайдарын туһугар биир хайысханан үлэлиири көрөрүн эттэ.

Вячеслав Вячеславович Слепцов кулун тутар 20 күнүгэр 1992 сыллаахха төрөөбүт эдэр салайааччы. 2010 сыллаахха Приморскай кыраай 60-нус танковай биригээдэтигэр сулууспалаабыта. 2022 сыл балаҕан ыйын 26 күнүгэр анал байыаннай операцияҕа мобилизацияламмыта. Приморскай кыраайга ДШБ-83 биригээдэтигэр учуопкатын ааһан, Ростовка 60-нус разведгруппаҕа старшайынан анаммыта. Ол күнтэн кини анал байыаннай операцияҕа бойобуой олоҕо саҕаламмыта. Вячеслав Вячеславович олоҕун саҥа түһүмэҕигэр – Адыаччы нэһилиэгин баһылыга буолуутугар элбэх үлэ кинини кэтэһэр. Нэһилиэгэ сайдыытыгар саҥа ыллыктаах былааннара олоххо киириэхтэрэ.

Раиса Чирикова

Читайте дальше