Дьиэ кэргэн дьоло өйдөһүүттэн, өйөһүүттэн

Марина Ивановна уонна Григорий Максимович Гороховтар Табалаах нэһилиэгин биир ытык-мааны ыала, 50 сыл бииргэ олохторун холбоон, оҕо-уруу тэнитэн, алаһа дьиэ тэринэн нус-хас олорор тыа сирин ыала, аҕыс оҕо тапталлаах төрөппүттэрэ.

Марина Ивановна Табалаах нэһилиэгэр 1952 сыл ыам ыйын 9 күнүгэр холкуостаах дьиэ кэргэҥҥэ иккис оҕонон күн сирин көрбүт. «Оскуола кэнниттэн дояркалаабытым, сопхуос эстиэр диэри үлэлээн, тохтообутум. Кэргэним Элгэскэ 1950 сыл эмиэ ыам ыйын 9 күнүгэр төрөөбүтэ.  Манна 1972 сыллаахха үөрэҕин бүтэрэн, дизелиһынан үлэлии кэлбитэ. Ол кэлэн, билсэн дьылҕабыт суолун 1975 сыллаахха холбоон, быйыл саас 50 сыллаах көмүс сыбаайбабытын ыраахтан-чугастан аҕыс оҕобут бары кэлэн тэрийэн ыыппыттара», — диэн кэпсиир дьоллоох ийэ.

Гороховтар улахан кыыстара Оксана Потапова быйыл сэтинньи 4 күнүгэр 50 сааһын туолар. Билигин Адыаччы оҕо саадын бухгалтера. Икки оҕолоох, биир кыыс сиэннээх. Иккис кыыс Алена Слепцова Сартаҥҥа олорор, олохтоох дьаһалтаҕа үлэлиир. Түөрт уоллаах. Улахан уоллара Максим Амма Соморсунугар ыал буолан олорор. Тутууга үлэлиир, үс оҕолоох. Иван Дьокуускайга олорор, эмиэ үс оҕолоох. Григорий Табалаахха олорор, оскуола дириэктэрэ, үс уоллаах. Бүөтүр Сунтаарга, ГАИ үлэһитэ, биир оҕолоох. Александр нэһилиэктээҕи ОДьКХ-ҕа үлэлиир, түөрт оҕолоох. Ыал кыра кыыһа Верона Табалаахха олорор, икки уоллаах. «Биһигини көрөр-истэр», — дииллэр төрөппүттэрэ.

Хас биирдии дьиэ кэргэн үгэстээх, биир сомоҕо буолар күүстээх. Элбэх оҕолоох Гороховтар: «Кырдьаҕас ыал сиэринэн саха үгэһин, итэҕэлин тутуһабыт», — диэн үллэстэллэр. «Айылҕа оҕолорунабыт. Эһэкээммитин ытыктыыры, сири-уоту аһатары оҕолорбутугар иҥэрэбит, оннук үөрэтэн кэллибит. Бэлиэ күннэргэ алаадьы, саламаат астаан күндүлүүбүт, эһэкээммитин аһатабыт. Оҕолорбутунаан саас, күһүн сайылыкпытыгар тахсан айылҕалыын алтыһабыт. Кыайан сылдьар эрдэхпитинэ сир астыы бары тахсааччыбыт. Элиэр эрдэхпинэ туох баар уопастыбаннай тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар этим. “Илгэ” түмсүү чилиэнэбин. Иискэ, кэнсиэрдэргэ барытыгар сүүрэрим», — диэн кэпсиир Марина Ивановна.

Оҕону иитиигэ Гороховтар эдэрдэргэ сүбэлэрэ: “Таптаан уонна сүбэлээн, барыга бары бэйэ холобурунан үлэлэтэн, оонньотон тэбис-тэҥҥэ илдьэ сылдьан улаатыннарыҥ, кини эмиэ кыра киһи диэҥ диэхпит этэ. Биһиги Сэбиэскэй тутул оҕолоро оннук иитэн дьон оҥортообуппут. Оҕолорбутун кыыс, уол үлэтэ диэн араарбакка, ынах ыатан, мас хайыттаран, туруортаран, үлэһит киһи өлөн, охтон биэрбэт диэн принциптээх этибит”.

“Уһуннук бииргэ эйэ-дэмнээхтик олоруу кистэлэҥэ, дьиэ кэргэн дьоло туохха сытарый?”, — диэн интэриэһиргиибин. «50 сыл бииргэ олорбутум устата дьиэ кэргэн дьоло өйдөһүүттэн, өйөһүүттэн, биир сүбэнэн олорортон тутулуктаах дии саныыбын. Онуоха эбии эйэҕэс, элэккэй буолан, элбэх өйөбүл тирэх буолар доҕоттордоох, аймахтардаах улахан дьол. Онон биһиги аҕабыт Григорий төрөөбүт аҕатыттан чороҥ соҕотох киһи — билигин биир бэйэтэ 50-ча ыччаттанан, кийииттэри, күтүөттэри, сиэннэри, хос сиэннэри аахтахха, араас улуус аайы Гороховтары элбэтэн, дьоллоох дьоһун оҕонньор. Быйыл ыам ыйыгар 75 сааһын туолбута», — диэн наһаа мындырдык кэпсэтиибитин түмүктээтэ элбэх оҕо ийэтэ, тыа сирин дьоллоох кэрэ аҥара, ытыктанар киһитэ Марина Ивановна Горохова.

Киэн туттабыт маннык үтүө үлэһит дьонунан, бэйэлэрин үтүө холобурдарынан оҕолорун ииппит бастыҥ ыалынан. Дьоллоох буолуҥ, этэҥҥэ сылдьыҥ, ытык дьоммут!

Надежда Горохова