Ытыктабыллаах Дьааҥы улууһун олохтоохторо, үтүө-мааны биир дойдулаахтарым!

Кэлин сылларга биһиги Дьааҥыбыт улууһугар саас, сайын уот турар аймалҕанын, ороскуотун, эрэйин көрсөрбүт элбээн, улаатар иһэр буолла. Былырыыҥҥы, 2024 сыл сайынын, уотун аймалҕанын бары өйдүүбүт. Быйылгы 2025 сыллааҕы сааспыт-сайыммыт эмиэ уот-баһаар аймалҕанын, түбүгүрүүтүн, ороскуотун доҕуһуолунан саҕаланна.

Ыам ыйа саҥа арылынна эрэ да, улуус үрдүнэн нэһилиэк ахсын кэриэтэ уоттар тураннар, өрөспүүбүлүкэ, Арассыыйа таһымынан баһаардарбытынан билиннибит. Номнуо ыксаллаах балаһыанньа биллэрэргэ, Дьокуускайтан анал сулууспалары ыҥырарга күһэлиннибит. Манна ордук абалааҕа баар, бу уот-баһаар тахсыыта бүгүн барыта бэйэбититтэн, улуус сорох олохтоохторо эппиэтинэһэ суохтарыттан, дьалаҕайдарыттан буола турар.

Күн бүгүн улуус территориятыгар ардах түһэ илик, этиҥ-чаҕылхан буола илик. Турбут уот, ойуур баһаардара барыта олохтоох дьоммут сыһыыга, ойуурга уоту сэрэҕэ суох туттууларыттан. Күн бүгүҥҥэ диэри сорох дьон сир-дойду, тыа-ойуур куура хатан эрэрин көрө-көрө «өрт уотун» ыытыынан дьарыктанар, кустуу-бултуу сылдьан уоту туттууга сэрэхтээх буолууну умнар.

Ытыктабыллаах Дьааҥым дьоно-сэргэтэ! Бары сылыктааһынынан быйылгы сайыммыт улууска улахан кураан сайын буолар чинчилээх. Кыстыыр оппутун булунар түбүкпүт, атын да кыһалҕа, сорук элбэх буолуо. Онно эбэн бэйэбит оҥорон, уот-баһаар ыытан, аймана сылдьарбыт хайдах да сатамньыта суох дьыала. Онон ытыктабыллаах бар дьонум, Дьааҥылар, ойуурга-тыаҕа сылдьыыга уоттан сэрэхтээх буолуу бары ирдэбилин толорон сылдьыыны бука бары бэйэбититтэн ирдиэххэйиҥ диэн ыҥырабын. Нэһилиэктэр олохтоохторо, уоту сэрэҕэ суох туттар, ойуур баһаара тахсарыгар төрүөт биэрэр дьоҥҥо кытаанах ирдэбили туруорарга, сирбитин-уоппутун уоттан харыстыырга турунуоххайыҥ, хаарыан сайыммыт этэҥҥэ күн сырдыгынан, ыраас салгынынан, үөрүүлээх үлэнэн-сынньалаҥынан доҕуһуолланан ааһарыгар бука бары кыһаллыаҕыҥ, турунуоҕуҥ диэн ыҥырабын!

Дьааҥы улууһун баһылыга В.М. Иванов

Читайте дальше