Боруулаахтар – биир сомоҕо

Бу күннэргэ Боруулаах дьоно-сэргэтэ Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарытыгар спандбонд диэн матырыйаалынан маскировочнай сиэккэ оҥордулар. Матырыйаалын Дьокуускай волонтердарын нөҥүө кэпсэтэн Питертан сакаастаабыттар. Матырыйаал харчытын олохтоох дьон кыттыһан төлөөбүт, олохтоох дьаһалта аҕалтарбыт.

«Бу хамсааһыны Саха Өрөспүүбүлүкэтин доруобуйаҕа харыстабылын туйгуна Марта Васильевна Слепцова көҕүлээтэ. Анал оноһуулаах матырыйаалтан маскировочнай сиэккэни нэhилиэнньэ үс сиринэн – оскуолаҕа, спортзалга уонна балаҕаҥҥа хас эмэ хонугу быhа өрдүлэр. Маны таһынан, Боруулаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ Анал байыаннай дьайыыга Ийэ дойдуларын иннигэр иэстэрин толоро сылдьар буойуттар дьонноругар ыарахан быһыы саҕаланыаҕыттан күүс-көмө буолаллар. Ол курдук, бүгүҥҥү күҥҥэ маһынан хааччыйыыга 19 рейс онордубут, субуотунньуктаан. Сороҕун олохтоох дьаһалта көмөлөһөн дьон саҥа дьылга диэри өссө 3 рейс оноруохпут», – диэн иһитиннэрдэ «Боруулаах нэhилиэгэ» МТ баhылыга Игорь Божедонов.

Хамсааһыны көҕүлээччи Марта Васильевна: «Кырдьыга кээмэйдээбит суох, түргэнник бүтэрэ охсоору 3 сиринэн үллэрбиппит. Сиэккэни 4 гына аҥаардаабыппыт, биирдиитэ быһа холуйан 15-тии миэтирэ буолбута. 2,5 см. харахтаах сиэккэни Сахателеком үлэһитэ, биир дойдулаахпыт Александр Божедонов биэрбитэ. Куораттары кытта булсан, таҥас сакаастаан ылларбыппыт. Билигин өссө икки сиэккэни ситэрэ сылдьабыт », – диэн үлэ хаамыытын сырдатан кэпсээтэ.

Раиса Чирикова

Читайте дальше