Кэнсиэр курдук кэнсиэр, бырааһынньык курдук бырааһынньык диэҕи, быйылгы 2024 сыл хайдах эрэ ис иһиттэн элбэҕи эрэннэрэр, кэтэһиннэрэн күүттэрэр (СВО салгына бука барыбытын хаарыйан долгутар…), хайаан да сырдык кэлиэхтээҕэр бүк эрэннэрэр Күөх Луо сыла санаа курдук сайаҕас, Ахтар Айыыһыт айхаллаах сыла тус бэйэтинэн сиэтиллэн киирбитэ, барыбытыгар тыын угар, эрэх-турах сананар кыаҕы биэрэр курдук…
Ырааҕынан эргитэн бэлиитикэнэн бэһирбэккэ, билэн быһаарбат дьыалабытыгар угаайы уган куолулаабакка, олохпут-дьаһахпыт тус суолтатынан, үлэбит-хамнаспыт хардыытынан, күннээҕи ситиһиилэрбит үөрүүлэрин үллэстэн, бүк түһэн бүкпэккэбит, антах анньан аахайбаккабыт, буолар буолуо, кэлэр кэлиэ диэн сэлээннэммэккэбит иннибит диэки эрэллээхтик хардыылаан, били эппиккэ дылы тиэргэммит иһиттэн бэрийэн, нэһилиэкпит улаҕатыттан уһааран утары уунан сырдаппыппыт, санаа хоту үллэстибиппит ол астык буоллаҕа буолуо.
Хас биирдии киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор. Онуоха төһүү буолан утары уунан кыах биэрэн көмөлөһөр күүстэр (айылҕа, өбүгэ, дьиэ кэргэн, бииргэ үлэлиир доҕотторуҥ) хайаан даҕаны баар буолаллар. Соҕотох киһи тугу да ситиспэт! «Норуот күүһэ -көмүөл күүһэ»- диэн бэргэн этии хаһан да сыппаабат.
31 киэһээ Сартан култуура киинигэр күөх харыйа уйгулаах уотун Тымныы Моруос Хаарчаанатынаан (Дьиэ кэргэн сылыгар тоҕоостоох) К.Н. Аммосов сиэнэ Зарьяна кыыстыын сиэттиһэн киирэн арыйбыттара туһунан сэргэх.
Баһылык Наталья Слепцова Сартаҥ нэһилиэк олохтоохторун үрдүк түрүбүүнэттэн эҕэрдэлээн, кэрэ кэһиилээх сонун үөрүүлээх тахсан үллэстибитэ сүргэни көтөхтө, санааны манньытта.
Сыанаҕа, буоларын курдук биир киһи тахса-тахса ыллыырынааҕар быдан сэргэх, саастаах ыал аҕа баһылыктара тахсан ыллаабыттара хайдах эрэ ураты истиҥ уонна тыыннаах салгыны сайа иҥэрэн ааспытын бэлиэтии көрдүм, биһирии санаатым. Сергей Афанасьевич үчүгэйдик даҕаны ыллаата. Бу дьиэ кэргэн уопсайынан туһунан балайда балаһаны ылар, оҕону иитиигэ ураты көрүүлэрдээх, үлэҕэ, тыаҕа, акка-булка, сылгыга ыччатын чугаһатан уһуйар ураты бириинсиптээх уникальнай соҕус дьиэ кэргэн диэн бэлиэтиэм этэ. Сөҥ, кэтит, киэҥ куолаһынан лоҥкунатан ыллаабытын саала иһигэр иһийэн олорон иһиттим. Чахчы көҥүл дириҥ куолас истиҥ иэйии дайар кута бэйэтин кэмигэр сайдыбыта буоллар өссө ордук далааһыннаах буолуо этэ.
Гаврил Слепцов, Анатолий Гаврильев сыанаттан түспэт ырыаһыттарын киһи этэ да барбат. Аҕаларга, эр дьоҥҥо, уол оҕоҕо ордук болҕомто уурар кэм кэлбитин билиҥҥи күн бэйэтэ кэрэһэлиир. Ыал кутун тутан сылдьар эр дьоннорбут аҕа баһылыктарбытыттан барыта тутулуктаах.
Быйыл олохтоох дьаһалта Наталья Слепцова тус тосхолунан дьаһайан дьиэ кэргэҥҥэ, оҕо аймахха, кырачааннарга ордук үөрүүлээх бэлэҕи утары уунан соһутта даҕаны, үөртэ даҕаны.
Тымныы Оҕонньордоох Хаарчаана кэһии тутуурдаах оҕолоох ыал ахсын сылдьаннар кэтэспэтэх өттүлэриттэн соһуччу бэлэҕи тутан махталлара улахан! Сартанмытыгар сана сыла маннык кэрэтик са5аланна!