Юлия Рожина графическай планшетынан уһулуччу уруһуйдара

Уруһуй үскүүстүбэтин биир дьиктитэ – суохтан айан таһаарыы. Аныгы технология нөҥүө цифровой уруһуй хайысхата киириитэ ыччат, оҕо дьону умсугутта.

Олунньу 15 күнүгэр П.П. Романов аатынан художественнай училищеҕа «Муус устар» бэстибээл «Айыы үскүүстүбэтэ» диэн хайысханан күрэҕэ ыытыллан ааспыта. Дьааҥыттан кыттыбыт улуус киин бибилэтиэкэтин оҕо секторын бибилэтиэкэрэ Юлия Рожина төрөөбүт дойдутун уратытын «Хоту дойду төрүт тыына» үлэтинэн кыттан Аартыка бөлөҕөр кыайыы бастакы Үрдэлин ылбыта. Хойутаан да буоллар, бу эриэккэс уруһуйдары уонна уруһуйдьуту көрдөрүөхпүтүн баҕарабыт.

«Кыттааччылар үлэлэрин сааһынан икки бөлөххө арааран көрдүлэр. Бу уруһуйбар тыйыс тымныылаах хоту дойду дьоно хайдах курдук тулуурдаахтарын, үгэстэри сүтэрбэккэ илдьэ сылдьалларын, олоххо тардыһыылаахтарын «Хоту дойду төрүт тыына» диэн үлэбинэн көрдөрдүм. Үлэлэр графическай планшет көмөтүнэн фотошоп бырагырааматыгар киллэриллэн оҥоһуллубуттара. Күрэххэ үөрэнээччим Дарина Чукорова «Тапталлаахтар сулустара» диэн үлэтинэн кыттыбыта. Улахан таһымнаах күрэххэ кыттыыбытыгар, биллэн турар, үлэлиир усулуобуйа тэриллибитэ биһиэхэ үктэл буолбута саарбахтаммат. Ол курдук, туох баар наадалаах тэрили барытын Баатаҕайдааҕы ИТ-Киин бэлэмнээн биэрбитэ, онно оскуола 8-11 кылаастарын үөрэнээччилэригэр графическай уруһуйга куруһуок ыытабын. Онон үлэлиир усулуобуйаны тэрийбит Дьулустан Иванович Капитоновка махталбытын тиэрдэбит», – диир «Муус устар» бэстибээл кыайыылааҕа Юлия Рожина.

Юлия кэрэ айылҕалаах, элбэх ураты дьарыктаах, талааннаах дьон үөскээбит-төрөөбүт дойдуларыгар Табалаахха Надежда Константиновна уонна Константин Яковлевич дьиэ кэргэттэригэр бастакы кыыс оҕонон күн сирин көрбүт. Оҕо сааһыттан уруһуйдуурун сөбүлүүр буолан, оскуола кэнниттэн Дьокуускайдааҕы технология уонна дизайн колледжын бүтэрбит, онтон М.К. Аммосов аатынан Хотугу Илиҥҥи Федеральнай үнүбүрсүтүөт Естественнай наука үнүстүүтүн «Биолого-химический» факультетын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрээри дипломнайын суруйа сылдьар.
«Сотору, «биолог-химик» учуутал идэтин ыллаххына, идэҕинэн үлэлиир баҕалааххын дуо?», диэн ыйытыкка: «Үөрэниэн, дьарыктаныан баҕалаах оҕолорго эбии үөрэхтээһин сүнньүнэн, кыра лабораториялаах «Үүнэр көлүөнэ химиктэрэ, биологтара» диэн чинчийэр үлэ хайысхатынан дьарыктыах этим», – диэн санаатын үллэстэр уонна үөрэх эйгэтигэр ыҥыра сылдьыбыттарын, ону таһынан билиҥҥи үлэтэ – бибилэтиэкэ хайысхата элбэҕин, кэллэктиип өйдүүрүн уонна өйүүрүн этэр.

Ааспыт сылларга, Дьокуускайга олорор кэмнэригэр, электроннай почта нөҥүө, хаартыскаттан портреттары уруһуйдааһыҥҥа уонна кинигэ иллюстрациялааһыҥҥа сакаастары ылан өҥө оҥорбут. Манна даҕатан эттэххэ, Юлия үлэлэригэр уруһуй үскүүстүбэтин биир саамай уустугун – харандааһынан уруһуйдарын дьон-сэргэ сэргиэн сэргиир эбит. Кини, хомойуох иһин, билигин харандааһынан уруһуйдаабатын этэр.

Былыргы өбүгэлэрбит «Кыра хоруопка иһигэр Аан дойду батыа», диэбиттэринии, ытыс саҕа, хаптаҕай төлөпүөннэргэ, эбэтэр планшеттарга аватартан саҕалаан үрдүк үскүүстүбэ графическай уруһуйдарын хаамтарыахха сөп. Дьиҥнээх талаан, дьоҕур Үөһэттэн бэлэх кэриэтэ бэриллэр диэн өйдөбүлү Юлия Рожина үлэлэрин нөҥүө сэрэйиэххэ сөп, ол эбэтэр – бэйэҥ искиттэн айан таһаарыы диэн ким эрэ үөрэҕиттэн үтүктүү буолбатах, Айылҕаттан бэриллибит талаан! Хоту дойду төрүт тыынын этигэр-хааныгар иҥэриммит эдэркээн кыыска Юлияҕа айар үлэтигэр элбэх ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ, санаабытыҥ томточчу туоллун.

Үүнэр саҥа көлүөнэ инники кэскилэ – хоту дойду бараммат барҕата, үүнээйилэрэ, үрэхтэрин, күөллэрин уулара, кыыллара-көтөрдөрө чинчийиллэн үөрэтиллэригэр ыччат суол тэлэр кыахтаах. Ону тэҥэ, улууска история сыла – элбэх арыйыылары, үйэтитиини аҕалыа диэн эрэл кими баҕарар, дьааҥылары кынаттыыр

Раиса Чирикова

Читайте дальше