Ыстаада тыйыс олоҕун кэрэ өрүттэрэ

Мин айыллыбыт эбээн омукпунан киэн туттабын. Ыстаадам сибиэһэй салгынын олуһун диэн ахтабын. Ийэм Тамара Платоновна Готовцева үһүс оҕото – Варвара Голикова буолабын. 1980 с. Табалаахха төрөөбүтүм. Бу оскуолаҕа начальнай кылааска үөрэммитим, онтон Сэбээн-Күөлгэ эбэбэр Елена Иннокентьевна Слепцоваҕа олоро барбытым. Кини Галина Иннокентьевна Алексеева бииргэ төрөөбүт эдьиийэ буолар. Тохсуска диэри онно үөрэммитим. Сайын ыстаадаҕа сайылаан, эбэбиттэн төрөөбүт тылбын үөрэтэн, дьоллоох киһибин.

Эбэм олоҕун ыстаадаҕа анаабыт киһи буолар. Барытын туттар этэ, ииһи-имиини киниттэн үөрэммиппин илдьэ сылдьабын. Кырабыттан тыаҕа чугаспын, айылҕа омуга буоллахпыт. Оскуоланы бүтэрэн, манна кэлэн, Майя Саввичналааҕы кытта сайыҥҥы кэмҥэ ыстаадаҕа үлэһитинэн киирбитим. Саамай сөбүлүүрүм, кэтэһэрим – бэйэм уучахтанан, дьоммун кытта бултуу барарбын. Таҥаска туттуллар таарбаҕан, таба тириитин оҕо эрдэхпиттэн таҥастыырга үөрүйэхпин.

2013 с. ыал буолбутум. Кэргэним Радион Голиков, табаһыт. Түөрт кыыстаахпын, икки сиэннээхпин. Улахан кыыһым Лена туһунан ыал. Галям, Олимпиям оскуола үөрэнээччилэрэ, кырам Аделия детсад иитиллээччитэ, аны күһүн оскуолаҕа барыахтаах.

Оҕолорум ыстааданы олус ахталлар, айылҕаларыгар наһаа тардыһаллар. Саас бөһүөлэктэн тэринэн барыы барыбытыгар олус күүтүүлээх түгэн буолар. Сайылыыр сээкэй таһыыта, сыарҕа бааныыта – дьэ биһиэхэ долгутуулаах хомунуу.

Айаммыт уһун, оҕолорго кибииккэ оҥоробут, онно сытан утуйан айанныыллар. Олохтоох дьаһалта бураанынан көмөлөһөн абырыыллар. Дьиэ кэргэнинэн бииргэ сылдьан, оҕолорбутун айылҕаҕа сыһыаран, сатыырбытын үллэстэн, үтүө дьон буолан тахсалларыгар баҕа санаалаахпыт.

Сайын балааккаҕа олоробут. Таба аһылыга бүтэр буолан олорор сирбитин уларытабыт. Оҕолорбут үлэҕэ, булка тэҥҥэ сылдьыһаллар. Таба көрүүтүгэр иккилии буолан солбуйсан бэйэлэрэ кэтииллэрин ордороллор. Сирбит барыта да бултаах, сир астаах буолан үчүгэй. Сугун, дьэдьэн, бородьуна үүнэр, хаһаанар кыаллыбат буолан сиирбитин эрэ хомунабыт. Балыктаан, күөгүлээн аралдьыйаллар.

Тыал билиннэ да ардах кэлэр. Этиҥэ наһаа күүстээх, чаҕылҕан омуннаах. Оҕолор куттанан балааккаҕа таҥас быыһыгар саһыы буолар. Көһө сылдьар буоламмыт, аспыт-таҥаспыт аһаҕас халлааҥҥа сытар, дьэ ыксалынан хомунан, салапаанынан бүрүйэн, өрө тарда түһэбит.

Ол да буоллар ардах күн биһиэхэ туспа өйдөбүллээх. Дьиэ кэргэнинэн бары мустабыт, бэрэски буһастабыт, сонун аспытын хостонон дэлэйдик аһыыбыт, сибиэһэй булду ыга өрөбүт – бэйэтэ бырааһынньык. Олорорго мас дьиэ ордук буоллаҕа, киэҥэ — куоҥа. Ыстаадабытыгар кыстыырга саҥа дьиэ туппуттара. Кыһыҥҥы үлэҕэ икки киһи хаалар.

Айылҕа оҕото буоларбынан, дьиэ кэргэним доруобай эрэ буоллун диэн күммүттэн куруук көрдөһө сылдьабын.
Маҥан хаарым, киэҥ дэлэй туундарам, очуостаах таастарым, үүнээйим, талаҕым биһигини куруук үөрэ көрсөр, онтон бары дьоллонобут.

Кэпсэттэ Клавдия Эверстова, Табалаах олохтооҕо

Читайте дальше