Боруулаах нэһилиэгэр кэрэ көстүүлээх «Чиргэл» сынньалаҥ базатыгар Дьааҥы оройуонун оскуолалартан сүүмэрдэммит 32 бөҕөс «Дьулуур» чэбдигирдэр спортивнай лааҕырга мустан бэлэмнэнии түһүмэҕин ааспыт нэдиэлэттэн саҕалаатылар. Лааҕыр сыала – бастыҥнары сыыйа күрэхтэһиилэргэ бэлэмнээһин, өй-санаа, эт хаан өттүнэн бэлэмнээх буолалларын ситиһии уонна оҕо чөл доруобуйалаах буоларыгар, спордунан дьарыктанар баҕата уһуктарыгар болҕомто ууруу.
Оройуоммут сүүмэрдэммит хамаандатын сүрүн тириэнньэрдэрэ, биир дойдулаахпыт, Россия араас таһымнаах тустуу түһүлгэтин кыайыылааҕа, спорт маастара, Дьокуускай куорат УОР тириэнньэрэ Христофор Потапов уонна Өрөспүүбүлүкэбит ааттаах-суоллаах тустууга, оройуон спортивнай оскуолатын ситиһиилээх тириэнньэрэ Алексей Мигалкин иилээһиннэринэн-саҕалааһыннарынан былааннаахтык, систиэмэлээхтик дьарыктана сылдьаллар.
Лааҕыр иитиллээччилэрэ күүстээх үөрэтэр-эрчийэр түһүмэҕи ааһаллар. «Чиргэл» базатыгар тупсаҕай оҥоһуулаах дьиэлэргэ олороллор, аһыыллар, хайалаах, көнө хонуулаах, сыһыылаах, чэбдик салгыннаах сиргэ дьарыктаналлар, сүүрэллэр-көтөллөр. Инникитин элбэҕи эрэннэрэр уолаттарбытыгар тулууру, кыайыыга дьулууру, кимиилээх тустуулары баҕарабыт. Ылбыт тэтимҥитин ыһыктыман, үүнэ-сайда, саҥаттан саҥа кирбиилэри ыла туруҥ!
«Дьулуур» лааҕыртан Анастасия Ю.
Дьааҥыга от үлэтэ саҕаланна
Быйылгы дьыл тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар биир быһаарыылаах үлэбит саҕаланна.