Үлэнэн дьолломмут дьиэ кэргэн

Үлэ – дьол, үлэ киһини киэргэтэр диэн ыраатта норуокка этиллэр, иһиллэр. Ол саҕаттан күн бүгүҥҥү диэри бу өс хоһоонун олох суолугар сөптөөх сирдьит оҥостон илдьэ сылдьан, салгыы кэнэҕэс кэнчээри ыччакка тиэрдэр Адыаччы нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ ытыктыыр, тумус туттар холобур ыалынан Анна Николаевна уонна Семен Иннокентьевич Стручковтар буолаллар.

Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Семен Иннокентьевич Стручков 1944 сыллаахха «Киров» аатынан холкуос чилиэннэригэр – Стручковтар дьиэ кэргэҥҥэ Эҥэ-Сайылыгар төрөөбүтэ. Оскуолаҕа аан маҥнай 1951 сыллаахха Бөтөҥкөскө, онтон 1959 сыллаахха Табалаах сэттэ кылаастаах оскуолатын үчүгэйдик бүтэрбитэ. Сотору Адыаччыга төннөн кэлэн «Киров» аатынан холкуос үлэһитэ буолбута. Оҕо сааһыттан эрбиигэ, тутуу маһын кэрдиитигэр сылдьыспыт эдэр киһини Адыаччы аҕа ууһа Акимов Петр Акимович бэйэтин кытта илдьэ сылдьан мас, тутуу үлэтигэр элбэҕи үөрэппит, такайбыт киһитинэн буолар. Оттон оттооһун күннэрин эмиэ оҕо сааһыттан эриллэн билбит үлэтэ. Манна уһуйааччытынан ааттаах дьаһаллаах, сатабыллаах звеновод Потапов Христофор Михайлович (Буучас) түбэһэн биэрэн өҥөтө улахан. Ол кэннэ элбэҕи билэр, сатыыр үлэһит уол 1961 сылтан «Адыаччы» совхозка оробуочайынан киирэр. Комсомол сааһыгар Дьааҥы райкомун пленумун чилиэнэ, «Адыаччы» совхоз 170 чилиэннээх, комсомолун иккис сэкирэтээрэ 1966-1969 сс. талыллан үлэлии сылдьыбыттаах. Бу кэккэ кэмнэргэ 1967-1970 сс. Дьааҥы райпотун Адыаччы маҕаһыыныгар сэбиэдиссэйдиир. Салгыы 1971-1974 сс. Кировскай отделенияҕа биригэдьиирдиир, онтон 1974 сылтан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри кадровай булчутунан сылдьар. Үлэлиир сылларыгар окко хас да сиргэ звеноводтаабытынан биллэр, ол курдук сүөһү кыстыгар от бэлэмнээһинигэр Семен Иннокентьевич Кировскай отделение биригээдэтин звеновод быһыытынан салайыытынан хас да төгүл бастыҥ көрдөрүүтүн иһин Саха сиринээҕи ССКП обкомуттан, Саха АССР Миниистирдэрин Сүбэтин аатыттан саҕалаан оройуонтан, нэһилиэктэн бочуоттаах туоһу уонна махтал суруктары тутан турардаах. Маны таһынан сэрии сылларын оҕото Семен Иннокентьевич 1985 сыллаахха ВДНХ СССР кыттыылааҕа, 1991 сыллаахтан «Уон иккис пятилетка ударнига» бэлиэ хаһаайына, Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын бэтэрээнэ.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор үтүө дьоммут.

Кэргэнэ Стручкова (Томская) Анна Николаевна Усуйаана оройуонун Тумат бөһүөлэгэр 1947 сыллаахха төрөөбүтэ. Дьааҥы сиригэр 1966 сыллаахха бэс ыйыгар убайынаан Томскай Егор Николаевичтыын үктэнэр. Бу ыраатта кэмнэргэ Баатаҕайтан киириигэ бөһүөлэк дьонун кытта суоппар Кривошапкин Петр Дмитриевич тракторын сыарҕатыгар олорсон кэлбиттэр. Убайа оччолорго партком сэкирэтээринэн үлэҕэ анаммыт, онтон Анна Николаевна бастакы үлэтин Юмшанова Мария Петровна салайааччылаах оҕо саадыгар иитээччи быһыытынан саҕалыыр. Бэрт сотору кэргэн тахсан, элбэх оҕо ийэ аатын сүгэн Адыаччы орто оскуолатын интернатыгар иитээччинэн үлэлииргэ сорунар. Ол кэннэ райпо линиятыгар сүүрбэччэ сыл кэриҥэ таһаарыылаахтык үлэлиир. Оччотооҕу үлэ биир дуоһунас эрэ үлэтин эбээһинэстэринэн муҥурдаммат, элбэх ыарахан үлэ кытта ситимниирэ. Холобурга, икки оһох оттуута, маһын хайытааһына, кыстааһына, ис-тас ыраастааһына, киэһээҥҥи өттүгэр муоста сууйуута, хаар күрдьүүтэ, мунньуута үлэлэрин таһынан кэлбит табаары дьаарыстааһын, киллэриитэ-таһыыта – субу барыта биир соҕотох киһи сүнньүгэр сүктэриллэрэ. Үлэ чааһыгар эппиэттиир элбэх оҕо ийэтэ аны дьиэтин-уотун туһунан кытта умнубат. Кэлин райпо, сельпо тэрилтэлэрэ эстэн оҕону иитиигэ-көрүүгэ уопуттаах ийэ быһыытынан 1991 сылтан саҕалаан бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыар диэри Адыаччы оҕо саадыгар иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн ананар.

Эдэр саастарыгар холкуос, совхоз тэрилтэлэригэр күүстэрин-уохтарын анаан уурбут, өрүү ситиһиилээхтик үлэлээн бастыҥнар ахсааннарыгар киирбит Анна Николаевна уонна Семен Иннокентьевич Стручковтар 1967 сыллаахтан биир дьиэ кэргэн, ыаллыы буолаллар. Чөл олохтоох, иллээх-эйэлээх дьиэ кэргэн сэттэ оҕону төрөтөн, улаатыннаран, барыларын атахха туруордулар.

Бэйэлэрин бастыҥ холобурдарын, олоххо көрүүлэрин ыһыктыбатах ыал дьон бары оҕолоро биир ыллыгынан тэҥҥэ хаамаллар. Ол курдук, күн бүгүн от үлэтэ буоллун, тутуу икки мас үлэтэ өрүү бу дьиэ кэргэҥҥэ үгэс кэриэтэ салҕанан бара турар. Аҕаларын туйаҕын хатарбыт уолаттар сылгы сүөһү иитиитин, отун-аһын бэлэмнээһинин, дьиэ-мас үлэтигэр тиийэ барытын баһылаатылар. Сорох оҕолор билиҥҥи уопсастыба олоҕор оройуон таһымыгар араас эйгэҕэ сайдан, үөрэнэн биллэр-көстөр үлэһиккэ тиийэ үүннүлэр. Адыаччыга кинилэр ситиһиилээх үлэлэрин-хамнастарын туһунан өрүү иһиллэр, нэһилиэк дьоно өрүү киэн туттар.

Бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытык дьоммут билигин да күннээҕи дьарыга элбэх. Ыал ийэтэ Анна Николаевна үлэлиир сылларыттан баччааҥҥа диэри тохтоло суох араас үүнээйинэн, оҕуруот олордуутунан-көрүүтүнэн, аныгы техникэни билиммэт илиинэн-атаҕынан эрэ күнүн атаарар дьиэ хаһаайката. Оттон ыал аҕата Семен Иннокентьевич оччотооҕу ыраах сылларга элбэҕи билэн-көрөн, үөрэтэн ылыммыт киһи быһыытынан бэйэтин билиитин, мындыр өйүн-санаатын оҕолоругар таһынан сиэннэригэр тиийэ уһуйар, сүбэлиир-амалыыр.

Номнуо 56 сылын бииргэ олорор, ыраатта эбээ, эһээ аатын ааһан, билигин хос эбээ, хос эһээ аатыгар сылдьар дьиэ кэргэн бэйэтин үтүө холобурун иһин өрөспүүбүлүкэттэн, оройуонтан, нэһилиэктэн өрүү наҕараадаланар, эҕэрдэ суруктары тутар. Ол курдук, 2017 сыллаахха Саха сирин Ил Дарханын ыйааҕынан Стручковтар дьиэ кэргэн бастыҥ дьиэ кэргэннэр бочуоттаах кинигэтигэр кытта киирэллэр. Ону кытта Арассыыйа «Таптал уонна итэҕэл иһин» мэтээлин ылаллар.

Быйыл Сахабыт сиригэр түмүктэнэн эрэр Үлэ сыла бэйэтин дьоруойдарын, киэн туттар ытык дьонун хайаан да билиэхтээх. Өрөспүүбүлүкэ, оройуон, нэһилиэк таһымнарын хайҕабылын ылбыт үлэнэн дьолломмут дьиэ кэргэн — үлэ эрэ киһини киһи оҥорор, бары үлэлээх буолуҥ диэн баҕа санааларын тиэрдэллэр. Оттон биир дойдулаахтара ытык дьоммутугар туох баар үтүөнү кытта уһун үйэлээх доруобуйаны баҕара хаалабыт.

Константин Каженкин

Читайте дальше