Мин кэпсиир киһим Сартаҥтан төрүттээх кийиит, түөрт уол амарах ийэтэ, дьиэ кэргэн Далбар Хотуна, Табалаахтааҕы социальнай харалта үлэһитэ – Клавдия Христофоровна Попова.
Моһуоктаах мотуохтан куотан, хороҕордоох оройугар (ол эбэтэр хотон үрдүгэр) хонон олорор Ефимовтар дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Өйдүүргүт буолуо, Дьааҥыга буолбут олоҥхо ыһыаҕа бу дьикти, айылҕаттан айдарыылаах эбээн эмээхсинэ Кустуй Маарыйа ырыатынан саҕаламмытын. Кустуй Маарыйа Клавдия Христофоровна эбэлээтэр эбэтэ буолар. Төрүөҕүттэн айылҕаны кытта ситимнээх кыыс сэрбэйэ улаатаат, эмчит буолар баҕата туолан, Дьокуускайга медучилищеҕа сиэстирэ идэтин баһылаары үөрэххэ киирбитэ. 1990 сыллаахха ыал буолар кэскилэ Талба Табалаахха аҕалар. Ийэ буолуу – дьахтар дьоло. Клавдия Христофоровна олоҕун аргыһа элбэх ыччаттаах, Дьааҥыга сураҕырар Поповтар уоллара Дмитрий Попов буолар. Уолаттарын үлэҕэ барытыгар илдьэ сылдьан иитэн-үөрэтэн таһаарбыт дьиэ кэргэн. Оҕолоро үлэни көҕүлүттэн тутан, барытын оҥоро үөрэммиттэрэ ынах ыаһына, от күүстээх үлэтэ, булт, балыктааһын. Ону тэҥэ Клавдия Христофоровна хайа баҕарар тэрээһин, спорт, ырыа-үҥкүү, общественнай үлэ, барытыгар оҕолорун уһуйбут ийэ буолар. Сатабыллаах хаһаайка оҕуруот аһын арааһын дэлэйдик үүннэрэр, уолаттара алаһа дьиэлэригэр муһуннахтарына кэнсиэрбэлээһиҥҥэ дьиэ кэргэн барыта тэҥҥэ кыттар. Маны тэҥэ ийэ киһи уонунан сүөһү, түөрт ынах үүтүн туттаран эбии дохуот киллэрэр. Клавдия бэйэтэ улгум, тэтиэнэх киһи, дууһата чараас, киһи кыһалҕатын билэн көмөлөһөр аһыныгас санаалаах. «Илгэ» бэтэрээн түмсүүтүгэр, дьахтар холбоһугар өрүү дьарыгыра сылдьар, кыһыл хаалтыстаах оҕо сааһыттан дьон ортотугар сылдьарын сөбүлүүр. Ити түбүк быыһыгар иккис идэтин баһылаан Челябинскайдааҕы юридическай колледжы бүтэрбитэ. Клавдия үлэтэ кырдьаҕастарга көмө, бүтэһиктээх олохторун атаарсар түгэннэрдэээх. Соҕотохторго өйөбүл – кини биир эбээһинэһэ. Мас, уу, дьиэ өрүмүөнүн, күннэтэ тахсар льготаларынан туһаналларын ситиһии – Клавдия нөҥүө ааһар.
Ханнык баҕарар нэһилиэккэ дьону бэйэтин тула түмэр дьоҕурдаах, саҥа, сонун идеяларынан, бырайыактарынан хамсааһыны таһаарар дьон баар буолар. Олортон биирдэстэрэ Клавдия Христофоровна буолар. Саха Республикатын социальнай сулууспатын туйгуна, «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаһаайката, үлэ бэтэрээнэ, Россия ийэлэрин түмсүүтүн чилиэнэ, 2015 сылга ыытыллыбыт республикатааҕы «Далбар хотун» күрэххэ «Айыы хотун» уонна «Хоһуун хотун» номинациялар хаһаайкалара, 32 сыл социальнай сулууспаҕа бэриниилээхтик үлэлии сылдьар. Күн күбэй ийэ, кини чахчы да дьоҥҥо үтүө сыһыаннаах бэриниилээх үлэһит. 2022 сыл алтынньы 12 күнүгэр АНО авновнай некоммерческай организация салайааччыта (центр поддержки людей, находящихся в трудной жизненной ситуации) – диэн организация тэринэн үлэлии-хамныы сылдьар. Бу күһүн бииргэ төрөөбүт эдьиийинээн киэн туттар ырыаһыппыт Лэгэнтэй күн күбэй ийэтэ Марина Христофоровнаны кытта Кэбээйигэ баран общественнай үлэтин-хамнаһын билиһиннэрэн үлэлээн кэллэ. Хоту дойду далбар хотуттара Кэбээйи сиригэр тиийэн, чөл олоҕу пропагандалыыр төгүрүк остуол тула кэпсэтиигэ, санаа атастаһыыга кытыннылар. Тэрээһиҥҥэ общественнай түмсүү салайааччылара, нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ К.А. Терехова, Е.К. Софронеева салайааччылаах «Күбэйэ» эбэлэр уонна «Оһуор тойуга» түмсүүлэрин кытта көрүстэ. Ону тэҥэ социальнай педагог, оройуон үөрэҕириитин профсоюһун бэрэсэдээтэлэ И.В. Винокурова-Андреева, балыыһа терапевт бырааһа Л.П. Стручкова, наставник, бэтэрээн учуутал Д.С. Кокорева кыттыыны ыллылар. Бастакы түһүмэххэ «Дьааҥы фольклора» эбэлэрэ Слепцова Мария Николаевна ( Кустуй Маарыйа) ыллаабыт былыргы дьааҥылыы матыыптара, хабарҕа, мурун, таҥалай, дьааҥылыы тойук ылланнылар. Иккис «Хоһоон хонуута» түһүмэххэ, Дьааҥыттан тахсыбыт поэттар М. Ефимов, С. Юмшанов, В. Дедюкин, Х. Горохов хоһоонноро ааҕылыннылар. Үһүс түһүмэххэ «Ырыа оло5ум аргыһа» диэн ааттаах, Марина Христофоровна бэйэтэ айбыт ырыаларын ыллаата. Онон таастаах Дьааҥы далбар хотуттара Кэбээйи олохтоохторун сэргэхситэн кэллилэр. Бу буолаары турар 2024 сылга Уус-Алдаҥҥа, Тааттаҕа барар ыҥырыыны тутан олороллор. Саас оройуон баһылыга Иванов Владислав Михайлович Клавдия Христофоровна үлэтин өйөөн, тимир көлөнөн хааччыйан, Адыаччы, Дулгалаах, Суордаах, Верхоянск, Борулаах баран ийэлэри, түмсүүлэри кытта төгүрүк остуол тула көрсүһүүлэри, маастар кылаастары оҥорон бэйэтин үлэтин опутуттан билиһиннэрэн сырдатан кэлбитигэр Владислав Михайловичка махтала муҥура суох .Анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар күүс-көмө буолар республикатааҕы «Илии сылааһа» иистэнэр сыах бу сыл балаҕан ыйыгар лоп курдук төгүрүк сыла туолла. Сыах салайааччыта Саввина Ирина Егоровна сиһилии сыл иһигэр туох үлэ барбытын, хас биирдиилээн киһи, чааһынай уонна гос.тэрилтэлэр спонсордаабыттарын, төһө харчы киирбитин-туттуллубутун, күөх экранынан, хаһыатынан, куйаар ситиминэн сиһилии кэпсээтэ. Клавдия Христофоровна «Илии сылааһа» түмсүү кыттыылааҕа буолар,кини куйаар ситимин нөҥүө республика олохтоохторун түмэн, аһымал акциялары тэрийэн, «Илии сылааһа» түмсүү оверлоктуур иистэнэр массыына эбии ылынарыгар күүс-көмө буолла, бу күннэргэ Клавдия спонсорскай көмөтүн итии сылаас наскыларын түмсүү салайааччыта Ирина Егоровна тутан махталын ыытта. Бу күһүн уоппускаҕа бара сылдьан кинилэри кытта кыттыһан үлэлэһэн, иистэнэн кэлбитэ. Клавдия Христофоровна инники былааннара: граннарга кыттан, онон үбүлэнэн, нэһилиэнньэ кыаммат араҥатыгар көмө оҥорууну үлэтин сүрүн сыалынан туруорунна. Дьон интириэһинэн маастар кылаастары, нэһилиэктэри кэрийэн дьон кыһалҕатын истэн, ону туоратарга үлэни ыытыы. Ийэлэри көрсүһүүлэри, семинардары, төгүрүк остуоллары тэрийии. Маннык көрсүһүүлэргэ психолог, юрист кыттарын ситиһэр баҕалаах. Тыа дьоно интириэһиргиир ыйытыыларыгар толору хоруйу биэрэр специалистар кыттыылаах сэргэх тэрээһиннэр буолаллара былааннанар. Аһымал акциялары, атыы-тутуу дьаарбаҥкаларын, быыстапкалары, атын нэһилиэктэр үлэлэрин уопутун атастаһан, волонтердары кытыннаран, аҕа саастаах көлүөнэ дьиэҕэ бүгэн олорон хаалбатын курдук сыаллаах-соруктаах кэскиллээх үлэ былааннанар. Клавдия Христофоровна кырдьык да ил-эйэ эҥэрдэспит, өрүү үлэ аргыстаспыт киһитэ, саха омук саргытын иһин турунар баҕалаах патриот дьахтар.Маннык 1000 ахсааннаах нэһилиэккэ олорор активист, общественник үлэһит киһини инники туруоруммут былааннара туоларын туһугар өйүөххэ уонна үлэтэ таһаарыылаах буоларыгар баҕарыахха.
Слепцова Светлана Егоровна Табалаахтааҕы Этнокультурнай киин уус-уран салайааччыта