Ыһыах ис суолтатын туһунан биир дойдулаахпыт Рустам Каженкин санаатын үллэстэр

Бу күннэргэ өр күүппүт ардахпыт кыратык түһэн ааста. Онуоха ыhыахтары көрсө сир-дойду, дьон-киhи үөһээ тыынан ылла. Ньаассыын от быыhыттан алтан төбө сибэкки сиик ыймахтаан хамныы-­хамныы үүммүккэ диэри буолла.

Кыстыгы этэҥҥэ туораан, кэлэргэ бэлэмнэнии уйгулаах-­быйаҥнаах сайын хайдах салалларыттан тутулуктаах буолан, саха киhитэ үгэс быhыытынан ыhыах ыhан, Үрдүк Айыыларга Аал уот нөҥүө алгыс этэн көрдөһөр.

«Ыhыах ис суолтатыгар болҕомто ууруллар дуо” диэн санаанан салайтаран, «Айыы кыhата» оскуола дириэктэрин солбуйааччытыттан, Арассыыйа суруйааччыларын сойууhун чилиэниттэн Рустам Николаевич Каженкинтан киhини толкуйдатар хас да ыйытыкка санаатын үллэстэригэр көрдөстүм.

Рустам Николаевич, ыhыах суолтатын туhунан туох санаалааххыный?

Ыһыах, бастатан туран, итэҕэли, сиэри-­туому уонна айылҕа туругун кытта ситимнээх кэм. Ол иһин былыр «тунах кэмэ» диэн ааттанар эбит. Онон төһө да урут уонна билигин, хоту уонна соҕуруу, илин уонна арҕаа ыһыах туһунан өйдөбүл кыра араастааҕын иһин, сүрүн сиэрэ-­туома олоҥхоҕо этиллэрин курдук — Айыыларга хайыһыы, алгыс көтөҕүү дии саныыбын. Кэм-кэрдии ааһан истэҕин аайы ыһыах туһунан суруйуу, чинчийии элбээн иһэр, дьон да араастаан ылынар. Ол эрэн сүнньэ син биир уларыйбат быһыылаах. Мин биир бэйэм наһаа улахан дарбааннаах ыһыахтарга соччо сылдьыбаппын, холобур, Туймаада Ыһыаҕар сылдьар да буоллахпына хайаан да алгыска, оһуохайга сылдьабын, кымыс уонна эт ылан баран түһүлгэҕэ олорон аһыы түһэбин, онон бүтэбин.

Урут дьон олоро сылдьыбыт сирдэригэр, билигин онно баар, олорор дьон (сылгы ииттэр, сайылыктарга кыстыыр, сайылыыр дьон) ыhыах иннинэ сири-уоту аhатыахтаахтар дуо?

Сири-дойдуну уопсайынан аһата сылдьыы — саха уопсай сиэрэ. Былыргыта манна туох сир баарын билбэт буоллаххына, ордук саҥа тиийбит сиргэр хайаан да ас ууран, өтөхтөөх буоллаҕына сэргэтин, аанын сылаас ытыскынан тутан туран көрдөһөн, «бэлиэтэнэн» ааһар куолу диэн истээччибин. Холобур, Суорун Омоллоон куруук оннук гынара эбитэ үһү. Иккиһинэн, эбэни аһатыы туһунан Эдьиий Дора этиитин сэҥээрэ истээччибин.

Мотуохха сиҥнэн охтон түспүт сэргэни хаттаан сиргэ олордуллуохтаах дуо?

Манна эмиэ ураты сиэрдээх-­туомнаах диэччилэр. Сахаҕа «уйар» диэн баар. Онон ураты сиэри-­туому оҥорор буоллаххына, ону сатыырын ааһан, «уйар» буолуохтааххын дии саныыбын. Биһиги үксүбүт сатаабат, инньэ гынан сууллубут сэргэни чугастааҕы маска илдьэн өйөннөрөн кэбиһэбит.

Ыhыах кэмигэр түһүлгэ аттыгар атыыhыттар итирдэр утаҕы, арыгыны атыылыыллара сиэргэ баппат быhыы. Ону тэнэ, түһүлгэҕэ итирик киhи сылдьыыта ыhыах тыыныгар буортута туохха сытар дии саныыгын?

Арыгыны атыылыыры урут кырдьык боборун ааһан, түһүлгэҕэ киллэрэн атыылыыр этилэр. Оҕолорго да атыылаабыт түгэннэрэ баар буолааччы. Билигин, холобур, Туймаада Ыһыаҕын кэмигэр арыгы уурааҕынан бобуллар дии, син ол кэриэтэ улуустар, онтон нэһилиэктэр эмиэ оннук дьаһаныахтарын сөп бөҕө буоллаҕа дии. Ити бииринэн. Иккиһинэн, киһи иһэрин-­испэтин бэйэтэ быһаарыныахтаах. Эн сүүстэ да бобуоххун сөп, ол эрэн иһиэн баҕарбыт киһи син биир булан иһиэҕэ, оттон испэппин диэбит киһи — түһүлгэ да ортотугар киллэрэн атыылаатахтарына, босхо да кутан биэрдэхтэринэ иһиэ суоҕа. Биһиги оҕолорбутун, ыччаппытын оннукка үөрэтэ сатыахтаахпыт.

Ыhыах кэмигэр түһүлгэҕэ эр-ойох буолуу сиэрин-­туомун киллэриэххэ сөп дуо? Оннук түгэни хайдах көрөҕүн?

Урукку да суруйууларга, үһүйээннэргэ да уруу ыһыаҕа диэн өйдөбүл баар. Дьэ саамай күүрээһиннээх, илин-кэлин түсүһүүлээх ыһыах ол буоллаҕа дии. Икки өттүттэн аҕа уустарын бастыҥнара киирсэр буоллахтара. Аны ол быһый-­күүстээх эрэ өттө буолбакка, олоҥхоҕо, бэл ойууннааһыҥҥа тиийэ эрдэ илии охсуһан кэпсэтэллэр эбит. Онон, маннык ыһыаҕы дьон сөбүлүүр, күүтэр буолан — ордук табыллыбыттарын, өйдөнөн хаалбыттарын уос номоҕо оҥосто сырыттахтара.

Былыргы уонна билиҥҥи ыhыахтар майгыннаспат өрүттэрэ элбээн иhэр. Эн манна туох санаалааххыный?

Билиҥҥи ыһыах сүрүн уратыта — бырааһынньык суолталаммыта буолар. Атын маассабай тэрээһинтэн улахан атына суох. Ол эрэн ити эмиэ оруннаах, тоҕо диэтэр итинэн көҕүтэн, угуйан ханнык да киһини ыһыах төрүт суолтатыгар тиэрдиэххэ сөп. Киһиэхэ интэриэс үөскүүр. Интэриэһиргээбэт өттө хайдах бырааһынньыктаабытын курдук бырааһынньыктыыр буоллаҕа.

Билиҥҥи ыhыахтары ыытыыга сир-дойду, нэhилиэк нэhилиэк бэйэтин тус тыынын, уратытын киллэриэн сөп дуу, эбэтэр барыта ыhыах канонунан ыытыллыахтаах дуу?

Канон булгуччулаах. Ол аата саамай сүрүн быраабыла, үгэс диэн. Холобур, алгыс, салама ыйыыр сиэр-туом, оһуохай, ыалдьыттары көрсүү, о. д. а. каноҥҥа киирсэр. Онтон атына түһүлгэ дьонун бэйэтин толкуйуттан тахсар буоллаҕа. Хайа да нэһилиэккэ олохсуйан хаалбыт үгэс баар буолар, ону кинилэр былыргыттан илдьэ сылдьаллара мин санаабар биһирэниэн эрэ сөп. Ол, биллэн турар, ордук сэбиэскэй иннинээҕи кэмҥэ киирсэр.

Сорохтор күһүҥҥү ыhыах баар дииллэр эбит. Онно туох этиилээххиний?

Бу туһунан анаан билбэппин, истибитим эрэ.

Алгыhы айылҕалаах киhи алгыыра ылыннарыылаах буолар. Ол эрээри маннык миссияны толорооччу нэhилиэк ахсын баар буолбатах. Оччотугар алгыhы саҥарар-­иҥэрэр талааннаах киhи алгыстыыра сиргэ-­уокка, тыынар тыыннаахха дьайыылаах буолара эрэ?

Алгыс диэн турук, оччоҕо тылыҥ бэйэтэ тиийэн кэлэр. Улахан алгысчыттар бары айылҕалаах дьон. Ол чуолкай. Нэһилиэктэргэ да баар бөҕө буоллахтара дии. Биһиги билбэппит буолуон сөп. Төрдүгэр идэлээх дьонноох киһи син биир тугунан эмэ билиннэрэр. Холобур, биһиги ийэбитинэн эһэбит олоҥхоһут буоларын кэлин соҕус билбиппит. Оннук алгысчыт суох дии санаатахха, бииринэн, ытыктанар кырдьаҕас киһи алҕыан сөп дии саныыбын, иккиһинэн, баһылык бэйэтэ эмиэ сүрүн ыһыах тэрийээччи быһыытынан эмиэ алҕыан сөп дии саныыбын. Барыта киһи туругуттан, бэлэмиттэн-­бэлэмэ суоҕуттан тутулуктаах. Миигин биирдэ эмэ алгысчыт буол диэн көрдөһөллөр, ол эрэн миэхэ өссө эрдэ дии саныыбын.

Эн алгыстаабытын дуо? Алгыhы ыытааччы төһө өр бэлэмнэниэхтээҕий?

Урут көннөрү алгыстары, кыра түмсүүлэргэ уот аһатыытын, тэрээһини саҕалыыр сиэри-­туому оҥорор этим. Онно саамай сүрүнэ — эн туругуҥ. Алгыс кэннэ ким эрэ чахчы сырдаабыт курдук буолааччы. Ол кини бэйэтэ төһө итэҕэйэн, турукка киирэн турарыттан тутулуктаах. Кэлин онно олох ылсыбаппын.

Ыhыахха тоҕо дьахтар алгыстаабытый?

Бу биһиги дьааҥылар уратыбыт буолуон сөп. Тоҕо диэтэххэ, атын улуустарга дьахтар киһи алҕыыра баар. Оннук үөрүйэҕи уларытар уустук буолан буолуо, биһиги диэки наар эр дьон алҕыыр, кырдьык.

Ыhыах суолтатын оҕоҕо хас сааhыттан өйдөтүөхтээххиний?

Оҕону бэйэтин туспа ылан ыһыах туһунан төһө да иэйэн туран кэпсээбитиҥ-­көрдөрбүтүҥ иннигэр дириҥник ылынара биллибэт. Былыргыттан ыһыах диэн дьиэ кэргэн, аҕа ууһун түмсэр, суолталыыр кэмэ буоллаҕа. Инньэ гынан, бары дьиэнэн сылдьыллар. Биһиги кыра сылдьан ыһыаҕы наһаа күүтэр этибит, тоҕо диэтэххэ ыһыах аайы ийэбит сабыс-саҥа таҥас кэтэрдэн ыытар этэ. Онон биһиги оҕо санаабытыгар кыра эрдэхпититтэн ыһыах диэн олус күндү уонна күүтүүлээх кэм. Оҕо дьонун кытта сылдьар буоллаҕына көрөн-­истэн үөрэнэр, утум ол курдук быстыбат, удьуор ол курдук салҕанар.

Саха өйдөбүлүгэр ыhыахха битииhиттэр, сэргэ ахсаана тэҥэ суох буолуохтаах дуо?

Манна идэлээх дьон ордук кэпсиэхтэрэ эбитэ буолуо. Мин ордук олоҥхоҕо этиллэр, олоҥхоҕо көстөр көстүүлэри сэҥээрэбин. Онно уол ахсаана мэлдьи 7, 9 буолар, кыыс ахсаана 6, 8 буолар. Уол туруйа диэн, кыыс кыталык диэн. Ити барыта олоҥхоҕо баар. Онон төһө да Эллэй эһэбит саҕаттан диэтэрбит, биһиги олоҥхобут Эллэй кэмин быдан инниттэн баар эбит, оттон үгэспит, айылҕаны кытта тэҥҥэ хаамар сатабылбыт олоҥхоҕо.

Өбүгэ саҕаттан кэлбит ыhыах сиэрин-­туомун ыытыыга аналлаах суруйуулар, кинигэлэр тахсаллара ыhыахтары сөптөөхтүк тэрийэн ыытыыга сүрдээх улахан көмө буолар. Рустам Николаевич Каженкин курдук бөлүһүөк дьон сүбэлэрэ-­амалара ыhыах тэрээhинигэр, сиэри-­туому сыыспакка тутуhууга үөрэтэллэр. Онон биир дойдулаахпар Рустам Николаевичка быыс булан, санаа үллэстибитигэр махталбын тиэрдэбин.

Читайте дальше