УРУЙДАН – ҮЛЭ КИҺИТЭ!

Тохсунньу 13 күнүгэр «УРУЙДАН YЛЭ КИhИТЭ!» тэрээһиҥҥэ тиэтэйэ-саарайа, үлэ-хамнас сөҕүрүйбүччэ, саҥа 2024 сыл үүммүччэ, култуура киинигэр дьон сэргэ, халлаан тымныытын да аахсыбакка туран, көхтөөхтүк муһуннулар.

«Убаастабыллаах Сартаҥ нэһилиэгин олохтоохторо уонна ыалдьыттара!» – диэн эҕэрдэ истиҥ илдьиттэринэн этиллибит ыҥырыылары хас сылын ахсын саҥа дьыллааҕы аахсыйа бырааһынньыгын бар дьон, норуот долгуйа да кэтэһэр буоллаҕа.

Тэрээһин үөрүүлээх чааһа, биллэн турар, Сартаҥ нэһилиэгин тутан олорор кылаан дьоннорбут чиэстэннилэр. Кинилэр баар буоланнар олох салҕанар, нэһилиэк сүрэҕэ тэбэр буоллаҕа.

Тэрилтэлэринэн саҥа дьыллааҕы эҕэрдэ нүөмэрдэр ону ситэрэн, тупсаран, киэргэтэн биэрбиттэрэ туһунан сонун көстүү. Дьон сүргэтэ үөрэ-көтө көтөҕүллэр бэрт бэтиэхэлээх киһини ис иһиттэн күллэрэр тэрээһини сылын ахсын тупсаран, тэнитэн биэрэн иһэллэриттэн сылыктаатахха, бары тэрилтэлэр уопсай тэрээһиннэрин бииргэ түмэн сүрдээх үчүгэй киэһээни бэлэхтээн ааспыт Сартаҥ нэһилиэгин тэрилтэлэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит! Тыа сирин олоҕун, хабыллар хаба ортотун, туллар тутааҕын тууратын, тэбэр сүрэҕин чээрэтин биллэн турар үлэһит үтүө дьон баар буоланнар, дьон-норуот туһугар, бар дьонум иннигэр диэн хамсыыр, сүрэх-дууһа иэйиитинэн эҥээрдэһэн олохторун быр-бааччы оҥостон олорор ис кыахтаах, туллубат тулуурдаах, барҕарар быстыбат былааннаах, дьоһун-мааны дьаһаллаах, ааттаах-суоллаах дьон баар буоланнар, олохпут салҕанар:

Аммосов Владимир Иннокентьевич, Сартаҥ нэһилиэк ытыктабыллаах суоппара, олохтоох дьаһалтаҕа кыһыны-сайыны аахсыбакка массыына буоллун, уу мотуора буоллун, кинитэ суох хаһан да сатаммаппыт. Кини аата бэлиэҕэ ылыллан, үлэтэ-хамнаһа чиэстэнэн, үрдүк түрүбүүнэттэн баһылык Наталья Слепцова тус илиитититтэн ылбыт «Уруйдан – ҮЛЭ КИҺИТЭ» бэлиэтинэн ис сүрэхпититтэн истиҥник эҕэрдэлиибит!

Гаврильев Анатолий Васильевич, сыана бэтэрээнэ, нэһилиэк тутаах үлэһитэ, агрооскуолабыт тэбэр сүрэҕэ. Күһүҥҥү муус, кыһыҥҥы от-мас кинитэ суох эмиэ хайдах да сатаммат, нэһилиэкпит биир баар суох киэргэлэ диэтэхпинэ, арааһа сыыстарбатым буолуо. Истиҥ эҕэрдэ, үрдүк ситиһиигинэн диэммин алҕыы хаалабын!

Горохов Евгений Николаевич, тыа сирин тыатын хаһаайыстыбатын кылаан үлэһитэ. Үрүлүйэр үлүҥ илгэ хаһаайына кини буоллаҕа. Сартаҥ үүт тутар собуоппут соҕотох Евгенийтан тутуллан үлэлиирин бары бэркэ диэн өйдүүбүт. Сылы эргиччи эмис этинэн, араҕас арыынан, үүтүнэн нэһилиэгин, улууһун хааччыйан олорор соҕотох бэрэстэбиитэлбит .

Аммосов Виктор Михайлович – Сыһыы Мэйиитин тыын-тутаах үлэһитэ. «ДЭС» бэтэрээн маастара. Кини соботун, балыгын, эмис убаһатын этин элбэх киһи амсайбыта буолуоҕа. Тыа киһитин хоһуун үлэһит тыынын толору тутан сылдьар дьоһун киһиэхэ, туох баар баҕа санааларыҥ туолалларыгар баҕарабын! Виктор Михайлович курдук механизатордар, суоппардар баар буоланнар тыа сирэ күн бүгүн тыыннаах.

Аммосов Константин Николаевич нэһилиэккэ өр сылларга улахан тиэхиньикэнэн от-мас тиэйэн тыын биэрэн, уһун сылларга төһөлөөх элбэх тыа сирин дьонун салҕаан кэлбитин айбыт эрэ билэн эрдэҕэ. Көстөкүүн курдук дьон баар буолан, Сартаҥ нэһилиэгэр бүгүн сүөһүлэр тыыннаахтар диэтэхпитинэ сыыстарбатым буолуоҕа.

Горохов Владимир Христофорович – нэһилиэкпит «легендата». Күн бүгүнүгэр дылы от тиэйиитинэн хааччыйан, кини эрэ илиитэ-атаҕа хамсыырынан Сартаҥ нэһилиэк тыыннаах олорор. Өр сылларга кэлэн нэһилиэккэр үлэлээн, этэҥҥэ бэйэлээх чөл доруобай сылдьан бука барыбытын үөрдэн олус дьоллоохтук олор диэн алҕыы уонна махтана хаалабыт.

Белолюская Ньургустаана Ивановна – доруобуйа харыстабылын тыын тутаах үлэһитэ. Кинитэ суох бүтүн Сартаҥ нэһилиэк балыыһата тохтууругар тиийэр. Саҥа дьон кэлиэ даҕаны, барыа даҕаны. Саҥаны саҥа солбуйуо, оттон Ньургустаанабыт былыр даҕаны, аны даҕаны биһиэхэ соҕотох солбуллубат эҥкилэ суох баар-суох үлэһиппитинэн буолар. Балыыһабыт, кини курдук үлэтигэр бэриниилээх киһи баар буолан күн бүгүн тигинэччи үлэлиир.

Слепцов Руслан Семёнович – баянист, музыкант, ырыаһыт, мелодист. Ырыа – олох аргыһа. Элбэх малааһын кинитэ суох барбатах буолуохтаах. «Кустук» оҕо саадын күн бүгүнүгэр диэри улуус, республика таһымыгар таһаарар, хаардыы хаамар кыахтаах киһибитинэн бары киэн туттабыт!

Аммосова Татьяна Анатольевна – математика учуутала. Оскуола иһигэр сойуус саҕанааҕы «үөрэҕирии кылааттарыттан» биирдэстэрэ. Маннык самородоктар аны суохтара буолуо. Элбэх оҕо-аймах уоһугар номох буолан хаалбыт педагортартан, биирдэстэрэ чиэстэммитэ барыбыт чиэспит.

Олохтоох баһылык Наталья Слепцова бу ааттаммыт дьон үлэтин үрдүктүк сыаналаан, 15 000 уу харчынан хас биирдиилэригэр бириэмийэлээн «Илии тутуурдаан, өттүк харалаан» ыыппыта үөрүүбүтүн өссө үксэттэ. Манна даҕатан ахтан аһарыахпын баҕарабын, бэйэтин эдэркээн сааһыгар сүрдээх мындыр, муударай, салайар дьоһун талааннаах баһылыкпытыгар Наталья Владимировна Слепцоваҕа барҕа махталбын тиэрдэбин! Бөһүөлэк хаһан «Учаастак» ыстаатыһын ылан, барар баран, көһөр көһөн бүтэрин кэтэспэккэ, нэһилиэк бүгүҥҥү үүнэр күнүн туһугар, ону ааһан барҕара сайдарын иннигэр тус кылаатын уган, баарынан-суоҕунан үлэлээн олорор баһылыкпытыгар махтанабыт!

Галина Стручкова – Табайаана