Ааспыт нэдиэлэҕэ улуус дьаһалтатын 2023 сыллааҕы үлэтин нэһилиэнньэ иннигэр отчуота саҕаланна. Бастакы отчуот тохсунньу 23 күнүгэр Сартаҥ нэһилиэгэр буолла. Манна улуус баһылыга Владислав Иванов салайар рабочай отчуоттуур бөлөҕө тиийдэ.
Бөлөххө улуус дьаһалтатын финансовай салалтатын начальнига Алексей Харбин, тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Кэскил Ефимова, үөрэх салалтатын начальнигын солбуйааччыта Иван Попов, социальнай харалта салалтатын салайааччыта Любовь Слепцова, Үлэлээх буолуу киинин салайааччыта Екатерина Горохова, Социальнай Пуонда улуустааҕы отделын салайааччыта Александр Неустроев, Улуустааҕы Киин балыыһа кылаабынай бырааһа Владимир Докторов, ОДьКХ улуустааҕы филиалын дириэктэрэ Кудрат Лукманов, экология инспекциятын үлэһитэ Николай Степанов, полиция отделыгар участковайдары салайааччы Иннокентий Кривошапкин киирдилэр.
Отчуоттуур мунньахха улуус дьаһалтатын управлениеларын салайааччылара бэйэлэрин тус эппиэттээх салааларынан ааспыт сыллааҕы үлэлэрин кэпсээтилэр. Улуус баһылыга Владислав Иванов Дьааҥы дьаһалтата сыллааҕы үлэтин уонна улуус иннигэр турар бары соруктары, общественнай ситиһиилэри, хамсааһыннары хабан киэҥ ис хоһоонноох сүрүн дакылааты оҥордо. Баһылык ааспыт сылга улуус дьаһалтата муниципальнай, республиканскай, федеральнай бюджеттар үбүлүүр бырагыраамаларын сөпкө наардаан, аттаран үлэлээһини ситистэ диэн ыйда. Ол түмүгэр улууска социальнай уонна олоҕу-дьаһаҕы хааччыйар суолталаах тутууга уонна өрөмүөҥҥэ түмүктээх үлэлэр бардылар уонна кэлэр чугастааҕы сылларга ханна, хайдах салгыы дьаһаллара быһаарылынна, былааннанна.
Улууска ааспыт сылга кыранан, уонча да киһинэн буоллар, нэһилиэнньэ ахсаана эбиллибитэ бэлиэтэннэ, ол үөрүүлээх, сөпкө дьаһанан, үлэлээн-хамсаан истэхпитинэ Дьааҥыттан дьоммут-сэргэбит көһөн барыылара, нэһилиэнньэ ахсаана кыччыыр тенденцията тохтуон сөп, ол эрэн бүгүҥҥү күҥҥэ улууска бары салааҕа, үлэҕэ — дьаһалга кадр, үлэһит илии тиийбэтин боппуруоһа сытыытык турар диэн улуус баһылыга бэлиэтээтэ.
Владислав Иванов улуус дьаһалтатын иннигэр күннээҕи олох-дьаһах боппуруостарын тэҥэ киэҥ уопсастыбаннаһы хабар, судаарыстыба иннигэр турбут улахан боппуруостары быһаарыыга тэҥҥэ хардыылаан үлэлээһин соруга турарын ыйда. Оннук үлэнэн улуус дьаһалтата Украинаҕа буола турар анал байыаннай операцияҕа кытта сылдьар Дьааҥыттан төрүттээх дьоҥҥо уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр анал көмөнү уопсастыбаннас хамсааһынын, көмөтүн түмэн туран оҥоһуллар дьаһалта былааннаах үлэтин кэпсээтэ.
Сартаҥ нэһилиэгэ
Владислав Иванов ааспыт сыллааҕы отчуокка улуус дьаһалтатын иннигэр Сартаҥ нэһилиэнньэтэ туруорбут, ирдээбит 17 боппуруостарын Сартаҥ дьаһалтата боротокуолга сөпкө толорон киллэрбиттэрин бэлиэтээтэ. Ол түмүгэр дьаһалта Сартаҥнар туруорбут 17 ирдэбиллэрин толорууга үлэлээтэ. 17 ирдэбил боппуруостан барыта кэриэтэ толоруллубута, ситиһиллибитэ бэлиэтэннэ.
Сартаҥнар бүгүҥҥү күҥҥэ сүрүн кыһалҕаларынан Киин котельнай бөһүөлэги итиинэн хааччыйыыта биллибэт биричиинэнэн ситэтэ суоҕун ыйдылар. Олорор да, социальнай эйгэ да дьиэлэрэ аһара сөрүүннэрин эттилэр. Бу боппуруоска араас санаа, этинии буолла. Владислав Иванов тиэллэн кэлэр чох хаачыстыбалаах буоларыгар үлэни саҕалаатыбыт, ол курдук быйыл Хакасия таас чоҕо тиэллиэхтээх, хайдаҕа биллиэхтээх диэн иһитиннэрдэ.
Сартаҥ олохтооҕо В.Н. Аммосов ОДьКХ салалтатыттан киин котельнай тоҕо үчүгэйдик дьиэлэри сылыппат биричиинэтин дириҥник чинчийэн түргэнник быһааралларын уонна эһиилги сылга котельнай үчүгэйдик сылытарын ситиһэр үлэни түргэнник, бу саас туох матырыйаал наада буоларын тиэйэн аҕала охсон оҥороллорун ирдээһини олунньуга Республика Бырабыыталыстыбатын отчуотугар туруоруохха диэн эттэ.
Сартаҥ «Кустук» оҕо саадын директора Т.Е. Слепцова, нэһилиэк дьокутаата: «Былырыыҥҥы отчуокка биһиги детсад муостатын уонна электропроводкатын өрөмүөнүн туруорсубуппут, ол бу сайын оҥоһулунна, онон улуус дьаһалтатыгар махтал! Оҕо саадын дьиэтэ 1965 сыллаах тутуу, фундамена олох бүппүт, сытыйда. Онон капитальнай өрөмүөн туһата суох. Оҕо саадын тутуутун, суруога төһө да күүттэриилээх буоллар, федеральнай программа уочаратыгар күүтүөххэ наада. Онуоха диэри улуус дьаһалтата биһиэхэ абырах өрөмүөҥҥэ көмөлөһүҥ», – диэн эттэ.
Сартаҥ оскуолатын директора А.С. Пономарева: «Былырыыҥҥы отчуокка туруорсубут боппуруоспут, оскуола, интернат капитальнай өрөмүөнэ үчүгэйдик оҥоһулунна. Интернат былырыыҥҥытааҕар сылыйда. Аны оскуолаҕа автобус бэриллэрэ буоллар. «Д» кылаастаах, автобус ыытар бырааптаах суоппар баар. Бэйэбит транспорбыт суох буолан оҕолорбут араас хаарыан улуустааҕы тэрээһиннэргэ ситэ, толору барытыгар кыттыбаттар», – диэн эттэ.
К.Н. Аммосов, пенсионер: «Нэһилиэккэ техника эһиннэ, эргэрдэ. Саҥа техника ыларга туох эрэ, хайдах эрэ көмө наада этэ. Улуус баһылыга Владислав Иванов былырыыҥҥы отчуокка биһиэхэ, Сартаҥҥа оҥоруохпут диэбитин барытын оҥоро сатаабыттар. Холобур, «Туймаада» ырыа ансаамбылын аҕалыа этибит диэбиккит, «Туймаада» уолаттара кэлэн ыллаан-туойан нэһилиэк дьонун бэркэ сааратан, сэргэхситэн барбыттара», – диэтэ.
И.И. Аммосов: «Сартаҥҥа кооператив хотонун тутуохха наада. Улахан уопсай хотон тутулуннаҕына, кооперативка киириэхпит этэ диир дьон бааллар», – диэн ыйда. В.Н. Аммосов, нэһилиэк дьокутаата: «Отчуокка иһиттэххэ, улууска тыа хаһаайыстыбатыгар саҥа дьарыктары, саҥа идеялары киллэрэн үлэлээн эрэр точкалар, дьоннор бааллар эбит, Остуолбанан, Үөттээҕинэн эҥин. Олору өйөөн сайыннаран иһиэххэ, биһиэхэ эмиэ олор уопуттара кэлэрин курдук. Сартаҥҥа оҕуруот аһын, хортуосканы ыаллар бэркэ үүннэрэллэр. Урукку самолетунан тиэллэри кытта тэҥнээн аахтахха, билигин Сартаҥҥа үүннэрэн ылар хортуоскабыт хас да самолет буолара буолуо. Манна субсидия көмө оҥоһуллара буоллар нэһилиэнньэҕэ улахан өйөбүл буолуо этэ», – диэн санаатын эттэ. Маны тэҥэ Василий Николаевич: «Духовноска үлэ наада, сахабыт тыла туттуллара мөлтөөн эрэр диэн республика үрдунэн куруук этиллэр, суруллар. Суруйааччыларбытын бу биһиги курдук кытыы нэһилиэктэргэ аҕалан көрдөрөллөрө, тылларын-сэһэннэрин истэрбит буоллар ыччаттарга да, биһиэхэ, кырдьаҕастарга да төһөлөөх үчүгэй, санааны сайҕаардар, духовноһы күүһүрдэр үтүө үлэ буолуо этэй», – диэн бэрт дириҥ санаатын эттэ.
Сартаҥнар элбэх тылы доруобуйа харыстабылын салаатыгар – мобильнай биригээдэлэр үлэлэрин түмүгэр, нэһилиэккэ эминэн хааччыйыы, эмп атыыта суоҕар этиннилэр. Манна улуус кылаабынай бырааһа В. Докторов: «Нэһилиэктэргэ эми атыылааһыны тэрийии уустуктардаах. Хас да сыллааҕыта Баатаҕайдааҕы аптека биһиги нэһилиэктэрдээҕи участковай пууннарбыт нөҥүө эми атыылыы сылдьыбыттара да нэһилиэнньэ өттүттэн төлөбүргэ улахан иэстэр үөскээннэр, тохтообуттара. Республикаттан нэһилиэктэргэ эми атыылааһыны тэрийиҥ диэн дьаһал баар. Ол эрэн тэрээһиҥҥэ улахан уустуктар бааллар. Баатаҕайга баар икки аптека эми оптоввай атыылыырга лицензиялара суох. Эмп атыытын сүрүннүүр федеральнай сокуон ирдэбилинэн, нэһилиэккэ аптека үлэлииригэр онно атыылыырга оптовай эмп тэрилтэтиттэн эми ылан атыылыыр дуогабар наада. Оннук эми оптовай атыылыыр тэрилтэ республикаҕа икки эрэ баар. Олорго суруйбуппут, билиҥҥитэ эппиэт суох. Ону тэҥэ эми аптека быһыытынан атыылыырга анал фармацевт үөрэхтээх дьон буолуохтаахтар. Анал ирдэбиллээх дьиэ-уот, хос, анал ыскааптар, холодильниктар баар буолуохтаахтар. Хас биирдии ханнык эмп кимҥэ атыыламмытын учуоттуур аптека кассовай аппарата баар буолуохтаах. Онон толкуйдуубут. Урукку курдук, нэһилиэктэргэ биһиги үлэһиттэрбит нөҥүө Баатаҕайдааҕы аптека эмин атыылыыры өссө боруобалаан көрөрбүт буолуо», – диэн быһаарыы биэрдэ. Мобильнай биригээдэлэр үлэлэригэр сыһыаннаахха улуус кылаабынай бырааһа «саҥа тэрээһин, онон араас итэҕэс баар, ол эрэн барыта дьаһаллан, тупсарыллан иһиэхтэрэ», – диэн быһаарда.
Маны таһынан, нэһилиэнньэттэн Сартаҥ үрэҕин, нэһилиэгин тула экология хонтуруолугар, улууска буруйу оҥоруу ааспыт сылга хайдаҕар, үүтү туттарыыга, сүөһү, сылгы иитиигэ туох көмө баар буолуон сөбүгэр ыйытыылар киирдилэр, этиниилэр буоллулар. Бары ыйытыктарга туһааннаах толору эппиэттэр бэрилиннилэр. Түмүккэ отчуот мунньаҕар кыттыбыт, истибит Сартаҥ олохтоохторо Дьааҥы улууһун дьаһалтатын ааспыт 2023 сылга бары салааҕа, хайысхаҕа үлэтин үчүгэйинэн сыаналыахха диэн этиилэргэ сөбүлэһэллэрин биллэрдилэр.
Сартаҥ кэнниттэн улуус дьаһалтатын отчуоттуур бөлөҕө Барыласка отчуоттуохтаах этэ да, күүстээх тыал түһэн, суолу тибэн, Барыласка баран иһэн төннөргө күһэлиннилэр.
Арыылаах нэһилиэгэ
Отчуот мунньаҕар арыылаахтар араас хайысхалаах бэрт элбэх боппуруоһу ыйыттылар, туруордулар.
А.М. Потапов, пенсионер, Арыылаахха өрдөөҕүтэ, сэбиэскэй былаас саҕана тутуллубут икки этээстээх олорор дьиэ аварийнай туругун туһунан докумуон оҥоһуллан турарын эттэ. Уонна ол аварийнай буолбут дьиэ оннугар саҥа дьиэ тутуллара наадатын ыйда. Маны тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын ветерана сүөһү иитиитигэр зоотехническай норманы үчүгэйдик ааһан, хаһаайыстыбаннай ороскуоту барытын ситэри ааҕан-суоттаан баран субсидияны туруорсан сүөһү иитээччигэ оҥорон таһаарыы сыанатын чэпчэтэр суолу тобулуохха наада диэн ырытыы оҥордо. Дьааҥыга ынах сүөһү иитэр киһиэхэ биир ынаҕы тутуу ороскуота сылга 130-140 тыһыынча солкуобайга тиийэн, ырыынак сокуонунан ынаҕы иитии аһара ночооттоох буолан эстэн эрэр диэн ыйда. Маны тэҥэ А.М Потапов олохтоох почта отделениетын үлэтин күнүн эбэри туруоруста, нэдиэлэҕэ үс эрэ күн почта үлэлиирэ сөбө суоҕун ыйда.
И.В. Аммосов билиҥҥи кэмнэ аска-үөлгэ сыана үөскүүрэ дьон хамнаһа, пенсията үрдүүрүн аһара куотан сиэрэ суох үрдүүрүн, сыана үөскүүрэ хонтуруолламматын ыйда. Улууска сылгы иитиитигэр племенной үлэ хайдах барарын ыйытта. Манна тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта К.С. Ефимова: «Улууска «Арыылаах» кооператив уонна Адыаччыга «Баачаан» диэн хаһаайыстыба сылгыга племенной үлэҕэ тэрилтэлэр диэн буолаллар, туспа, биэҕэ уонна племенной сылгыны атыылааһыҥҥа субсидияны быһа үөһээттэн ылаллар, биһиэхэ отчуоттуу иликтэр», – диэн быһаарда.
Оскуола директора В.Г. Павлова агрошколаҕа пчеловодствоны киллэриигэ уонна оскуолаҕа муоһунан оҥоһуктарынан дьарыктаныыга көмө оноһуллуон сөп дуо диэн ыйытта. Бу боппуруостарга «үөрэх управлениетын нөҥүө көмө оҥоһуллуон сөп», – диэн эппиэттэннэ.
В.Г. Павлова капитальнай өрөмүөн сөҕүмэр үлэтэ 5 эрэ сааскы-сайыҥҥы ыйдар усталара түргэнник, хаачыстыбалаахтык толоруллубутун махтана бэлиэтиир. Арыылаах икки этээстээх кырдьаҕас оскуолата чахчы модернизацияланан истиин-тастыын сандааран олох дьиҥнээх аныгы кэм оскуолата буолбут. Улуус баһылыгар оскуола капитальнай өрөмүөнүн үлэтин ситиһиилээхтик тэрийбитинэн оскуола коллективын аатыттан Махтал сурук туттарда.
Олег Домнин Арыылаахха культура киинин иһинэн «Чөл олох» диэн хайысханан общественнай үлэтин туһунан сырдатта. Үс сыл устата улуустааҕы хайыһар күрэҕин тэрийбиттэрин, инникитин өссө киэҥник чөл олохтоох буолууга туһуланар тэрээһиннэри оҥорон былааннарын уонна онно улуус дьаһалтатыттан көмө салгыы оҥоһуллара наадатын эттэ.
Отчуоттуур мунньахха кыттыбыт, этиммит арыылаахтар улуус дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.
Мунньах бүтүүтэ баһылык Н.С. Бурнашеваҕа общественнай олоххо көхтөөх сыһыанын иһин уонна анал байыаннай операция кыттыылаахтарыгар көмөнү тэрийии уонна оҥоруу иһин Ил түмэн председателин солбуйааччыта Александр Подголов аатыттан Махтал суругу туттарда.
Боронук нэһилиэгэ
Боронукка отчуоттуур бөлөх састаабар эбии Улуус мунньаҕын председателя Екатерина Ноговицына киирсэн үлэлээтэ.
Отчуоттуур бөлөх бастаан ааспыт сылга үлэҕэ киирбит модульнай фельдшерскэй пууну көрдүлэр. Отчуот информациятын, дакылаатын кэнниттэн улуус баһылыга былырыыҥҥы отчуокка туруоруллубут боппуруостар Боронук дьаһалтата толорбут боротокуолугар ситэтэ суохтук суруллубуттарын ыйда уонна быйылгы отчуот мунньаҕын боротокуолун кичэйэн оҥороллоругар, оччоҕо эһиилги отчуот мунньаҕар быһаарсыы олохтоох буолуо диэн ыйда.
Оскуола директора Н.А. Потапова оскуола К. Никитин аатынан спорт саалатын ремонун уонна оскуола музейын туспа дьиэтин тутуу боппуруостарыгар тохтоото. Улуус баһылыга Владислав Иванов ити боппуруостары быһаарыахпыт диэн эрэннэрдэ.
Р.А. Чирикова, үлэ ветерана: «Быйылгы 2024 сыл улууска история сылынан биллэриллибитэ олус сөптөөх, үчүгэй дьаһал», – диэн туран, Верхоянскай куоракка, Боронукка олорбут, үлэлээбит, Дьааҥыга улахан туһаны, үлэни оҥорбут историческай дьонного өйдөбүнньүктэр, көннөрү мемориальнай дуоскалар да суохтарын бэлиэтээтэ.
Боронук баһылыга В.И. Сыромятников Мачахха үлэлиир эдэр учууталлар олорор дьиэлэрин боппуруоһа ыараханын кэпсээтэ уонна Мачахха быраҕыллан турар 2 кыбартыыралаах дьиэни өрөмүөннээн учууталлар олороллоругар бэлэмнииргэ улуус көмөтө наадатын эттэ. Нэһилиэк баһылыга маны тэҥэ Боронук дьоно «Якутопторг» самолетунан «зелёный рейс» оҥорон тиэйэр аһыттан матан хаалалларын эттэ. Боронук дьонун Баатаҕай квотатыттан арааран «зеленый рейс» аһын-үөлүн түҥэтиигэ туспа өлүүлээн киллэрэр сөбүн эттэ.
Боронук олохтоохторо улуус дьаһалтатын сыллааҕы үлэтин үчүгэйинэн сыаналаатылар.
Боруулаах нэһилиэгэ
Боруулаах нэһилиэгэр улуус дьаһалтатын отчуота Токуматтан саҕаланна. Отчуоттуур бөлөҕү начальнай оскуола коллектива көрүстэ. Токумаҕа ааспыт сылга начальнай оскуола капитальнай ремона оҥоһуллубутун, үлэлииргэ, оҕолор үөрэнэллэригэр үчүгэй усулуобуйа баар буолбутун директор В.С. Старостина үөрэ-көтө кэпсээтэ.
Күнүс эрдэ соҕус да буоллар токумалар мунньахха көхтөөхтүк кэлэн иһиттилэр, кытыннылар. Улуус дьаһалтатын отчуотун иһитиннэриилэрин, дакылааттарын кэннэ токумалар элбэх боппуруоһу ыйыттылар.
Сылгыны, ынаҕы иитиигэ араас ирдэбил, отчуот кэтэх хаһаайыстыбаларга тиийэ тоҕо кэнники наһаа элбээтэ, күүһүрдэ диэн ыйытыыга, судаарыстыба бюджеттан көмөтө улаатан иһэр, ол иһин судаарыстыба ирдэбилэ, хонтуруола сокуон быһыытынан тэриллэр диэн эппиэт бэрилиннэ. Токумаҕа киин ититии хаһан киириэҕэй диэн ыйытыкка улуус баһылыга: «Токумага пеллетнай котельнай проега 2026 — 2027 сс. турар», – диэн биллэрдэ.
«Хаарбах дьиэ» бырагыраамаҕа хайдах киириэххэ сөбүй диэн ыйытыкка Боруулаах нэһилиэгин дьаһалтата Токумаҕа анал бырагыраама оҥоруохтаах диэн ыйылынна.
Үүтү туттарыыга заготовителы кытта дуогабары хайдах түһэрсиигэ кэккэ боппуруостары дьүүллэстилэр. Атын нэһилиэктэргэ этиллибитин курдук, Токумага эмиэ эмп атыыта суоҕа, Токумалар «Якутопторг» самолетунан аһы-үөлү тиэйэр «күөх рейстэрин» туһатыттан маталлара этилиннэ.
«Полиметалл» хампаанньа социальнай көмөтүн куонкуруһугар Токума оскуолата киириэн баҕалааҕын эттилэр да, 2024 сылга ол кыаллыбат, «Полиметалл» быйылгы сылга бары социальнай көмөтүн Барыласка фельдшерско-акушерскай пуун тутуутугар эрэ аныырын туһунан быһаарыы бэрилиннэ. Токума тула көмүсчүттэр чинчийии үлэтин ыытан эрэллэрэ уонна үрэх сүнньүнэн маһы алыс кэрдэллэрэ улааппытын туһунан этилиннэ. Эһэ-бөрө элбээн, ону лицензия ылан бултуур дьон наадалар диэн этилиннэ. Манна улуус дьаһалтата анал үлэ былааннанарын туһунан биллэрдэ.
Мунньахха ветераннар, пенсионердар М.Е. Старостина, М.М. Юмшанова, З.И. Старостина, оскуола директора В.С. Старостина элбэх этиилэри оҥорон, кэпсэтэн кытыннылар. Улуус баһылыга Владислав Иванов Боруулаах баһылыгар Е.И. Юмшановка токумалар боппуруостарын, этиилэрин барытын түмэн соруктаахтык үлэлииргэ ыҥырда.
Боруулаах нэһилиэгин киин бөһүөлэгэ Томторго отчуот мунньаҕар нэһилиэк олохтоохторо биир дойдулаахтарын Владислав Михайлович үлэтин-дьаһалын истэ уонна кыһалҕаларын үллэстэ үөрэ-көтө кэллилэр.
Боруулаахтар сүрүн кыһалҕалара бүгүн маһынан оттунан олорор ыаллар кыһалҕалара буолара этилиннэ. Мас мастыыр да дьон, мас тиэйэр техника да тиийбэт-түгэммэт буолан эрэрэ этилиннэ. Нэһилиэк дьоно төһө да өйөһөн-убаһан, хардарыта көмөлөсүһэн олордоллор, ордук быйылгы тымныы кыһын ыарахан буолла диэн оскуола директора З.В. Божедонова эттэ.
Уонна нэһилиэк олохтоохторо Ил Дархан Айсен Николаев аатыгар сурук суруйбуттарын, сурукка илии баттааһын бара турарын биллэрдэ. Баһылык Владислав Иванов киин котельнай тутуутун бырайыагар саҥардыы буоларын, урукку бырайыакка саҥа тутуллубут дьиэлэр уонна да сорох түгэннэр саҥаттан оҥоһуллуохтаахтарын туһунан эттэ. Уонна Боруулаах киин котельнайын тутуута саҕаланыа диэн эрэнэрин эттэ.
Үлэ ветерана С.И. Стручкова быйылгы кыстыкка агрооскуола «Көдөй» үлэ лааҕырыгар оттообут отторун нэһилиэнньэҕэ наадыйар дьоҥҥо сөптөөх сыанаҕа түҥэтэн биэрбиттэригэр дьон махталын биллэрдэ. Кэккэ боппуруостар олохтоох балыыһа үлэтинэн ыйытылынна. Экология боппуруоһугар ыйытыкка улуустааҕы экология хонтуруолугар инспекция үлэһитэ Н.Г. Степанов: «Ылыллар анализтар көрдөрүүлэринэн Боруулаахха үрэх уута улууска ханнык да нэһилиэктээҕэр ыраас туруктаах», – диэн иһитиннэрдэ.
Түмүккэ Боруулаах олохтоохторун аатыттан З.В. Божедонова улуус баһылыгар үлэтэ-дьаһала ситиһиилээхтик баран иһэриттэн үөрэллэрин, киниэхэ эрэнэллэрин, үлэтэ өссө тахсыылаах буоларыгар алгыһын тиэртэ. Баһылык Владислав Иванов биир дойдулаахтарыгар үтүө тылларын иһин махталын биллэрдэ уонна бэйэтин тус Махтал суругун бастакы учуутала Матрена Николаевна Неустроева уонна бастакы үлэҕэ уһуйбут наставнигын Владимир Трофимович Чириков дьиэ кэргэнниилэргэ анаан туттарда.
Маны тэҥэ улуус баһылыга Боруулаах оскуолатын тракторист-механизаторыгар Алексей Божедоновка өр сыллаах үтүө үлэтин иһин уонна Арктика сайдыытыгар кылаатын иһин Ил түмэн Арктика уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу төрүт норуоттар дьыалаларыгар бастайааннай комитетын председателя Е.Х. Голомарева аатыттан Ил түмэн Бочуоттаах грамотатын туттарда.
Маны тэҥэ республика культурнай нэһилиэстибэ обьектарын харыстааһыҥҥа Департамент салайааччыта Н.А. Макаров Махтал суругун Евгений Юмшановка туттарылынна. Раиса Саввиноваҕа үбүлүөйүнэн 45 тыһыынча солкуобайдаах сертификат бэрилиннэ.
Сартаҥҥа, Арыылаахха, Боронукка, Токумаҕа, Боруулаахха улуус дьаһалтатын отчуотун мунньахтарыгар барытыгар нэһилиэнньэ отчуот олус сиһилии, бары эйгэни, хайысханы хабан кэпсэммитин, иһитиннэриллибитин бэлиэтээтилэр. Отчуот мунньахтара 4-5 чаас устата олохтоохтук ылсан бардылар. Мунньахтарга этиллибит үгүс боппуруостар олунньуга салгыы Бырабыыталыстыба отчуотугар туруохтара.
Дьааҥы улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата