«Түбэ» сылгы иитэр ферматыгар үс уордьаннаах сылгыһыттар

Элгэс нэһилиэгин историятыгар киирбит дьоннорунан буолаллар «Түбэ» сылгы иитэр племенной ферматын сылгыһыттара. Манна үлэлээн ааспыттара үс уордьаннаах сылгыһыттар «Үлэ Кыһыл Знамята», «Бочуот Знага» уордьаннар кавалердара Рожин Петр Алексеевич, бырааттыы Петр Михайлович, Константин Михайлович Сыроватскайдар. Кинилэр ааттарын эдэр көлүөнэ дьон киэн тутта ахталлар.

Ол курдук үһүөн «Эҥэ» совхоз Элгэстээҕи отделениета тэриллиэҕиттэн өр сылларга пенсияҕа тахсыахтарыгар диэри 1961 сылтан 1980-1990 сылларга диэри сылгыһытынан үлэлээбиттэрэ.

1972 сыллаахха «Түбэ»племенной сылгы иитэр ферма тэриллэр. Сылгыны үөрдээн иитиигэ, төрүөҕү тыыннаахтыы ылыыга үгүс сыллаах сыралаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммыта, баай уопуттара республикаҕа киэҥник тарҕаммыта. Элита кылаастаах сылгылар республика үгүс улуустарыгар  хааны тупсарыыга киэҥник тарҕаммыта. Племенной сылгылар республикаҕа, оройуоҥҥа үгүстүк быыстапкаларга, күрэхтэргэ кытталлара. Сылгыһыттар ситиһиилээх үлэлэрэ нэһилиэк олоҕор сүҥкэн улахан кылааты киллэрбитэ. «Түбэ» племферма старшай сылгыһытынан үгүс сылларга үлэлээбитэ мин аҕам Рожин Петр Алексеевич Дьааҥы Бочуоттаах гражданина, «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьан кавалера, Саха республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, «За трудовое отличие», «За доблестный труд», «За доблестный труд в ВОВ», ВДНХ үрүҥ көмүс, В.И.Ленин 100 сааһын туолуутунан медалларынан, 2 төгүл РСФСРга социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, пятилеткалар кыайыылаахтара, коммунистическай үлэ ударнига бэлиэнэн, Верховнай Совет Президиумун  грамотатынан, онтон да үгүс махтал суруктарынан наҕараадаламмыта, үлэ-тыыл ветерана, «Отличник социалистического соревнования РСФСР» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Аҕабыт пенсияҕа тахсан баран күндү түүлээҕи бултааһыҥҥа үлэлээбитэ. Нэһилиэккэ чулуу сылгыһыт Петр Рожин аатынан уулусса баар. Кини олоҕун-үлэтин киэн тутта ыччакка, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсиибит, ахтан-санаан ааһабыт.

Татьяна Рожина

Читайте дальше