2023 сыл «Үлэ сылынан» биллэриллибитэ түмүктэнэн эрэр. Механизатор, өр сылларга бөһүөлэги от-мас тиэйиитинэн хааччыйан олорор киһибит туһунан хайаан даҕаны махталбытын этэн аһарар тоҕоостоох кэммит үүммүтүнэн ааҕабыт.
Нэһилиэнньэҕэ соҕотох трактор баар, чааһынайдарга, тэрилтэлэргэ соҕотоҕун хааччыйар. Кини кимий? Тыа сирин олоҕо бэйэтин иһигэр чуумпу, холку курдук эрээри, бөһүөлэкпит иһигэр олох күөстүү оргуйар. От-мас тиэммэтэххинэ, дьаһалгын ситэри дьаһамматахына, тыа сирин олоҕор элбэх харгыстар, мэһэйдэр кэтэһэллэр. Сүүрэр көлө хаһан даҕаны харах далын ортотугар сылдьар, сүөһүлээх уонна сылгылаах, оттук мас тиэйтэрэр дьон өрүү даҕаны кэтэһэр ордук мааны хоноһолоро, саамай эркин курдук эрэнэр бастыҥ киһилэрэ кини эрэ буоллаҕа.
Тиэхиньикэ ис тыына «сүрэҕэ -быара чэнчис», мотуора сапчааһа барыта бэлэм эрэ буоллаҕына бүгүн сарсын көлө сүүрэр кыахтанар. «Элгэс» коллективнай тэрилтэ,кэлин производственнай коллектив саҕаттан,кэнникки сылларга тэрилтэлэр үлэлэрэ тохтоон оттук маһынан хааччыйыыга,тиэйиигэ урбаан тэринэн үлэлээбитэ уопсайа тракторга 30 тахса сыл буолла. Отут сыл диэн этэргэ эрэ дэбигис, уһун сылларга нэһилиэк олоҕун сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрсэн олорор кыахтаах дьоннорбутуттан биирдэстэрэ буолар механизатор Мигалкин Иван Егорович Элгэс нэһилиэк киэн туттар баар суох биир бастыҥ хоһуун үлэһитэ.
Бэйэтэ бу бэйэккэлээх элбэх үлэтиттэн соло-быыс булан улахан хаһаайыстыбалаах ынах сүөһү, сылгы тутан олороллор.
Кэргэнинээн Айна Иннокентьевналыын ыал буолан кэтэх хаһаайыстыба туппуттара эмиэ 30 ча сыл буолла, үүт-эт аһы нэһилиэнньэҕэ дэлэччи хааччыйаллар.
Оскуолаттан ураты тэрилтэлэри маһынан хааччыйан, нэһилиэккэ өҥөтө сүҥкэн улахан.
Татьяна Рожина