Дьааңы улууhугар анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарга көмө оңоhулла турар. Ол курдук, бу күннэргэ Боруулаах нэhилиэгин Токуматыттан Ийэ дойдуларын иннигэр ытык иэстэрин толоро сылдьар үс буойун дьиэ кэргэттэригэр көмө оңоhулунна.
«Боруулаах нэhилиэгэ» муниципальнай дьаhалта тэрилтэлэртэн уонна биирдиилээн дьонтон хомуллубут бородуукталары тиэртэ. Маны таhынан «Үтүө санаа корзината» аахсыйа сиэринэн олохтоохтортон киирбит көмө туттарылынна.
Боруулаах нэhилиэгэр «Эр дьон сүбэтэ» түмсүү былааннаахтык үлэлиир, буойуттар дьоннорун маhынан, мууhунан хааччыйар.
Нэhилиэк дьоно-сэргэтэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтара кыайыы көтөллөөх эргиллэллэрин эрэнэ кэтэhэр.
Раиса Чирикова