Тыа хаһаайыстыбата – нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйар биир сүрүн салаа. Хомойуох иһин, кэлин сылларга тыа хаһаайыстыбата сүөһүнү, сылгыны иитиигэ көрдөрүүтэ лаппа түстэ.
Ырыынак сыһыаннаһыыта саҕаланыытыгар бөдөҥ совхозтар эстибиттэрэ, хаалбыт сүөһү, сылгы, тыа хаһаайыстыбатыгар аналлаах техника чааһынай дьоҥҥо түҥэтиллибитэ. Ону ылбыт дьон сорох өттө сүөһү, сылгы ииттэн барбыттара, сорохтор эспиттэрэ. Үлэһит өттө бу ылбыт сүөһүтүн салгыы иитэн барбыта. Ол курдук бу Сайдыы бөһүөлэгэр Тамара Константиновна Бурцева уонна Анисья Николаевна Слепцова ынах сүөһүнү иитэр хаһаайыстыба тэринэн, олус таһаарыылаахтык, бары сыраларын ууран туран, олохтон туоруохтарыгар диэри үлэлээбиттэрэ. Нэһилиэнньэни этинэн- үүтүнэн хааччыйбыттара, биир күн сынньанан көрбөтөхтөрө. Кинилэр олохтон туорааттарын кытта, бу хаһаайыстыба эһиннэ. Солбуйар, дьыаланы салгыыр биир да эдэр киһи көстүбэтэ.
Бөһүөлэк олох да үүт аһы амсайбакка сылдьыаҕын сылгы уонна ынах сүөһү иитэр хаһаайыстыбалаах Егор Иннокентьевич Стручков, Наталья Константиновна Соловьева уонна ынах сүөһүнү иитэр Николай Дмитриевич Бурцев быыһаатылар.
Бу дьон – олус үлэһит дьон. Наталья Константиновна кэргэнэ Егор Иннокентьевичтыын ханнык да үлэттэн иҥнэн турбаттар. Ааспыт сылга от оттооһунугар элбэх моһуоктар үөскээбиттэрэ. Отторун уу ылбыта. Ону ол диэбэккэ, дулҕа быһан, кураанах хаалбыт сири көрдөөн, булан, сүөһүлэрин кыстатар аһылыгы булбуттара. Аны Наталья үүт сыаҕар үлэлээн, арыытыттан кыыһыгар диэри оҥорон, нэһилиэнньэни үөртэ. Оттон быйыл от үүнүүтэ үчүгэй, күн-дьыл да мэһэйдээбэккэ, оту хото оттоотулар. Онон эбии ынах атыыластылар.
«Мин сүүрбэ биэс сыл оҕо уһуйааныгар иитээччинэн үлэлээтим. Ол гынан баран, сүөһүбүн олох эспэккэ сылдьабын,быыс булан , хаһаайыстыбатын көрүнэбин. Сүрүн болҕомтобун үүт туттарыытыгар уурабын, сайынын кыратык да эбии аһаттахха, үүттэрэ эбиллэр. Хомойуох иһин, үүппүт харчыта биэс эрэ солкуобайынан улаатта», – диир Наталья Константиновна.
Оттон Николай Дмитрьевич кэргэнэ Мария Васильевналыын уонча сүөһүлээхтэр. Сайын аайы оттууллар. Таарыччы оҕолорун үлэҕэ үөрэтэллэр. Уу ылар сылыгар отторун, кураанах сири булан, хос-хос көһөрбүттэрэ. Ити барыта сүрэхтэн, үлэҕэ бэринииттэн тахсар. Быйыл сайына үчүгэй буолан, от бөҕөнү оттоотулар.Сүөһүлэрин кыах баарынан ииттэр санаалаахтар.
«Биһиги баайбыт – сүөһүлэрбит, оҕолорбут бары үөрэнэ сылдьаллар, онно көмөбүт – үүппүт харчыта», – диир Николай Дмитрьевич.
Дьэ, ити курдук ыарахантан чаҕыйбакка, үлэни өрө туппут дьон баар буолан, дьон-сэргэ аһаан-сиэн олордоҕо. Маннык үлэһит дьону өрө тутуохтаахпыт. Киһи эрэ барыта кумаары, бырдаҕы аннынан ууну кэһэ сылдьан оттообот, салапаан маахаарынан оту соһон кэбиспэт. Бу барыта үлэни таптыыртан, үлэҕэ дьулууртан, ыарахантан чаҕыйбат санааттан тахсар. Маннык үлэһит дьонноохпутунан биһиги нэһилиэк дьоно киэн туттабыт. Үлэһит киһи – олоҕу хамсатар күүс, үлэһит киһи – олох сайдар төрүтэ.
Екатерина Заровняева, Эҥэ