Хочуолунайдар турбаларын хойуу буруота томороон тымныылар бурҕааттарын иһинэн туманнаах халлааҥҥа аргыый субуллар. Хоту сир алта ый тымныытыттан нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын араҥаччылыыр хочуолунай үлэһиттэрэ хас биирдии дьиэ, тэрилтэ, эбийиэктэр сөптөөх температураны тутан туралларын, дьон-киһи сылаастык олорорун туһугар түүнү-күнүһү аахсыбакка үлэлииллэр, улахан эппиэтинэстээх постка тураллар.
Аҕа Дойду сэриитин эрэ иннинэ, 1939 сыл тутуллубут Баатаҕай бөһүөлэгэр төһөлөөх дьылҕа уйаламмытын сурукка-бичиккэ тиһиллибит саһархай илиистэр, хаартыскалар кэрэһэлээн эрдэхтэрэ. Оччоттон-баччаҕа диэри дьол, үүнүү, сайдыы уйата буолбут бөһүөлэк, уруккулуу, хойуу туманнаах сарсыардатыттан, чачатар тымныыттан саллыбат үлэ дьоно сүөдэҥнэһэ хаамсаллар.
Трохачев уулуссатын илин уһугар турар, урукку үс этээстээх хочуолунай аттыгар кэккэлии тутуллубут, ПУ – 5 «Геолог» Баатаҕай бөһүөлэгин 60%-нын итиинэн хааччыйар хочуолунай бөһүөлэк биир улахан эбийиэгэ буолар. Манна, олох-дьаһах хаһаайыстыбатын сүрүн тэрилтэтигэр Остуолбаттан төрүттээх Валентин Васильевич Гатилов үлэлиир.
«Мин бу хочуолунайга 2008 сыл сэтинньи ыйыттан үлэлиибин, бастаан эргэ хочуолунайга үлэлээбитим. Эргэ хочуолунай үс этээстээх буолан этээстэринэн сүүрүүтэ элбэҕэ бэрдиттэн киһи улаханнык сылайар этэ. Улахана бэрт эбийиэк буолан бастакы этээстэн үһүс этээскэ диэри сүүрэҕин. Аллара сир аннынааҕы бункерга тачкаҕа кутуллубут чох рельсэнэн сүүрэн оһохторго тиэрдиллэрэ.
Биир сменаҕа, ол эбэтэр 12 чаас устата 33 туоннаны, оттон сууккаҕа 65-66 туоннаны оттобут. Биирдии оһох бункердаах, онно таһырдьаттан чоҕу погрузчик тыраахтар сүөкээбитин транспортер сыабынан оһохтор үрдүлэринэн аҕалан оһоххо кутан толорон иһэр. Биирдии оһоххо 1,5 туонна чох киирэр. Биир сменаҕа икки хачыгаары кытта оператор үлэлиибит. Иккилии чаас буола-буола оһохторго чох хачаайдыыбыт, шлагын таһаартарабыт. Шлак барыта туһаҕа тахсар – суолга кутуллар, дьиэ тутуутугар шлакоблокка туттуллар», – диэн Валентин сырдатар.
Автоматынан үлэлиир хочуолунай чоҕу тиэйэр оборудованиелара, планкалара эргэрэн кэбирииллэр, харан хаалаллар эбит. Планкалара аалыллан тэстэн уулара барар түгэннэригэр аварийнай-диспетчерскай сулууспаҕа (АДС) сайаапка түһүүтүнэн силиэсэрдэр кэлэн ону абырахтыыллар эбит.
«Ханнык оһох хас чааска араарыллыбыта, туга, ханан алдьаммыта сурунаалга бэлиэтэнэн иһэр, биир сменаҕа үс, түөрт сайаапка түһүөн сөп. Бу маннык тымныыларга сылааһы туруорар планкабыт үстүү-түөртүү мүнүүтэҕэ туруоруллар, ол эбэтэр чоҕу сотору-сотору анньар, температура хамнааһынынан уларытыллар», – диир уоппуттаах үлэһит.
Киһи көрө саллар – күрэҥ өҥнөөх, тохтообокко үлэлии турар тыастаах-уустаах улахан хочуолунай аарыма оһохторо, үллэ-түллэ сөтөллөрдүү, тигинэччи умайан томороон тымныыларга иэримэ дьиэни уораҕайын сылааһынан угуттуу тураллар. Хочуолунай сүрүн үлэһитэ – оператор Валентин Васильевич уонна кини үлэлиир кэллэктиибэ бөһүөлэк хас ыала нус-хас олорорун, сылаастык утуйан турарын туһугар түүн утуйбакка, күнүс сынньаммакка эппиэттээх үлэҕэ сылдьаллар.
Хочуолунайдар тоҕус ыйы быһа оттуллаллар – атырдьах 29 күнүттэн ыам ыйын 28 чыыһылатыгар диэри, сайыҥҥы өттүгэр өрөмүөн үлэтэ саҕаланар. Сайын 6 хочуоллаах хочуолунайга бункердара арыый улахан иэннээх икки саҥа хочуолу аҕалан туруорбуттар, ол эбэтэр бэһис уонна алтыс хочуоллары уларыппыттар. Уолаттар салалта өттүттэн болҕомто уурулларын махтана кэпсииллэр. Төһө да түүннэри-күнүстэри, сыппакка-олорбокко чох быылын-быдаанын быыһыгар үлэлээтэллэр «Киһи көхсө сылайар үлэтэ» диэн баар кырдьыгы быктараллар.
Валентин Васильевич Баатаҕайга киириэн иннинэ тыа хаһаайыстыбатыгар сылгы иитиитинэн дьарыктаммыт. Уоппускатын кэмигэр, күһүөрү, ыраах айаннаабакка, төрөөбүт дойдутугар убайын Виталий Васильевиһы кытта мотуорунан сылдьан бултуурун, сынньалаҥын балыктаан, кустаан атаарарын туһунан ахта кэпсиир, «Биир үөр курдук сылгылаах этим. Дойдум Улахан сыһыытыгар оттооччубут. Баатаҕайга көһөн кэлиэхпититтэн ииттэр хаһаайыстыбам суох, урут Чолбоҥҥо Алексей Спиридонович Шишигин баасатыгар баран оттоспутум», – диэн сэһэргиир.
Ордук кыһыҥҥы тымныыларга сылааны, сылбаны эрэйэр хочуолунай үлэтэ төһө да ыарахан усулуобуйалааҕын иһин үлэттэн дьолу булбут үс оҕолоох улахан дьиэ-кэргэн аҕата Валентин Васильевич: «Баҕам диэн, инникитин, суол баар эрдэҕинэ, кыһыҥҥы суолунан хочуолунайдарга да элбэх оборудование, сапчаас кэлиэҕин наада. Былырыын Нижнеянскайтан тиэллибит чохпут соччо үчүгэйэ суох диэххэ сөп. Сороҕор куһаҕан хаачыстыбалаах таастаах, буордаах чох түбэһэн хаалар, онон чохпүт үчүгэй буолара буоллар. Хааччыллыыга олох-дьаһах хаһаайыстыбатын салалтата, кылаабынай инженер улахан оруолу ылар буоллахтара. Биһиги «Геолог» хочуолунайбыт автоматизированнай, алдьаннаҕына, кыайан оҥоһуллубатаҕына – бүттэҕэ ол. Уонна билигин даҕаны былыргылыы, илиинэн оттуллар хочуолунайдар элбэхтэр», – диир, хочуолунайдар сөптөөхтүк хааччыллыыларыгар ис сүрэҕиттэн кыһаллан санаатын үллэстэр.
Кыһарыйар тымныы кыһалҕатыттан харыстыыр, ыарахан үлэни үөһэ туппут хорсун-хоодуот хачыгаардар, хочуолунайдар эппиэттээх үлэһиттэрэ баалларын тухары ичигэс дьиэ ахсын иллээх олох салҕанар. Валентин Васильевич кэргэнэ – нэһилиэнньэ социальнай харысхаллаах, көмүскэллээх буолуутун тэрилтэтин үлэһитэ Дария Ильинична, улахан кыыстара – улуус киин бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Дайаана, кыра кыыстара – Баатаҕай орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Жулианна, кыралара 6 саастаах Эрхаан намыраабат тымныылардаах Дьааҥы сиригэр хас ыал ахсын сылаас дьиэҕэ барыта этэҥҥэ буолуоҕун баҕараллар, аҕаларынан киэн тутталлар.
Раиса Чирикова