Дьааҥы сирэ киэн туттар айар куттаахтара, талааннаахтара киин куоракка баһаам ахсааннаах. Оттон төрөөбүт дойдуларыгар эргиллэн улахан тэрээһиннэргэ кыттар, ылсар биир дойдулаахтара эмиэ хайаан да баар буолаллар. Ол курдук, муус устар ый саҥата Дьааҥыга сылгыһыт күнүн ылбаҕай, иһирэх ырыаларынан киэргэппит бэйэбит биир дойдулаахпыт Сиэйэ Уола – Айыллыата Дьырылыат оройуоммут уон икки нэһилиэгин кэрийэн умнуллубат ырыа киэһэлэрин бар дьонугар бэлэх уунна.
Кинилиин сэргэ эдэр кэскиллээх саҥа тахсан эрэр ырыаһыттар Айаал Кириллин – Күндэл уонна Николай Никифоров аан бастакыларын Дьааҥы сиригэр сырыттылар, бэйэлэрин билиһиннэрдилэр. Элбэх сүгүрүйээччилэрдээх биир дойдулаахпыт Сиэйэ Уола – Айыллыата Дьырылыат «Дьааҥы аартыга» хаһыат ааҕааччыларыгар анаан Дьааҥыга сырыытын, саҥа хос аатын туһунан уонна инники былааннарын аһаҕастык кэпсээтэ.
– Сиэйэ Уола, бу Дьааҥыга хаһыс кэлииҥ-сырыыҥ буолла?
– 2007 сылтан хаһыс да кэлиим, ону аахпаппын. Кэлиҥҥи кэмнэргэ кэлиэ сатаабытым ыраатта. Дьиҥэр, былырыын сайын Дьааҥы куорат үбүлүөйдээх Ыһыаҕар кэлэ сыспытым эрээри элбэх тэрээһиннэрдээх буоламмын кыайан табыллыбатаҕа. Мин ахтылҕаммын таһаара таарыйа нэһилиэктэргэ сылдьар баҕа санаалааҕым. Ол курдук, күһүн Бырабыыталастыба маҥнайгы нүөмэрдээх дьиэтигэр соһуччу биир дойдулаахпын Евгения Иванованы көрсө түспүтүм. «Олох кэлиэххин наада, оннук түгэн көһүннэ да биллэриэхпит» – диэбитэ. Онно, бу хата, Дьөһөгөй Айыы оҕотугар сүгүрүйэр, сылгыһыттар ааттарын ааттатар, саха сылгытын тэнитэр уонна Дьааҥы сылгытын аатырдар улахан түһүлгэҕэ сөп түбэһиннэрэн миигин эрэ буолбакка бырааттарбын кытта ыҥырдылар. Онон мин биһигини ыҥырбыт оройуоммут култууратын дьонугар, бу маны барытын үбүлээбит нэһилиэктэринэн сылдьарбытыгар массыынанан, суоппарынан тиийэ хааччыйбыт оройуоммут аҕа баһылыгар Владислав Ивановка ис сүрэхтэн чахчы махтанабын.
Уонна оттон бу мин кэлиим – көннөрү буолбатах. Дьоммор-сэргэбэр хайаан да тиийиэм диэн эрдэттэн саныыр этим. Бииринэн айылҕабар, өбүгэлэрбэр уонна дьоммор-сэргэбэр махталым буолар. Саамай сүрүнэ буоллаҕына концердарбар эппитим курдук бу уустук кэмҥэ ол махталым дьоммор-сэргэбэр үөһэттэн кэлэри – үчүгэйи, үтүөнү тарҕатан, кинилэри чэпчэтэн, куттарын-сүрдэрин күүһүрдэр сыаллаах-соруктаах анаан-минээн кэллим. Ол иһин мин өбүгэлэрбиттэн кэлбит күүспүн-кыахпын билиһиннэрэн дьоҥҥо тиэрдэ кэлбит бу санаам, быһыым. Онтум чахчы бу кэннибин хайыһан көрдөхпүнэ нэһилиэккэ алгыс дьайбыта биллэр курдук эбит. Дьон-сэргэ үөрдэҕинэ-көттөҕүнэ кыыллыын-сүөллүүн кытары көстөн бараллар игин эбит, дьикти. Манна кэлиэм иннинэ Сахабыт сирин баһаам элбэх хас да нэһилиэгэр сырыттаҕым, кэлин кинилэр ситиһиилээх буолаллар эбит концердарбын оҥордохпуна. Онон туох эрэ баарый дуу диэн саныыбын… уопсайынан айылҕаны кытары ситим. Ол иһин айылҕаҕа чугаһааҥ, чугаһыа сатыахха наада уонна төһө кыалларынан эргиччи махтана сылдьыҥ диэн этэбин. Оччоҕо син биир эйиэхэ утары уунардаах буолар эбит – кини.
– Дьааҥы айылҕатын, сирин-уотун туһунан туох санаалааххыный?
– Сунтаарым миэхэ дьоллоох оҕо сааһы бэлэхтээбитэ, миигин ырыаһыт оҥорбута уонна суолбар, ииспэр аартыкпын арыйан биэрбитэ. Тоҕо кини? Тоҕо диэтэххэ кини Олоҥхо дойдута буолан. Олоҥхо дойдута буолан онно уһаарылынным уонна төрөөбүт дойдубар эргиллэн кэлэн, чахчы дьоммор-сэргэбэр кэлбитим эмиэ мээнэҕэ буолбатах. Тоҕо диэтэххэ – миэхэ көмөлөспүттэрэ элбэҕэ бэрт. Аһаҕастык эттэххэ, бу дьон-сэргэ эрэ буолбакка уопсайынан өбүгэлэрим көмөлөстүлэр дии саныыбын. Ол иһин онно бу махтана сылдьабын. Тоҕо оннугуй? Тоҕо диэтэххэ Дьааҥы сирэ-уота, айылҕата күүстээх, ураты тыыннаах эбит. Кини көстүбэт, биллибэт курдук эрээри эйгэ өттүнэн мин күүстээх сиргэ төрөөбүт эбиппин. Өбүгэм сирэ бэйэтэ үрдүк хайаларын курдук киһини күүстээх санаалыыр эбит, онтон төрүттээх буоллаххына чахчы эн искиттэн бэйэтэ биллибэт күүстээх буолар эбиккин. Ону өйдүү, эрэнэ уонна махтана сылдьыахха наада эбит. Мин саныахпар, ити үһү таарыйбат буоллаххына – төһө да күүстээх сиргэ төрөөбүтүҥ иһин дьайыыта суох буолуон сөп. Ити барыта итэҕэлтэн саҕаланар…
– Дьааҥы музыкатын туһунан санааларыҥ…
– Эстраднай ырыалар барыта булкуһан биир курдук иһиллэллэр, оттон хоту дойду ырыалара өйдөөн иһиттэххэ уратылаахтар. Кинилэр бэйэлэрин айылҕаларын курдук туспа уратылаах буолаллар. Онтон миэхэ били дьырылатын ыллыыбын дии, онтум кэлин санаатахпына Эҥэлэр эҥээритэр, дьырылатар куоластаахтар эбит үксүлэрэ. Киһи куолаһыгар тиийэ өбүгэлэриттэн син биир оннук бэриллэр эбит. Оннооҕор билигин үҥкүү тылын этэргэ дьарыгыра сылдьабын. Онтубун Сунтаардыы этэ сатыыбын эрээри хотугулуу үҥкүү тылын этэрим миэхэ аны быдан чугас буолаары гынар. Хааным баһыйар, сүүрэ сылдьара баар эбит…
Дьааҥы мелодистарыттан Руслан Кривошапкинныын үлэлэһэбин, ону кытта Христофор Саввиновтыын үлэлэһэн эрэбин. Бу саҕалааһын эрэ, өссө да үлэлиирбит-хамсыырбыт иннибитигэр турар. Сунтаартан элбэх мелодистары кытта үлэлэһэрбин көрдүгүт-иһиттигит, элбэх ырыа баар. Ньурба мелодистарын кытта эмиэ үлэлэһэбин, сүрдээх үчүгэй табаарыстардаахпын уонна бу Дьааҥым айар куттаахтарын кытта үлэлэһэн эрэбин. Син биир ырыа бэйэтин аналлаах киһитин булар эбит, мин ырыам диэн киһи бэйэтэ эмиэ булан ылар эбит…
– Айыллыата Дьырылыат аатыҥ туһунан…
– Айыллыата Дьырылыат диэн Дьааҥыбын кытта ситимниир аат. Бу туһунан телевидениеҕа кытта этэн турардаахпын, өбүгэлэрбиттэн кэлбит диибин бэйэм. Бастаан Сунтаарым Сиэйэтин дьонугар-сэргэтигэр махтанан ити Сиэйэ Уола диэн ааты ылыммытым. Онтон Сиэйэ уолаттара биһи элбэхпит, онно ситэрэн аат баар буолуохтаах диэн быһаарыммытым. Аны ол аатым хайаан даҕаны өбүгэлэрбин кытары – Дьааҥыбын кытта ситимниир аат буолуохтаах диэн буолбута. Ол иһин ити айылҕаттан уонна Айыылартан улахан айдарыылаах өбүгэлэрдээх буоламмын, интэн сиэттэрэн айыллыы диэн кэлэр. Айыллыы диэн айылҕаттан да Айыылартан да буолар. Оттон «ата» диэн Дьөһөгөй Айыы, төрдүбүт кэлэн сыһыарыллан биэрэр. Онтон Дьырылыа – диэн куолаһым, кэннигэр «ат» диэн итини кытта ситимниир. Инньэ гынан, иккиэн бэйэ-бэйэлэрин ситэрсэн биэрэллэр. Бу көннөрү бэйэбинэн кэлбэтэҕэ, бэйэҕинэн кэлбэтэҕинэ син биир киминэн эрэ этитэн кэлэр эбит. Миэхэ Чурапчыттан төрүттээх ытык кырдьаҕас эдьиий баар, өбүгэлэргиттэн кэллэ диэн кини эппитэ. Итинник ылла да эппэттэр, кинилэр эмиэ туох эрэ дьоҕурдаах дьон буолан инник этэллэр.
Онтон сотору Мандар Ууска тиийэ сылдьыбытым, ону ыйыппытым бу аат хайдаҕый диэн. «Судургу, сүрдээх үчүгэйдик иһиллэр уонна сүрдээх үчүгэй ис хоһоонноох», – диэбитэ. Эбии «Чахчы эйиэхэ бу кынаттыыр алгыстаах аат кэлбит уонна ыарахан аат буолбатах эбит, түргэнник ылыныахтара», – диэбитэ. Аат ылынарга инник дьонтон эмиэ ыйытар наада, ол түмүгэр итинник улахан дьонтон алгыстаммыт аат буолар.
Былыргы киһиҥ диэн чуолаан эр киһи дииллэр. Үстэ курданан – үстэ аатын уларытар үһү. Ол кэллэ быһыылаах быһыыта… Мин аат ылыммытым кэннэ иннэ диэбиттэрэ.
– Түмүккэ инники былааннарыҥ…
– Ырыаларбар саҥа альбом оҥоро сылдьабыт. Ону таһынан өссө үчүгэй концертар күүтэллэр. Саҥа бырайыактар бааллар, ону көрүөҕүм. Үлэлэһэр былааным диэн бэйэм эдэр ырыаһыттары кытта үлэлэһэр былааннаахпын. Уопсайынан, кыра-кыратык таһаартыахпын наада. Бэйэбин эрэ буолбакка ыччаттары кытта үлэлэһэр кэмим кэллэ.
Адыаччы нэһилиэгин баһылыгыттан Вячеслав Слепцовтан быйыл Адыаччы нэһилиэгин 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсөр улахан Ыһыаҕар ыҥырыы туттум. Ол саҕана эппитим курдук барыта сатанан – кэлэн хааларым буоллар диэн баҕа санаалаахпын. Онно кэллэхпинэ бэрт буолуо этэ буоллаҕа. Үчүгэй буолуо этэ, сатаныан наада.
– Сиэйэ Уола, истиҥ кэпсэтииҥ иһин махтанабын уонна инникитин өбүгэҥ сиригэр – Дьааҥыга өссө да кэлэргин, саҥа ырыаларгын илэ бэйэҕинэн кэлэн ыллаан кэлэн бараргын күүтэ хаалабыт.
Кэпсэттэ Константин Каженкин — Архаан