Сартаҥҥа мини-паарка тутуллан бүттэ

Дьааҥы улууһун биир ыраах сытар нэһилиэгэр, Сартаҥҥа, бу сайын устата улахан тутуу ыытыллан бүттэ. Нэһилиэк дьаһалтата “1000 дворов на Дальнем Востоке” диэн федеральнай бырагырааммаҕа кыттан, бөһүөлэк хаба ортотугар, үтүөлээх зоотехник Г.А. Аммосов аатынан “Үнкүр” мини-паарканы тутан бүтэрдэ.

Саҥа эбийиэк уопсай сыаната – 7 мөл. солкуобай. Онтон сороҕун, ол эбэтэр 1,5 мөл. солкуобайы олохтоохтор бэйэлэрэ уйуммуттар: нэһилиэк бүддьүөтүттэн 1 мөл. солк. көрүллүбүт, 400 тыһ. солк. олохтоох урбаанньыттар спонсорскай көмөлөрө, уонна 700 солкуобай 146 ыалтан хомуллубут.

Сартаҥ нэһилиэгин баһылыга Наталья Слепцова иһитиннэрбитинэн, эбийиэк араас саастаах дьон сынньанарыгар, иллэҥ кэмин атаарарыгар ананан оҥоһуллубут. Мини-паарка үс түөлбэҕэ арахсар. Бастакы түөлбэ — спорду, көхтөөх сынньалаҥы сэҥээрээччилэргэ сөптөөх. Манна араас тренажердар, оҕо оонньуур балаһаакката турбуттар.

Иккис түөлбэ — дьон олорон эрэ сынньанар, бэйэ-бэйэтин кытта алтыһар сирэ. Үһүс түөлбэҕэ  араас тэрээһиннэр, бырааһынньыктар ыыттыллар буолуохтара. Бу түөлбэни Дьааҥы сылгытын скульптурата уонна Саха АССР үтүөлээх зоотехнигын Г.А. Аммосов уонна Сартан нэһилиэгин үтүөлээх сылгыһыттарын ааттарын үйэтитэр истиэндэтэ киэргэтэр.

Бу бээтинсэҕэ Сартаҥ нэһилиэгэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга саҥа эбийиэги арыйыы сиэрэ-туома ыытыллыа, «Үҥкүр» мини-паарка үлэҕэ киириэҕэ.

Мария Макарова

Читайте дальше