Оокколор оонньуукаларыгар барбатахпын диэн бэйэбин хомуруйа олоробун… Дьаҥ-дьаһах дэлэйбитинэн дьиэ иһиттэн тэлэһийбэтэх ырааттаҕа…
Оҕо хараҕынан көрөр ып-ыраас сааспыт былыр үйэ ааспытын иһин, хас биирдии киһи син биир «Кыра оҕотун» иһигэр иитиэхтээн кырдьаҕас ийэлээх аҕатыгар тапталын нөҥүө бүөбэйдээн, иҥэрэн илдьэ сылдьар, умнубат идэлээх. «Бытыгын быһа үктүөр диэри өйдөммөтөх оҕо курдук санаалаах оҕонньор эмээхсин» да ханна бараахтыахпытый, баарбыт бөҕө буолаахтаатаҕа.
Оҕо аймах үөрэр аймалҕанын иһигэр киирэн тахсар бэйэтэ туспа кэрэ бырааһынньык диэтэҕиҥ. Оҕо барахсан чараас кута олус чычаас буолан кэрэҕэ сырдыкка ис иһиттэн чахчы итэҕэйэр. Итэҕэйбэт буоллаҕына, чымаан хаанын киллэрэн өсөһөн да кэбистэҕинэ көҥүлэ.
Өһөспүт оҕоҕо сыһыан олохтуур олус уустук буолааччы. Утарылаһан,бырачыастаан бөппүрүөктүүр буолла да, бу оҕоҕо болҕомто ситэри тиийбэтин туоһулуур. Чэ ол туһа туһунан. Тохсунньу томороон тымныыта туйгутаан турар 3 күнүгэр култуура киинигэр саҥа дьыллааҕы оҕолорго аналлаах баһылык харыйатын бырагыраамата бэртээхэйдик ааста диэн астына кэпсээбиттэрин сэҥээрэ иһиттим.
1.Тымныы Моруос, Хаарчаана, сана дьыл эҕэрдэлэрэ!
2. Баьылык Наталья Слепцова эҕэрдэтэ.
3. Маскарад күрэ5э – I, II, III миэстэ ылбыт оҕолорго сыаналаах бириистэр.
4. Эҕэрдэ ырыа, үҥкүү, араас көрдөөх оонньуулар, куонкурустар.
5. Саҥа дьыллааҕы Тымныы Моруос бэлэх туттарыыта.
Омос көрдөххө уу боростуой, сылын ахсын ыытыллар бырааһынньык чэрчитинэн ааһар тэрээһин, буолуохтааҕын курдук ылынабыт. Ол эрэн, хас биирдии оҕоҕо кэлэр өттүгэр, үйэ тухары үтүө өйдөбүл буолан хаалар, сылга биирдэ кэлэр уоттаах харыйа бырааһынньыга кырдьык даҕаны дьиҥнээх аптаах алыптаах бырааһынньыктара!
Сандаарар уоттаах тымныы моруостаах, флажок серпантин хлопушка быыстаах эҥин араас өҥнөөх саарык снежинка ыйааһыннаах, чыпчыҥныыр күөх харыйа Саҥа Дьыл киэһэтэ диэн, саҥа дьыл үүммүт үөрүүтэ буоллаҕа эбээт!
Кыракый сүрэхтэр долгуйа да тэбэллэр. Маҥар хаар үрдүгэр баҕа санааларын суруйаллар?.. Аптаах харыйа анныгар түүҥҥү хараҥа бүөбэйдиир биһигэр, оҕолор барахсаттар «баҕа санааларын» эһээ оҕонньорго этэн кэтэһээхтииллэр.
Былыр, биһиги саҕана дьуолка анныгар «кэһиини» хаһан да туппатаҕым… Ол оннугар, доргуччу саҥарар торуоскалаах Моруос оҕонньор тоҕо эрэ «Уот кыһыл» мөһөөччүккэ бадаарах түҥэтэрэ. Онтун иһэ бүтүннүү сахалаат кэмпиэт буолара. Өргө диэри хаһаана сылдьан, сыттык анныгар уктан, эмти тутан кэмчилээн сиэбит аҕай сахалаатттарым, элбэх да этилэр. Минньигэс да этилэр.
Үчүгэй үөрэхтээх оҕолор баһылыктан эҕэрдэтин уонна биллэн турар кэтэһиилээх бэлэхтэрин туттулар. «ФОТО-зона» (Михаил Слепцов кичэллээх оҥоһууларынан), тас өттүгэр сыл хаһаайынын хаар оҥоһуктарынан киэркэтиллибит саҥа дьыл эйгэтигэр хаартыска түһүүлэрэ хас биирдии оҕолоох ыаллар үйэлэргэ умнуллубат өйөбүнньүктэрэ харыйа уотун кытары сырдык сулус буолан сүрэхтэригэр олорон хаалыаҕа… Саҥа дьыл саҥа алыптаах киэһэтэ харыйа уоттаах аптаах күнэ хаһан даҕаны умнуллубат оҕо саас өйдөбүнньүгэ буолан сүүһүнэн, тыһыынчанан сүрэхтэргэ сылы эргиччи умайыаҕа, эһиилги харыйаны эмиэ хайаан даҕаны кэтэһиэҕэ! Сартаҥ нэһилиэгин баһылыгар, Тымныы оҕонньорго, нэһилиэкпит кырачааннарыгар, оскуола оҕолоругар, төрөппүттэргэ оҕо саамай кэтэһиилээх күндү бырааһынньыгын киэргэппит кэрэ киэһэлэригэр истиҥ махталбытын тиэрдэбит!
Оҕолорбут Сартаҥ оскуолатын саамай күндү кылааттара, инникигэ эрэллэрэ буолалларын харыс да умнубаккалар, ситиһиилээхтик үөрэхтэрин бүтэрэн, салҕыы идэлэрин баһылаан, куорсун анньан үүннэрбит Сартаҥ оскуолаларыгар эргиллэн төрөөбүт нэһилиэктэригэр кылааттарын киллэрэллэрэ буоллар диэн баҕа санаабын алҕыы хаалабын.
Галина Стручкова — Табайаана