Улуус баһылыга Владислав Иванов түмүктүүр отчуотун Чөрүмчэ уонна Сайдыы нэһилиэктэригэр ситиһиилээхтик ыытта. Сыллааҕы отчуоту бары нэһилиэктэр үчүгэйинэн, таһаарыылааҕынан сыаналаатылар.
Сайдыы
Сайдыы бөһүөлэгэр улуус дьаһалтатыгар бастакынан сайыннары-кыһыннары улуус киинин кытта сырыы ыараханын эттилэр. Манна улуус баһылыга Владислав Иванов: «Аны сайын катер сырыытын олохтуохпут. Вертолет, самолет туһэр авиаплощадкатын документациятын, сирин нэһилиэк дьаһалтата быһаарыаҕа, онтон үп-харчы көрдөнүөхпүт. Эһиил кыһын улуус ыраах нэһилиэктэригэр муниципальнай транспорт (автобус) сырыытын тэрийиэхпит. Автобустар атыылаһыллан бу саас кэлиэхтэрэ», – диэн эппиэт биэрдэ.
Маны таһынан, сир исписэлииһэ суоҕа, ынах-сүөһү улаханнык аҕыйаабыта, быйыл үүт туттарыыта да кыайан буолбат курдук туруга, быраас суоҕа, учууталлар тиийбэттэрэ, Бурятияттан, Иркутскайтан учууталлар кэлэн үлэлии сылдьаллара, кулуупка хапытаалынай өрөмүөн наадата, атыыр оҕус суоҕа, уонна да атын боппуруостар этилиннилэр. Улуус дьаһалтата «бары боппуруостары үөрэтиэхпит, ол эрэн сорох боппуруостаргыт нэһилиэк дьаһалтатын үлэтэ, эппиэтинэһэ» диэн быһаарда.
Мунньах түмүгэр улуус баһылыга Владислав Иванов Сайдыы бөһүөлэгин бибилэтиэкэрэ Мария Афанасьевна Стручковаҕа ааспыт 2023 сылга улууска «Култуура бастыҥа» номинация лауреата буолбут наҕарааданы уонна култуура салалтатын Бочуоттаах грамотатын туттарда. Сайдыы оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитигэр, республикатааҕы «Олоҥхо» национальнай комитет 2023 сыл түмүгүнэн «Бастыҥ олоҥхону оҕо толорооччу» анал аатын ылбыт Снежана Бурцеваҕа улуус баһылыга Владислав Иванов бэйэтин Грамотатын уонна 25 тыһыынча харчынан бириэмийэ сертификатын туттарда.
Чөрүмчэҕэ
Чөрүмчэҕэ сүрүн боппуруоһунан электростанция кыамтата тиийбэтин күүһүрдэр боппуруос быһаарылла илигэ уонна киин ититии теплотрассатын тардыыга алҕас оҥоһуллан сорох кытыы дьиэлэр ситэтэ суох ититиллэллэрэ этилиннэ. Манна улуус баһылыга Владислав Иванов «Сахаэергоны», Ил Түмэн дьокутаата Виталий Чикачевы кытта бу боппуруостарга үлэлиэм, ол эрэн эһиги маны бырабыыталыстыба отчуотугар эмиэ туруорсаарыҥ диэтэ.
Маны таһынан, Чөрүмчэҕэ эмиэ сир исписэлииһэ суоҕа этилиннэ. Сайыҥҥы кэмҥэ Чөрүмчэҕэ оҕо лааҕырын тэрийэр баҕалаахтарын биллэрдилэр. Биир интэриэһинэй боппуруоһу Х.В. Рожина Киин улуустааҕы балыыһа иннигэр туруорда. «Чөрүмчэҕэ быйыл 9 хат дьахтар баар. Кинилэр ирдэбил быһыытынан оҕолонуохтарыгар диэри Якутскайга үстэ көрдөрүнэ барыахтаахтар. Бу төттөрү-таары көтөр, Дьокуускайга сылдьар ороскуоттара тыа көннөрү ыалыгар улахан ночоот. Ол төлөммөт, бэйэлэрин ороскуоттара. Бу хайдаҕый?», – диэн ыйытыы биэрдэ.
Улуус киин балыыһатын кылаабынай бырааһа Владимир Докторов: «Хат дьахтар Дьокуускайга баран көрдөрүнэрин туһунан ирдэбил бу – дьахтар уонна төрүөхтээх оҕо доруобуйаларын туһугар кыһамньы, судаарыстыбаннай ирдэбил. Онтон Дьокуускайга көрдөрүнэ көтүүлэрин, сылдьыыларын ороскуотун социальнай боппуруос быһыытынан атын муниципальнай, судаарыстыбаннай салалтаҕа туруоруохха сөп», – диэтэ. Чөрүмчэлэр улуус дьаһалтатын отчуоттуур бөлөҕөр, баһылык Владислав Ивановка сыл түмүгүнэн үлэтин үчүгэйинэн бэлиэтээтилэр. Отчуот толору-ситэри, бары боппуруоһу хабан кэпсэммитин эттилэр.
«Дьааҥы улууһа» муниципальнай тэриллии дьаһалтатын пресс-сулууспата