Сэтинньи 24 күнүгэр – Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйааныгар түөрт нэһилиэк кыттыылаах «Үөрэх Федеральнай бырагырааматынан (ФОП) оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор сайдыыларыгар аныгылыы сыһыан» оройуоннааҕы улахан тэрээһиннээх семинар буолан ааста. Оройуоннааҕы семинарга кыттыыны Адыаччытааҕы оҕо уһуйаанын педагогтарын таһынан Боруулаахтааҕы, Табалаахтааҕы оҕо уһуйааннара уонна Алыһардаахтааҕы оскуола-саада ыллылар.
Семинарга тирээн турар боппуруостары ырыттылар
Бастатан туран, семинар аатын чиҥэтэр сыаллаах оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго үөрэх федеральнай бырагырааматыгар киирбит уларыйыылар туһунан Адыаччытааҕы оҕо уһуйаанын иитээччитэ Лена Потапова билиһиннэрдэ. Ол курдук, билиҥҥи саҥа бырагыраама сыалларын, оҕолорго ханнык сыаннастары иҥэриэххэ сөбүн, иитии боппуруостарыгар сүрүн ирдэбиллэри, итэҕэс уонна үтүө өрүттэрин туһунан сиһилии ааҕылынна. Оттон иккис Адыаччытааҕы оҕо уһуйааныттан иитээччи Наталья Акимова уһуйаан иһигэр иитиллээччилэргэ анаан тэриллибит кыракый музей үлэтин туһунан кэпсээтэ. Манна даҕатан эттэххэ, бу үлэ туһунан уһуйаан педагогтара номнуо бырайыак быһыытынан суруйан «Народное образование Якутии» үөрэх уонна наука эйгэтин сурунаалыгар бигэргэтиллэн сотору бэчээттэнэн тахсара күүтүллэр.
Салгыы үөрэх саҥа федеральнай бырагырааматын туһунан аһаҕас кэпсэтии, ырытыһыы быһыытынан ыыттылар Боруулаах оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Мария Акимова уонна уһуйаан иитээччитэ Римма Слепцова. Уопсай киэҥ кэпсэтии кэннэ билиҥҥи кэмҥэ оҕо уһуйааныгар улахан кыһалҕаны үөскэтэр иитиллээччи тылын-өһүн сайдыытын үлэтигэр Боруулаах оҕо уһуйаанын иитээччитэ Римма Слепцова киэҥник сырдатан сэҥээриини ылла. Кистэл буолбатах, аныгы кэм оҕото иллэҥ кэмин ордук телевизор уонна смартфон иннигэр атаараллар. Ол түмүгэр, билиҥҥи саха оҕото нууччалыы саҥаҕа улаханнык барда, оттон бэйэтин төрөөбүт тыла ырааҕынан сылдьар. Бу хайысха үлэтигэр, ону кытта оҕо тула өттүн барытынан сайдыытыгар Боруулаах оҕо уһуйаана бэйэтэ ылсан бу сайын номнуо иккис сылын доруобуйатыгар хааччахтаах, инбэлиит оҕолорго дьиэ кэргэн оскуола лааҕырын үлэлэтэ сылдьарын иһитиннэрдэ. Кылгастык сырдаттахха, бу лааҕырга анаан-минээн Дьокуускай куораттан психолог, логопед курдук араас специалистар кэлэн үлэлииллэр эбит. Лааҕыр өссө да инники сылларга тиһэҕин быспакка үлэлиир былааннаах. Биллэн турар, бу киэҥ далааһыннаах кыһалҕа туһунан кэпсэтии, үөрэтии элбэх бириэмэни ирдиир. Онон оройуон үөрэҕин салалтатын инники былааннарыгар бу кыһалҕа тула Боруулаах оҕо уһуйааныгар бэйэтигэр туспа семинар оҥоруохха сөп диэн этии киирдэ, боротокуолга тиһилиннэ. Маны таһынан, уһуйааҥҥа оҕо сурукка-бичиккэ, ахсааҥҥа уонна уопсай сайдыытыгар үлэ туһунан Боруулаахтааҕы оҕо уһуйааныттан Екатерина Стручкова уонна Анна Иванова бэркэ кэпсээтилэр. Ол курдук, киэҥ бородууксуйалаах «Айар» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт үлэҕэ туттуохха сөптөөх кинигэлэри, босуобуйалары уонна оҕону дьарыктыыр, үөрэтэр анал тэтэрээттэр тустарынан сиһилии көрдөрдүлэр. Бу хас даҕаны араастаах анал үөрэтэр, дьарыктыыр тэтэрээттэри төрөппүт өйөбүлүнэн атыылаһыллан уһуйааҥҥа туттуллара хайҕабыллаах. Ону кытта уһуйаан быйыл «Айар» кинигэ кыһатыгар төрөппүттэр уонна уһуйааччылар оҕолорго анаан суруйбут тэттик хоһоонноро «Дорҕооннор кэпсэтэллэр» диэн хомуурунньук таһааттарбыттарын семинар кыттыылаахтарыгар билиһиннэрдилэр.
Улахан бөлөх иитиллээччилэрин эбээн норуотун үгэстэригэр, култуураларыгар сыһыарыы үлэтин туһунан саҥа сонун сөргүтүллүбүт бырайыагы Табалаах оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Маргарита Стручкова кэпсээтэ. Кини кэпсииринэн, уһуйаан бэйэтин көҕүлээһининэн оҥорбут эбээн норуотун билиһиннэрэр кыракый музейы, бу аҕыйах ахсааннаах норуот таҥаһын-сабын, ырыатын-тойугун уһуйаан оҕолоро олус диэн бэркэ сэҥээрэллэр, ылыналлар диир. Ону туоһулуур уһуйааҥҥа ыытыллыбыт араас тэрээһиннэртэн оҕолор эбээннии ырыаларын-үҥкүүлэрин видеоҕа устууну кытта хаартыскалары көрдөрдө. Күн бүгүн дьиҥ чахчы этигэр-хааныгар илдьэ сылдьар эбээн тыллаах-өстөөх Табалаах нэһилиэгэр икки эрэ ытык кырдьаҕас баарын иһитиннэрдэ. Онон бу бырайыак үлэтэ улахан инникилээх буолара саарбаҕа суох. Уһуйаан салайааччыта Маргарита Стручкова бу ылсыбыт үлэлэригэр анал кинигэ, литература өттө улахан кыһалҕаны үөскэппитин бэлиэтээтэ. Ол курдук, кыһалҕаны быһаарарга оройуон үөрэҕин салалтатын уопсай үөрэхтээһинин сүрүн исписэлииһэ Лариса Старостина улахан өҥөлөөҕүн, күүс-көмө буолбутун туоһулаата. Эбээннии тыас-уус таһаарар музыкальнай инструменнары оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго билиһиннэрэр үлэлээх Табалаах оҕо уһуйааныттан Мария Титова сырдатта. Ол курдук, уһуйааччы таба туйаҕыттан, муоһуттан-уҥуоҕуттан, хатыҥ мастан оҥоһуллар араас музыкальнай инструменнары илэ бэйэлэрин аҕалан, тыаһатан көрдөрөн, иһитиннэрэн дьон болҕомтотун тарта. Кини кэннэ Табалаах оҕо уһуйаанын бырайыагын үлэтигэр сыһыаннаах «Таба – хоту дойду маанылаах кыыла» диэн үлэтин туһунан уһуйааччы Мария Семенова үллэһиннэ. Уһуйааччы Мария Семенова таба туһунан хомуйбут оҕолорго аналлаах араас матырыйааллары, айымньылары, ону кытта бэйэтэ оҥорбут лэпбук оҥоһугун көрдөрдө. Эмиэ Табалаах оҕо уһуйаанын үлэтигэр ыкса сибээстээх «Кындыкан» бырайыак тэриллиитин туһунан уһуйааччы Туяра Прудецкая кэпсээтэ. Уонна түмүккэ Табалаах оҕо уһуйааныттан эбээн норуотун оонньууларын сырдатта уһуйааччы Саргылана Чирикова. Оҕону кытта дьарыкка туттуллар оонньуулары илэ бэйэлэрин аҕалан көрдөрөн, ону кытта туох матырыйаалыттан оҥоһуллан тахсалларын, хайдах тутталларын сиһилии кэпсээтэ. Бу сонун бырайыак үлэтин туһунан истэн баран Табалаах оҕо уһуйааныгар бу улахан үлэни тула эмиэ туһунан семинар буолуон сөбүн этиннилэр, боротокуолга киллэттэрдилэр.
Оттон Алыһардаах оскуола-саадыттан семинарга үөрэх федеральнай бырагырааматын чэрчитинэн оҕону кытта үлэҕэ туттуллар сонун остуол оонньууларын билиһиннэрдэ Мария Потапова. Сахалыы тыыннаах, мас көмөтүнэн оҥоһуллар остуол оонньууларын уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору кытта үлэ туһунан кэпсээбит кэннэ, уһуйааччы Мария Потапова бэйэтэ оҥорон таһаарбыт маһынан мозаика оҥоһугун илэ бэйэтин аҕалан көрдөрдө.
Уопсайа 21 уһуйааччы кыттыыны ылла
Семинар ырытыһар бүтэһик чааһыгар оройуон үөрэҕин салалтатын аатыттан бары оҕо уһуйааннарыгар күүс-көмө, сүбэ-ама буолар уһуйааччыбыт Лариса Старостина түмүктүүр тыл эттэ. Кинилиин тэҥҥэ семинар кыттааччылара, истээччилэрэ бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр, этиннилэр. Бүгүҥҥү семинар үлэтин, бары өттүнэн тэрийиитин сөбүлээн астыммыт биир сомоҕо санааҕа кэлбит уһуйааччылар бэркэ биһирээтилэр. Уопсайа семинарга 21 уһуйааччы кыттыыны ылла, ол онтон аҥаардас 12 уһуйааччыта бэйэ үлэлэрин сырдатан үллэһиннилэр.
Бырагырааманан салгыы семинар кэннэ киэһэ өттүгэр түөрт нэһилиэк кыттыыллаах улахан эҕэрдэ кэнсиэрэ саҕаланна. Эҕэрдэ кэнсиэри уһуйаан салайааччылара – Константин Каженкин, Мария Акимова, Маргарита Стручкова уонна Дария Рехлясова ыыппыттара сонун көстүү буолла, кэнсиэр саҕаланыаҕыттан саалаҕа толору мустубут дьон сэҥээриитин ылыан ылла. Ол курдук, биир тыынынан аламаҕай алгыстаах Адыаччы оҕо уһуйаана, үҥкүүһүт кэскиллээх Боруулаах оҕо уһуйаана, талба талааннаах Табалаах оҕо уһуйаана уонна ырыа куттаах Алыһардаах оскуола саадын үлэһиттэрэ кыттыылаах чахчы да ыраатта көстүбэтэх, ыраатта иһиллибэтэх улахан эҕэрдэ кэнсиэр буолан ааста. Бу күнү анаан-минээн көрсө Адыаччы оҕо уһуйаанын үлэһиттэрэ саҥа биир сомоҕо таҥас, үҥкүү уонна ырыа аайы эмиэ туһунан саҥа таҥас тиктэрбиттэрэ биир чаҕылхай бэлиэ көстүүнэн буолуон буолла.
Кэнсиэр кэннэ кыттааччыларга, ыалдьыттарга толору астаах-үөллээх бырааһынньыктааҕы остуол тэрилиннэ. Манна мустубут дьону-сэргэни көрсө, эҕэрдэлии кэллэ олоҕун 61 сыл устата ыччаты иитиигэ-үөрэтиигэ анаабыт, ол иһигэр 35 сыл Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо уһуйаанын эҥкилэ суох салайбыт СР Үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, Дьааҥы оройуонун уонна Адыаччы нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Христина Корнилова. Ону таһынан, эҕэрдэлэрин тиэртилэр бары оҕо тэрилтэлэрин салайааччылара, уһуйааччылара. Бырааһынньыктааҕы остуол кэмигэр биир чаҕылхай түгэнинэн уһуйаан салайааччылара кыттыылаах бырааһынньыктааҕы торду быһыы сиэрэ-туома буолла. Ол кэннэ тэрийээччи – Адыаччытааҕы оҕо уһуйаана бэлэмнээбит өйү-билиини тургутан көрөр, көрдөөх-нардаах араас оонньуулары ыытта.
Маннык киэҥ хабааннаах, киэҥ бырагырааммалаах оройуоҥҥа үөрэх эйгэтигэр урут да, кэлин да буола илик Учуутал уонна уһуйааччы сылын түмүктүүр улахан тэрээһин буолан ааста. Ыалдьыт нэһилиэктэртэн буоллун, бэйэ нэһилиэгиттэн буоллун түбүктээх үлэ үрдүктүк сыаналанна. Кэлэр инники былааннарга бүгүҥҥү ыалдьыт нэһилиэктэртэн оройуоннааҕы семинар ыытыллара кэтэһиллэр. Үчүгэйтэн үчүгэй сонун элбээн иһиэхтин, үтүө-үтүө сурахтар дэлэйэн кэллиннэр!
Константин Каженкин