Киһи аймах үөскүөҕүттэн аһылыкка анаан араас сүөһүнү ииттэн барбыта биллэр. Саамай былыргы дьиэ сүөһүтүнэн ыт уонна таба буоларын билинэллэр, бу сүөһүлэри киһи аймах 18 тыһ.сыл анараа өртүгэр иитэн саҕалаабыттар. Онтон овцалары (хойдору) 8.5 тыһ сыл анараа өртүгэр ииппиттэрэ биллэр. Дьэ онтон козалары уонна сибиинньэлэри 6500 сыл анараа ииппиттэрэ биллэр.

Онтон киһи-аймах саамай таптыыр, элбэх бородууксуйаны биэрэр ынах сүөһүнү 5000 сыл анараа өртүгэр иитэр буолбуттар. 4500 сылтан дьон улам сайдан сир үлэтинэн дьарыктанар уонна сиэмэни хаһаанар кэмнэриттэн куосканы ииттэн, ол хаһаастарын кыра сиэмэхтэртэн харабыллатар буолбуттар. Саамай былыргы быалаах куоскалар Египет судаарыстыба былыргы 4000 сыл анараа өртүгэр оҥоһуллубут мэҥэ таастарыгар ойууламмыттара биллэр. Онтон дьон өссө күүскэ сайдан, биир сиргэ улам баппат буолан атын сирдэри баһылыыр сыалтан 3200 сыл анараа өртүгэр сылгыны уонна тэбиэннэри ииттэн барбыттар.

Дьэ бу курдук киһи аймах дьиикэй сүөһүлэри тутан-хабан, аһатан-сиэтэн аһылык  уонна көлө быһыытынан дьиэ сүөһүтүн ииттэн барбыттар. Бу сүөһүлэрбит иитиллэн, киһи көрүүтүгэр киирэн улам улаатан-тупсан, бөдөҥөөн уонна уһуннук олорор буолан иһэллэр. Дьиэ сүөһүтүн сорох рекордарын туһунан кылгастык аҕыйах тылынан суруйдахха манныктар.  Аан дойдуга саамай ыарахан ыйааһыннаах оҕус аата «Гора Катахдин» үөскүү сылдьыбыт, кини 1906-1910 сс. быыстапкаҕа ыйааһына 2267 киилэ, арҕаһын үрдүгэ 1.88 миэтэрэ, суона 3.96 ммэтэрэ буолбута үһү. Дания атыыр оҕуһун аата «Соендер Джиленда» кини сиэмэтиттэн 220 тыһ. ньирэй төрөөбүт. Калифорнияҕа үөскээбит атыыр оҕус аата «Гордость Джо» – 1974 с. 2.5 млн долларга атыыга барбыт.

Мааны ынахтарбыт рекордара: 1964с. муус устар 25 күнүгэр Россияҕа Могилево сэлиэнньэҕэ «Любик» диэн ынах 7 тыыннаах ньирэйи төрөппүт. Ол иннигэр 1928с. Новай Зеландия ынаҕа «Реон» 5 тыыннаах ньирэйи төрөппүт. Украина сиригэр Новоселькай оройуонугар биэнсийэлээх хаһаайка «Майя» диэн симментальскай боруода ынаҕа 1979с. – 3 ньирэйи, 1980с. – 4 ньирэйи, 1981с. – 5 ньирэйи төрөппүт. Онтон саамай элбэх 39 ньирэйи Герландия «Большая Берта» диэн ынаҕа төрөппүт. Голландия голштин боруодатын «Бичер Эрлинда» диэн ынаҕа сыл устата 25347 киилэ үүтү ыаппыт. Дьааҥы сиригэр Үөттээх ферматыгар 1988с. холмогор боруода «Бахрома» диэн ааттаах ынах 3 тыыннаах ньирэйи төрөппүтэ, ньирэйдэр уопсай ыйааһыннара 26 кг эбит.

Сылгы сүөһү рекордара манныктар эбит: Вулстон куоракка 1870с. көлүллэр ат 62 сааһыгар диэри олорбут. Франция биир фермерин пони диэн кыра сылгыта 54 сааһыгар дылы олорбут. Австрия аатырбыт сүүрүк сылгыта («Танья Дюк») 42 сыл олорбут. Россияҕа 1948с. владимирскай боруода атыыр, аата «Гранит», быыстапкаҕа 16 тн ыйааһыннаах курууһу тардыбыт. Онтон 1955с. тяжеловоз советскай боруода («Форс») 22 тн 991 кг курууһу тардыбыт. Былыр 1924с. муус устар 23 күнүгэр улахан быыстапкаҕа «Британская империя» диэҥҥэ динамометрга эмискэ курууһу хоҥнорууга тяжеловознай боруода «Булкан» 29 тн 470 кг ыйааһыннаах курууһу тарпыт, онтон иккиэ буолан 51 тн курууһу хоҥнорбуттар. Саамай кып-кыра сылгы биэ – Англияҕа, ыйааһына 11.9 кг, үрдүгэ 38 см, онтон атыыр 9.07 кг, үрдүгэ 35.5 кг буолбут.

Сибиинньэлэрбит рекордара: Америкаҕа Диксон штатка саамай ыарахан ыйааһыннаах польскай-китайскай боруода («Большой Билл») 1157.5 кг үктээбит, уһуна 2.75м эбит. Данияҕа 1980с. бэс ыйын 25 к тыһы сибиинньэ («Кюрю») 34 боросуонагы биирдэ төрөтөр. Америкаҕа 1982-83сс. тыһы сибиинньэ («Герта») сыл устата 3 төрөөн 19-19-23 боросуонаҕы төрөтөн уопсайа 61 тыыннаах боросуонаҕы төрөтөр. Бараан (хой) Израильга 26 сыл олорбут. 1984с. Австрияҕа биир тыһы хой 8 оҕону төрөппүт, 4 тыһы, 4 атыыр. Кытайга 6 муостаах хой баар буола сылдьыбыт. Былыр Индияҕа маҥан табалар 120 сыллааҕыта баалларын Чехословакияҕа атыылаабыттар, сыаната биллибэт.

Саха сиригэр саамай харахтыын  маҥан таба Нижнеколымскай совхозка 1960 сылларга үөскүү сылдьыбыт. Мааны сүөһүбүт бостуук ыта  Австралияҕа 29 сыл 5 ый олорбут. Онтон саамай ыарахан ыйааһыннаах ыт Мичиган штатка 140.6 кг ыйааһыннаах, үрдүгэ 99 см  эбит. Саамай кыра ыт Лондоҥҥа  үөскээбитэ биллэр, кини 6 сааһыгар үрдүгэ 9 см, ыйааһына 283 грамм.  Саамай улахан куоска Австрияҕа 10 сааһыгар ыйааһына 20.7 кг, уһуна 96.5 см буолбута үһү.

Ити курдук, аан дойду бастыҥ сүөһүлэрэ иитиллэ сылдьыбыттар. Сүөһү барахсан – ампаардаах аспыт, хачыгырыыр харчыбыт  буоллаҕа, төһө кыалларынан ииттэн биэриэҕиҥ.

Сылгыһыт уола