Путины кытта быһа эфир

Ахсынньы 14 күнүгэр Дойдубут бэрэсидьиэнэ бу дьаалхааннаах 2023 сылы түмүктүүр улахан пресс-конференциятын «Прямая линия» биэриини кытта холбоон «Итоги года с Владимиром Путиным» диэн бырагырааманы ыыттылар.

Бэрэсидьиэн пресс-сэкиритээрэ Дмитрий Песков иһитиннэрбитинэн, Арассыыйа олохтоохторуттан мөлүйүөнтэн тахса ыйытыы киирбит.

Саха Сириттэн пресс-конференцияҕа барбыт суруналыыстар дэлэгээссийэлэригэр «Сахамедиа» генеральнай дириэктэрин солбуйааччы Чокуур Гаврильев, НВК «Саха» генеральнай дириэктэрэ Олег Марков уонна «Улус-Медиа» сүрүн эрэдээктэрэ Юлия Филиппова киирбиттэр. Юлия Филиппова – биһиги биир дойдулаахпыт, Боронуктан төрүттээх, «Дьааҥы аартыга» эрэдээксийэбитигэр үлэлээбит кыыспыт буолар. Онон, маннык улахан тэрээһиҥҥэ үлэлиир чиэскэ тиксибититтэн дьааҥылар үөрэбит, киэн туттабыт.

Хомойуох иһин, саха суруналыыстарыгар боппуруос биэрэр түгэн көстүбэтэ. Ол да буоллар, Владимир Путин олус элбэх ыйытыыга чуолкайдык хоруйдаата, хас биирдии боппуруоһу ымпыгар-чымпыгар диэри ырытта. Пресс-конференция 4 чаас 4 мүнүүтэ устата буолла.

Тэрээһин, кэтэһиллибитин курдук, Украинаҕа буола турар байыаннай дьайыы тиэмэтиттэн саҕаланна. «Анал байыаннай дьайыы сыала-соруга уларыйбат. Сыалбытын-сорукпутун ситтэхпитинэ биирдэ эйэ баар буолуо. Денацификацияны, демилитаризацияны ыытабыт, Украина нейтральнай статустаах буолуохтаах», – диэтэ Путин. Маны таһынан, Украина 747 таанката, 2,3 тыһ. Броневой массыыната урусхалламмытын тоһоҕолоон туран буойуттарга махтал тылларын эттэ.

Онон, саҕалаабыты түмүктүүбүт – нацистары утары күүстээх үлэ барбытын курдук бара турар, сотору барыта орун-оннугар түһүө, буойуттарбыт дьоруойдарбыт эргиллэн кэлиэхтэрэ диэн бүк эрэллээхпит.

Бу сүрүн тиэмэттэн ураты элбэх этилиннэ. Биллэрин курдук, бэрэсидьиэммит дьиэ кэргэни, дьиэ кэргэн сыаннаһын харыстааһыны өрө тутар. Атын дойдулартан биир сүрүн уратыбыт онно сытар. Бу билиҥҥи буола турар «хаос», ыһыллыы, эр киһи эр киһилиин, дьахтар дьахтардыын ыал буолуулара, бэл, оҕоҕо кыыс-уол буоларын бэйэтигэр таллараллара арҕаа дойдуларга олус диэн сайдан турар кэмигэр биһиги Арассыыйабыт сиэрдээх буолууну, өбүгэ үгэһин өрө тутууга, демографияны элбэтиигэ сыаллаах-соруктаах. Ол курдук, кэлэр 2024 сыл – Дьиэ кэргэн сылынан биллэриллэр.

Бэрэсидьиэн ОДьКХ төлөбүрүнээҕэр олоруу алын кээмэйэ сылга хаста да үрдээбитин, өссө 18 бырыһыан үрдүөхтээҕин тоһоҕолоото. Саҥа өрөгүйүөннэрбит сайдалларыгар үп көрүллүбүтүн, спорт сайдыытыгар харчы көрүллэрин туһунан мунньахтааһыны, бэл, бу ахсынньыга сымыыт сыаната үрдээбитин, биэнсийэлээхтэргэ төлөбүргэ бааннарга комиссия суох буолуоҕун, мэдиссиинэ сайдыытыгар былааннары, сөмөлүөттэри оҥорон таһаарыыны о.д.а. элбэҕи ырытыста.

Уонна саамай сүрүнэ – төһө да ороскуот элбээбитин иһин, дойдубут олохтоохторун иннигэр бырабыыталыстыба туох-баар эбээһинэһин толорорун эттэ. Кырдьыга да оннук, сыанабыт төһө да үрдээтэр, алын кээмэй эмиэ үрдүүр, оҕо босуобуйата, араас субсидиялар, граннар быстыбакка кэлэ тураллар. Арҕаа дойдулар билгэлээбиттэрин курдук, экономикабыт урусхалламмата. Олохпут устан иһэр.

Олус сэргэх, дьоһун коференция буолан ааста. Бэрэсидьиэммитигэр Владимир Путиҥҥа дойдубут албан аатын өссө үөһэ үктэлгэ таһааран иһэригэр, дьон олоҕо тупсарын туһугар сыралаахтык үлэлииригэр махианыах тустаахпыт.

Бэй. кэр.

Читайте дальше