Дьылы быһаарар биир сүрүн үлэбит сүөһү аһылыгын бэлэмнэнии быһаарыылаах күннэрэ тураллар. От ыйын бастакы дэкээдэтин түмүктэрин ырытабыт.
Быйыл дьыл балайда туран биэрдэ уонна ааспыт дьыллааҕы кыаллыбатах дьаһаллары учуоттаан улуус үрдүнэн окко киириигэ балайда туруннубут. От ыйын бастакы күннэриттэн Суордаах, Барылас отчуттара ходуһаларыгар киирдилэр, бастакы хотуур суолун тэллилэр.
Бастакы дэкээдэҕэ от охсууга былааммыт 580 гектар эбит буоллаҕына 427 гектар ходуһа сир охсулунна, ол эбэтэр былааммытын 73,6% толордубут. Дэкээдэ биир ситиһиитэ 122 туонна от бэлэмнэммитэ буолар.
Бу дэкээдэ түмүгүнэн балайда көхтөөх үлэни Арыылаах, Дулҕалаах, Барылас, Элгэс, Чөрүмчэ нэһилиэҕин отчуттара көрдөрдүлэр, хомойуох иһин улахан нэһилиэктэрбит Адыаччы, Табалаах, Боруулаах, Сартаҥ отчуттара тэтимнэрэ мөлтөх, саҕалааһын көрдөрүүлэрэ намыһахтар.
Маны таһынан, тэрээһиннээх хаһаайыстыбаларбыт ханан да от үлэтигэр маассабайдык киирбэккэ олороллор.
Сүрүн сорукпут – күнү-дьылы былдьаһа дьону, техниканы от хампаанньатыгар күүскэ таһаарыы, туһаныы буолар. Тэрээһиннээх хаһаайыстыбалар биирдиилээн дьону кытары от бэлэмнэтэр дуогабардарын хайаан да түһэрсэн дьоннорун ходуһаҕа таһаарыахтарын наада.
Кэлэр дэкээдэҕэ сорудахтарбыт – 1304 гектар охсуу, 188 туонна кэбиһиллибит от, ол эбэтэр 320-350 туонна кэбиһиллибит оттоох буолуохтаахпыт.
Тыа хаһаайыстыбатын салалтата