Остуоруйа дойдута – Дьааҥыга

Улуус дьоно долгуйа кэтэспит тэрээһиннэринэн – Дьааҥы улууһугар аан бастаан ыытыллыбыт «Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара» диэн норуот остуоруйатын персонажтарын таҥастарын көрүүгэ ыччат күрэҕэ буолан ааста.

Күрэх балаһыанньатын ирдэбилинэн 15-35 саастарыгар диэри ыччат кытынна. Кинигэҕэ киирбит, мультипликационнай, уус-уран киинэҕэ уһуллубут Дьааҥы остуоруйатын дьонун таҥастарын таҥнан, 3 мүнүүтэ иһигэр оонньоон остуоруйа ис тыынын, ол эбэтэр характерын көрдөрүүтэ уонна сөптөөх муусуканан доҕуһуолланыыта, ону тэҥэ таҥас-сап остуоруйа персонаһын таҥаһыгар сөп түбэһиитэ, кыттааччы толоруу техникатын тутуһуута, артыыстааһына, уус-уран уобараһы арыйыыта, бэйэ уратытын көрдөрүүтэ уонна быһыллыбыт регламены тутуһуута ирдэннэ. Сыаналааһын 0 — 10 баалга диэри туруорулунна.

Дьүүллүүр сүбэ хамыыһыйатыгар үлэлээтилэр: Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна историяҕа бааматынньыгын Департаменын салайааччыта Николай Макаров, дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтэлэ, «Олоҥхо тыйаатыра» Автономнай тэрилтэ труппатын сэбиэдиссэйэ, режиссер көмөлөһөөччүтэ Василиса Алексеева, Верхоянскай куорат бибилэтиэкэтин бибилэтиэкэрэ Александра Ефимова, Оҕо отделын бибилэтиэкэрэ Юлия Рожина уонна Баатаҕайдааҕы култуура уонна спорт киинин дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Раиса Слепцова. Түһэриллибит сайаапкаларынан Дьааҥы улууһун муниципальнай тэриллиилэриттэн уопсайа 10 нэһилиэк кытынна, күрэх ирдэбилинэн нэһилиэнньэ ахсаанынан көрүллэн иккилии бөлөххө хайытылыннылар – 400-кэ диэри уонна 400-тэн улахан.

«Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара»
(400-кэ диэри нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр)

Сэрэбиэй тутуутунан бастакы кыттааччы, Дулҕалаах нэһилиэгиттэн таҕыстылар. Олоҥхо персонажтарын көрдөрүү – Кыыдаан кыһыны тохтотор, кыйыттар тымныыны бохсор Айыы Хаан аймаҕын апчарайтан араҥаччылыыр, Күн Өркөн улууһун көлдьүнтэн көмүскүүр, дьонум-сэргэм туһа, диэн дурда-хахха буолбут Дьуһаал ууһун утума – дьоруо хара аттаах Дуулаҕа Дьуһаал Тойон, диэн, Виктор Павлович Стручков «Алаһам алгыһа» кинигэтигэр киирбит «Дуулаҕа Дьуһаал» олоҥхотун тылларынан арыалланна. (Дулҕалаахтан Верхоянскай куоракка айанныырга массыынаҕа миэстэ тиийиминэ сүрүн толорооччу уонна олоҥхону ааҕааччы баппакка хаалбыттар. Ол да буоллар олоҥхо сүрүн дьоруойун Верхоянскай куорат култууратын киинин «Нөргөдөй» үҥкүү норуодунай ансамбыл үҥкүүтэ Николай Егорович Горохов толорбут, оттон олоҥхону Верхоянскайдааҕы «Саха энерго» үлэһитэ Василий Иосифович аахпыт. Онон Дулҕалаахтар төрөөбүт нэһилиэктэрин уонна үбүлүөйдээх куорат тэрээһинигэр кыттыы туһугар биир дойдулаахтарын өйөөбүттэр).

Иккис нүөмэринэн Бабушкинскай нэһилиэк кыттааччылара Дария Томская – Чаайка «Үчүгэй Үөдүйээн, Куһаҕан Ходьугур» остуоруйа-олоҥхотун дойдутун, сирин-уотун ойуулаан, этэн-тыынан, дэгэрэҥ ырыа доҕуһуолунан арыалланан киирдилэр. Сүрүн дьоруойдарын Рустам Заборовский уонна Луара Заборовская толордулар. Остуоруйа-олоҥхо персонажтарын Чолбон сулуһу (Светлана Ноговицына), Ыйы (Диана Другина), Чыычаах (Ньургустаана Горохова) уонна уол таҥастарын иистэнньэҥ Анна Афанасьевна Рожина саха биллиилээх модельера Августина Филиппова үлэлэригэр олоҕуран тикпит.

Үһүс нүөмэринэн Янскай нэһилиэк Дария Томская – Чаайка «Үчүгэй Үөдүйээн, Куһаҕан Ходьугур» остуоруйа-олоҥхотун персонаһыттан Кыталыгы көрдөрдө. Остуоруйа-олоҥхоҕо сэттэ кыталык кыыс ойууланар. Үөттээх нэһилиэгэ киһитин ахса аҕыйаҕынан, бу персонажка киһи тиийбэтинэн соҕотох кыталыгынан кыттыбыт.

Төрдүс тахсыбыт Остуолба нэһилиэгин кыттааччылара таҕыстылар. Ааптар Мария Дмитриевна Ефимова «Остуоруйалар, кэпсээннэр, үһүйээннэр» кинигэтиттэн «Былыт уонна тыал» остуоруйа персонажтарын көрдөрдүлэр. Былыт уонна тыал куруук сайыннаах итии дойдуга биирдэ да быстыспакка тутуспутунан сылдьан сири-дойдуну, айылҕаны уһуттаан, хамната үүннэрэллэр эбит. Айылҕа бу икки көстүүтэ ураты дьайыылаахтарынан, биир үтүө күн мөккүөртэн сэриилэһэн турбуттар. Ол түмүгэр уоттаах харахтардаах, сытыы муостардаах тымныы Оҕуһун киириитэ итии дойду сылаас айылҕатын уларыппытын, Саха сирэ Хотугу муустаах байҕаллаах тымныы дойду буолбутун туһунан көрдөрдүлэр. Бу персонажтар Айылҕа уустук көстүүлэрин уобарастаан, ис тыынын сөптөөхтүк арыйан көрөөччүгэ тиэртилэр. Көстүүмнэри Елисей Юмшанов, Галина Слепцова, Саргылана Давыдова, Анна Слепцова тигэн, таҥан оҥорбуттар. Остуоруйаны «Остуолба нэһилиэгэ» МТ сиргэ уонна баайга-дуолга исписэлииһэ Светлана Васильевна Павлова аахта.

Бэһис нүөмэринэн Суордаах нэһилиэгин кыттааччыта «Дьааҥы остуоруйалара» кинигэҕэ киирбит Мария Прокопьевна Федотова — Нулгынэт «Сытыы сулус» остуоруйатынан таҕыста. Остуоруйаҕа кэпсэнэринэн, сэттис халлааҥҥа олорор Күн Дьааһын кыыһа Күн Туналы дьадаҥы, тулаайах Молоо уолу таптаан куба кыыл буолан Орто Дойдуга түһэн, ыал буолан, байан-тайан, оҕо-уруу тэнитэн олорбуттара үһү. Күн Дьааһын кыыһа сир уолугар эргэ барбытыттан абаран сытыы уоттаах батаһынан сири быһыта охсоро – ол этиҥ буолбута үһү. Оруоллары Дмитрий Васильев, Сахая Иванова толордулар. Остуоруйа дьоруойдарын таҥастарын Кристина Горохова, Наталья Аргунова, Сахая Иванова тикпиттэр. Остуоруйаны Суордаах орто оскуолатын алын кылааһын учуутала Наталья Николаевна Аргунова ааҕан иһитиннэрдэ.

Алтыс нүөмэринэн Элгэс нэһилиэгин кыттааччылара таҕыстылар. «Биһиги арыый ураты уобараһы көрдөрөөрү Дьааҥы остуоруйаларын интернет саайтыттан киирэн булбуппут. Үс улуус – Дьааҥы, Эбээн-Бытантай, Усуйаана оройуоннара холбоһон олорор кэмнэригэр айыллыбыт, «Дьааҥы остуоруйалара» кинигэҕэ киирбит «Одууна-Куо» остуоруйаҕа кэпсэнэр эбээн кыыһын уобараһын талан көрдөрдүбүт. Одууна-Куо таҥаһын Мария Станиславовна Окладникова тиктэ», – диэн Элгэс култууратын киинин дириэктэрэ Айталина Афанасьевна Горохова сырдатта.

Толорууга болҕомто таҥаска ууруллубута көстөр. Одууна – Куо сарыыттан тигиллибит таба тириитэ кырыылаах, быысапканан тупсарыллыбыт, замшанан киэргэтиллибит сонноох, араас өҥнөөх оҕуруонан тиһиллибит бастыҥалаах, илин кэбиһэрдээх, сукуна билэлээх, таба тириититтэн тигиллибит этэрбэстээх.

Одууна-Куо оруолун «Элгэс нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Снежанна Жиркова толордо. Остуоруйаны Айталина Афанасьевна Горохова аахта.

Сэттис нүөмэринэн тахсыбыт Арыылаах нэһилиэгин кыттааччылара «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» норуот остуоруйатынан кытыннылар. Бэйбэрикээн эмээхсин ынахтарын көрдүү сылдьан сыһыыттан үчүгэйкээн сибэккини булан ылара, сибэккитэ кыыс оҕо буолуута, күн ахсын тупсан кэрэтийэн иһиитэ, ыаллыы олорор Хаардьыт Бэргэн тииҥи ытаары сойуолаһан Бэйбэрикээн эмээхсин тиэргэнигэр чугаһыыра, балаҕаҥҥа киирэн көрдө-көрөөт Сибэкки кыыһы таптыыра, ыал буолуулара остуоруйа олоҕун үтүө көстүүтүнэн түмүктээтэ. Көстүүмнэри Арыылаах орто оскуолатын 10-нус кылааһын үөрэнээччилэрэ Денис Аммосов, Маша Саввинова, Виктория Потапова кэтэн көрдөрдүлэр. Екатерина Аммосова, Татьяна Савиинова таҥан, тигэн оҥорбуттар. Остуоруйаны оҕо саадын иитээччитэ Анна Ивановна Васильева аахта.

«Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара»
(400 – тэн үөһэ нэһилиэнньэлээх нэһилиэктэр)

Верхоянскай куорат кыттааччылара норуот, таптаан, салҕыбакка ааҕар, истэр «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйа дьоруойдарын таҥанар таҥастарын көрдөрдүлэр. Сценаҕа Бэйбэрикээн эмээхсин ынахтарын биирдии-биирдии ааттаан ыҥырара иһилиннэ. Остуоруйа хаамыытынан ааҕылынна. Остуоруйа дьоруойун киириитэ саха тыынын уһугуннарар муусуканан доҕуһуолланна.

Табалаах нэһилиэгэ. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин остуоруйа дьоруойдарын, персонажтарын «бохо» ньыматынан тигиллибит аныгылыы моһуоннаах саха таҥастарын көрдөрдүлэр. Хас биирдии персонаж киириитэ (ынахтар маҕырыыллара), остуоруйа сүрүн дьоруойдарын киириилэрэ кинилэргэ барсар тус-туһунан муусуканан доҕуһуолламмыта остуоруйа ис тыынын олус бэркэ арыйда. Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин оруолун Татьяна Эверстова оонньоон көрдөрдө. XVII үйэҕэ Богемия диэн көрүҥүнэн биллибит бохо истиилэ аныгы таҥас муодатыгар күүскэ киирдэ. Ордук норуот былыргы таҥастара уруккуттан да бу истиилгэ олоҕурбут курдуктар. Табалаахтааҕы култуура киинин уус-уран салайааччыта Светлана Васильевна Слепцова А. Худяков матырыйаалларыгар киирибит «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйаны талан, остуоруйа персонажтарын таҥыннарыыга саха модельера, дизайнера Анджелика Кириллина үлэлэригэр олоҕуран тиктэрбит. «Остуоруйа дьоруойдарын, персонажтарын таҥастарын тигии биир киһи кыайбат үлэтэ. Онон II Гражданскай Форумҥа нэһилиэк бүттүүн кыттыахтаах диэн таҥастары тэрилтэлэринэн үллэрэн тиктэрбиппит. Ол курдук: Бэйбэрикээн эмээхсин таҥаһын – Култуура киинэ, Сибэкки кыыс – Оҕо саада, Хаардьыт Бэргэн – олохтоох балыыһа, Бэйбэрикээн эмээхсин биэс ынаҕын – «Табалаах нэһилиэгэ» МТ дьаһалтата уонна Абааһы кыыһын таҥаһын Табалаах орто оскуолата тиктилэр», – диэн иһитиннэрдэ Светлана Слепцова. Куонкурус көрөөччүлэрин, дьүүллүүр сүбэни куттарын туппут бохо таҥастаах остуоруйа кэлэктиибэ сцена тыынын тутта.

Үһүс нүөмэринэн тахсыбыт Адыаччы нэһилиэгэ 1966 сыллаахха Сартаҥ олохтооҕо Мария Николаевна Слепцова тылыттан суруллубут остуоруйаттан быһа тардан аахтылар, чахчы остуоруйа дьоруойдарыныы таҥныбыт, симэммит көстүүлэрэ кими баҕарар абылаата диэххэ сөп. Остуоруйаҕа этиллэринии, «Көхсүттэн көтөр күкүр таас көҕүллээх, көччөҕөр соноҕос аттаах, сэттэ быт тириитэ бүрүөһүннээх, хамыйахтан хаан баспат Ханчытаа Куо» туһунан остуоруйа таҥаһын-сабын, дьоруойдарын уобарастаан көрдөрдө. Таҥастары Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин үлэһитэ Валентина Мордовская тикпит. Байдам Баай диэн киһи соҕотох кыыһын сүктэр сааһын ситтэ диэн аҕыс дойду атамааннарыгар, тоҕус дойду толууларын айыыттан, абааһыттан тутулуга суох мунньан кыыһын аатын ким урут таайбыкка эргэ биэрээри тоҕус күннээх түүнү быһа таайтарбыта үһү…» диэн остуоруйа умсугутуулаахтык, ураннаан ааҕылынна, ааҕааччы –Адыаччытааҕы култуура уонна спорт киинин дириэктэрэ Маргарита Васильевна Тоскина.

Кыйыылаахтар ааттаннылар

Дьааҥы куората төрүттэммитэ 385 сылын бэлиэтиир «Түмүү – Үүнүү — Иитии» II Гражданскай Форум чэрчитинэн ыытыллыбыт «Остуоруйалаах Дьааҥы» түһүлгэтин «Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара» нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы күрэх түмүгүнэн 400-кэ диэри нэһилиэнньээх, ол эбэтэр күрэх 1 түһүмэҕин кыайыылаахтара ааттаннылар:

  • 1 миэстэҕэ – Бабушкинскай нэһилиэк Дария Томская – Чаайка «Үчүгэй Үөдүйээн, Куһаҕан Ходьугур» остуоруйа-олоҥхотунан киириитэ кыайыылааҕынан таҕыста.
  • 2 миэстэ – хаһаайынынан Янскай нэһилиэк Дария Томская – Чаайка «Үчүгэй Үөдүйээн, Куһаҕан Ходьугур» остуоруйа-олоҥхотунан таҕыста.
  • 3 миэстэ – Остуолба нэһилиэгэ Мария Дмитриевна Ефимова «Былыт уонна тыал» остуоруйатынан киирэн үһүс миэстэҕэ эрэллээхтик таҕыста.

400-тэн үөһэ ахсааннаах нэһилиэнньээхтэргэ кыайыылаахтарынан ааттаннылар:

  • 1 миэстэ – Дьааҥы куората «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» норуот остуоруйатынан тахсыыта ылла.
  • 2 миэстэ – Табалаах нэһилиэгэ «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» остуоруйанан киириитэ.
  • 3 миэстэ – Адыаччы нэһилиэгэ Мария Николаевна Слепцова «Ханчытаа Куо» остуоруйатынан тахсыыта буолла.
Түмүк санаа

Улууска аан бастаан ыытыллыбыт «Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара» түһүлгэ бэрт сэргэхтик ааста. Дьааҥы сирэ былыр былыргыттан остуоруйа уйаламмыт дойдута буоларын, ону үйэтитии наадалааҕын бу тэрээһин сөргүттэ диэххэ сөп. Уонна, хас биирдии олохтоох киһиэхэ, Таастаах Дьааҥы сиригэр өбүгэлэриттэн тиһиллэн хаалбыт уус-уран айымньы – төрөөбүт дойдуну ааттаттар, аатырдар нэһилиэстибэтэ буоларын ыччат, үүнэр эрэр көлүөнэҕэ өйдөтүү ыытыллар буолуохтаах. Остуоруйалаах дойду «Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара» түһүлгэҕэ ыытыллыбыт күрэх көрүүтүн регламена кылгаһын көрөөччү бэлиэтээтэ. Балаһыанньатыгар аҥардас таҥас көрдөрүү эрэ буолбакка остуоруйа персонажтар уобарастарын арыйыылара, артыыстааһыннара бу кээмэй иһигэр кыайан хабыллыбата. Дьоруойдары, персонажтары толоруу арыттара ырааҕын, ол эбэтэр үрэх уонна күөл курдук энергетикалааҕын бэлиэтиэххэ сөп. Бу биллэн турар, кыттааччылар эппиттэрин курдук, күрэх балаһыанньатын чуолкайдааһын суоҕуттан тахсыбыт буолуон сөп. Ханнык нэһилиэктэрэ муусука, операторство сайдыбыта муусуканан доҕуһуолун дьэҥкэтик көрдөрдө. Ону кытта ойоҕостон остуоруйаны ааҕааччылар тыллара, саҥалара-иҥэлэрэ чуолкайын, остуоруйаны ааҕыы култууратын тутуспуттарын хайҕаан бэлиэтиэххэ сөп. Тыас-уус, ырыа-тойук, туттуу-хаптыы, таҥас-сап барыта дьүөрэлэһэр эрэ буоллаҕына күрэх тыынын дьиҥнээхтик биэрэр. Болҕомто чахчы остуоруйа таҥаһыгар ууруллубут эбит буоллаҕына, үгүс персонажтар, дьоруойдар саҥа тиктибит таҥастара остуоруйалыы табыллыбыт. Ол эбэтэр, аныгы көрөөччү аныгылыы технология сайдыытын таһымынан көрөрүгэр сөптөөх. Сорохтор эргэ, урукку таҥастарынан толордулар.

Остуоруйаны, олоҥхону саҥарбакка эрэ оонньоон көрдөрүүнү элбэх бэлэм, дьоҕур, дьулуур эрэ кыайар. Ол иһин ыччаты, үүнэр көлүөнэни култуура үгэстэригэр иитии, театр эйгэтигэр сыһыарыы, чугаһатыы соруктара тохтоло суох хамныы туруохтаахтар. Ханнык баҕарар таһымнаах тэрээһин инникитин кэскиллээхтик салҕанарын туһугар хайаан да ырытыылаах буолуохтаах.

Кыттааччылар балаһыанньа уларыйа турарыттан тахсыбыт сыыһалары-халтылары эттилэр. Маннык улахан, киэҥ бырагыраамалаах икки күннээх тэрээһиҥҥэ сыыһа-халты куруук баар буолар. Ол эрээри ох курдук оҥостон, бэлэмнэнэн, ыраах сирдэртэн массыынаҕа ыга симиллэн тиийбит дьон, кыттааччылар, салайааччылар түмүк санааларын этэллэрэ сөп.

Уопсай тылынан, көрөөччү быһыытынан эттэххэ, «Дьааҥы остуоруйаларын дьоруойдара» сэргэх тэрээһин сэмэйдик, үчүгэйдик ааста, кэлэр өттүгэр Дьааҥы дьоно нэһилиэстибэнэн бэриллибит олоҥхолоох остуоруйаларыгар болҕомтонү күүскэ ууруохтара.

Раиса Чирикова

Читайте дальше