Остуолба нэһилиэгин 700-кэ га иэннээх Улахан сыһыытын көрбүт эрэ сөҕө хайгыыр. Нэһилиэк быйыл.

400 тахса туонна былааннарын толорбуттар. «От былаана туолла диэххэ сөп. Ходуһа кураанах, хатта, аны кээһии эрэ хаалла. От күрүөтүн тутуу ыытыллыаҕа, сороҕо тутуллубута. Биирдиилээн отчуттар атыыга диэн оттууллар, ол курдук билигин «Алгыс» ТХПК сакааһынан оттуохтаахтар», – диэн сырдатар «Остуолба нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии тыа хаһаайыстыбатын исписэлииһэ Николай Горохов.

Николай Николаевич Остуолбаҕа ынах сүөһүнү иитии аччаан Улахан сыһыыга оттуур сирэ ордон хааларын, урукку сылларга сирдэрэ ууга барбыт, оттуур сирдэрэ суох дьон Арыылаахтан, Боронуктан, Верхоянскайтан кэлэн хаһаайыстыбаларыгар оттообуттарын, быйыл от үүнүүтэ ханна да үчүгэй буолан кэлбэтэхтэрин, Верхоянскайтан биир хаһаайыстыба кыратык оттоммутун этэр.

Остуолба нэһилиэгэ улуус кииниттэн ырааҕа суох – 37 килэмиэтир, хаһаайыстыба тутарга, олохсуйарга олус табыгастаах сирдээх-уоттаах нэһилиэк. Урукку кэмнэргэ бэрт улахан хаһаайыстыбаны, холкуос, сопхуос ынаҕын-сүөһүтүн, сылгытын холкутук кыстатан таһаарар аатырбыт Улахан Сыһыы кэлэр сылларга бүтүннүү оттоноро буоллар.

Боотто АСХААРАП

Читайте дальше