Оскуоланы бүтэрээччилэр Баатаҕайдааҕы үөрэхтиир лицейгэ сырыттылар

Балаҕан ыйын түмүктүүр тэрээһиннэртэн биирдэстэрэ – Дьааҥытааҕы оробуочай хаадырдары бэлэмниир «Аартыка» киин кылаабынай куорпуһугар Аһаҕас аан күнэ ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ устудьуоннар уонна Баатаҕай орто оскуолатын 11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ кытыннылар.

Дьааҥытааҕы оробуочай хаадырдары бэлэмниир «Аартыка» киин салайааччыта Мария Николаевна Гармаева үөрэх тэрилтэтин историятыттан кылгастык сырдатта — Эдьигээн, Булуҥ, Дьааҥы улуустарын элбэх профиллаах лицейдэрин холбоон, оробуочай хаадырдары бэлэмниир биир «Аартыка» ЦПРК структурнай подразделениелара буолбутун туһунан иһитиннэрдэ. Уруккута, 1996 сыллаахха арыллыбыт Баатаҕайдааҕы профтех-училищены бүтэрбит тыһыынчанан дьон дойду араас муннуктарыгар үлэлии-хамныы уонна салгыы үөрэнэ сылдьалларын кэпсээтэ, быйылгы үөрэх дьылыгар эбии арыллыбыт идэлэри сырдатта. Бу үөрэх тэрилтэтин бүтэрбит устудьуоннар ылбыт аттестаттарынан, идэни баһылаабыт дипломнарынан салгыы атын үөрэххэ киириигэ уонна үрдэттиигэ биир кэлим эксээмэнэ суох киирэр кыахтаахтарын эттэ. Ону кытта үтүө тэрээһин бастакы түһүмэҕэр — үөрэх теоретическай чааһын туһунан сырдатыыга устудьуоннар өрөспүүбүлүкэ уонна Бүтүн Арассыыйа таһымыгар ыытыллар араас таһымнаах күрэхтэргэ, «Инникигэ хардыы» научнай кэмпириэнсийэлэргэ кыттыбыт ситиһиилээхтэрин туһунан иһитиннэрдэ. 2022 cыллаахха «Наладчик аппаратного и программного обеспечения» курууппатын ситиһиилээхтик бүтэрбит, тиэхиникэҕэ сыстаҕас, талааннаах, Никита Перевертанный ситиһиилэриттэн быһа тардан сырдатта. Никита 2020 сыллаахха Нерюнгри куоратыгар ыытыллыбыт өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттан 3-үс миэстэни ылбыт, 2021 с. Москуба куоракка ыытыллыбыт эдэр чинчийээччилэр Бүтүн Арассыыйатааҕы научнай кэмпириэнсийэлэригэр 2-с миэстэни уонна 2022 с. Саха сиригэр ыытыллыбыт күрэххэ «Ремонт и обслуживание легковых автомобилей» диэҥҥэ 1-кы миэстэлээх лауреат үрдүк аатын ылбыт. Маны таһынан сыл ахсын ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы талааннаах ыччаттар күрэхтэригэр Дьааҥытааҕы оробуочай хаадырдары бэлэмниир «Аартыка» киинин устудьуоннара «Национальное достояние России» лауреаттара буолбуттар.

Оҕолор үөрэх тэрилтэтин иһинэн ыытыллар тэрээһиннэргэ, спортивнай күрэхтэргэ, араас куруһуоктарга көхтөөхтүк кытталларын, орто үөрэх диплома оруола улааппытын, оробуочай идэ суолтата үрдээбитин туһунан мустубут оҕолор чуумпуран олорон иһиттилэр, экраҥҥа хаартыскаларынан таҥыллыбыт үөрэх туһунан презентациялары көрдүлэр.

Аһаҕас аан күнүн бастакы түһүмэҕин түмүгэр Мария Николаевна кэлэр сыл саҥатыгар үөрэтэргэ аналлаах бульдозер автотренажера аҕалыллыахтааҕын туһунан сэргэх сонуну иһитиннэрдэ.

Иккис түһүмэххэ 11 кылаас үөрэнээччилэрэ «В» категориялаах водителлэри бэлэмниир кэбиниэккэ экскурциялаатылар, үөрэтэр тэриллэри көрдүлэр, электроннай систиэмэ баасатынан салайтарар диагнозтыыр автотренажернай аппараатынан үөрэтиини, ону кытта массыынаны собуоттаан холбуур аппараат датчигынан туттууну билистилэр. Ону таһынан производственнай мастарыскыай маастар-учууталлара Николай Николаевич Сивцев уонна Егор Петрович Слепцов үөрэх бырагырааматынан ыытыллар сүрүн көрүҥү баһылааһыҥҥа киирэр теоретическай бэлэмнээһин уонна массыынаны ыытыы практическай дьарыгын теориятын туһунан көрдөрөн кэпсээтилэр.

Оҕолор экскурция былаанынан «Мастер по ремонту и обслуживания автомобилей» мастырыскыайыгар сылдьан маастар-кылааһы сэргээбиттэрин эттилэр, элбэҕи көрөн-истэн билбиттэригэр махтаннылар, ыраах барбакка, Баатаҕайга үрдүттэн, тырааныспары ыытыыны баһылааһын идэтигэр үөрэнии бары өттүттэн табыгастааҕын бэлиэтээтилэр.

Үүнэн эрэр ыччакка туһааннаах, киэҥ бырагыраамалаах тэрээһин — Аһаҕас аан күнэ инникитин өссө даҕаны ыытыллыаҕа. Дьааҥытааҕы оробуочай хаадырдары бэлэмниир «Аартыка» киин ыччаттары кэтэһэр.

Раиса Чирикова

Читайте дальше