Балаҕан ыйын 28 күнүттэн алтынньы ый 1 күнүгэр диэри Владивосток куоракка ыытыллыбыт «Орлята России» бырагыраама кыттыылаахтарын Уһук Илиҥҥи Сүлүөтүгэр Дьааҥы улууһун Боронук орто оскуолатын хамаандата 7 буолан: үс алын кылаас учуутала, үс настаабынньык оҕо уонна дириэктэр иитэр үлэҕэ сүбэһитэ кыттыыны ылан кэллибит.
Олох биир сиргэ турбат, түргэн тэтиминэн уларыйар. Ону кытта иитии, үөрэтии ньымалара эмиэ ураты суолу көрдүүллэр. Сүлүөккэ уопсайа 350 киһи: 150 алын кылаас учуутала, 50 дириэктэр иитэр үлэҕэ сүбэһитэ, 150 настаабынньык оҕолор кыттыыны ыллылар. Кыттааччылары хас даҕаны хамаандаҕа арааран, 4 күн устата үөрэттилэр, маастар-кылаастары ыыттылар, ону таһынан Владивосток куорат устун, Арассыыйа биир бастыҥ лааҕырыгар «Океан» лааҕырга экскурсия тэрийдилэр уонна Настаабынньык уонна учуутал сылыгар аналлаах интеллектуальнай КВИЗ оонньоттулар.
«Орлята России» хамсааһын туһунан кылгастык этэр эбит буоллахха, бу бырагыраама алын кылаас үөрэнээччилэригэр аналлаах. Сиэр-майгы өйдөбүллэрин, дьиэ кэргэҥҥэ, дойдуга, тулалыыр эйгэҕэ истиҥ сыһыаны иитэр, иҥэрэр суолталаах. Сыл устата үөрэнээччилэргэ 7 тректэн (тиэмэттэн) турар араас сорудахтардаах, интэриэһинэй ис хоһоонноох, бэйэлэрин саастарыгар сөп түбэһэр, оонньуу технологиятынан оҥоһуллубут эбии дьарыктар ыытыллаллар. Биһиги оскуолабыт алын кылааһын учууталлара, үөрэнээччилэрэ бу хамсааһыҥҥа ааспыт үөрэх дьылыгар киирэн биир сыл ситиһиилээхтик үлэлээтибит, бырагыраама ис хоһоонун, тутулун сөбүлээн салгыы үлэлиир былааннаахпыт. Оскуолабыт иһинэн үлэлиир сайыҥҥы лааҕырбытын бу бырагыраама хайысхаларыгар сөп түбэһиннэрэн үлэлэппиппит, настаабынньык оҕолорбут лааҕырга баһаатайынан үлэлээбиттэрэ.
Ол курдук, Дьааҥыттан кыттыыны ыллылар:
— Августина Михайловна Горохова, Боронук орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна;
— Екатерина Афанасьевна Слепцова, Боронук орто оскуолатын алын кылааһын учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна;
— Алиса Васильевна Находкина, Элгэс орто оскуолатын алын кылааһын учуутала;
— Ноговицына Светлана Васильевна, Боронук орто оскуолатын иитэр үлэҕэ уонна оҕо хамсааһынын кытта үлэҕэ сүбэһитэ;
— Другина Ариана, Боронук орто оскуолатын 9 кыл. үөрэнээччитэ;
— Иннокентьева Нарыяна, Боронук орто оскуолатын 9 кыл. үөрэнээччитэ;
— Лаврентьева Оксана, Боронук орто оскуолатын 8 кыл. үөрэнээччитэ.
Августина Горохова, Боронук орто оскуолатын алын кылааһын учуутала: 4 күн устата элбэҕи билэн-көрөн, үөрэнэн, сайдан кэллибит. Спикердэрбит Софья Овсянникова, Анастасия Глазунова, Борис Сорокин, Григорий Кудашов бэйэлэрин уопуттарын үллэстэн, саҥалыы форматтаах практико-ориентированнай хайысхалары ыыттыллар. Группанан үлэҕэ бары көхтөөхтүк кыттан, элбэх доҕоттордонон, саҥалыы толкуйдаах, «Орлята России» бырагыраамаҕа үлэбитин салгыахпыт диэн быһаарынныбыт. Мин «Точка притяжения» диэн бөлөххө киирэн лааҕыр психолого-педагогическай үлэтин билистим. Нейротренажердары туһанан оҕо сайдыытыгар улахан көмө оҥороллорун, практическайдык көрдөрөн кэпсээбиттэрин кэрэхсии иһиттим. Улууспутугар тиийэн ылыммыт билиибитигэр олоҕуран сэминээр ыытарга былааннанныбыт. Дэлэгээссийэбит аатыттан өрөспүүбүлүкэбит оҕо хамсааһынын тэрийээччилэригэр, оскуолабыт кэллэктиибигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Алиса Находкина, Элгэс орто оскуолатын алын кылааһын учуутала: «Орлята России» бырагыраама экспердэрин истэн, араас уокуруктан кэлбит кыттааччылары көрөн, билсэн, элбэххэ үөрэнэн, билэн кэллибит. Сүлүөккэ сүрүннээн орлятскай хамсааһын нөҥүө оҕону иитии уонна үөрэтии, оҕо Киһи киһитэ буолан тахсарыгар олук уурар үлэтин, оҕоҕо оҕо сааһын өссө эбии сырдык, ыраас, дьоллоох оҥорор туһунан кэпсэтиилэр, практическай үлэлэр бардылар. Аныгы олох балысханнык сайдар, уларыйар-тэлэрийэр. Ону кытта тэҥҥэ иитии-үөрэтии ирдэбиллэрэ учууталтан саҥалыы билиини-көрүүнү, үөрэтэр ньымалары эрэйэллэр. Онно экспердэр хас биирдии учууталга, сүбэһиккэ билиҥҥи ирдэбилгэ эппиэттиир үлэ араас ньымаларын быһааран, оонньуу нөҥүө көрдөрөн салгыы барар үлэбитигэр эбии күүс-көмө буоллулар. Бэрт элбэҕи көрөн-истэн, билбэтэхпитин билэн кэллибит. Ылбыт билиибитин бэйэбит оскуолабытыгар тиийэн туһаҕа таһааран, үлэбитигэр туттан олоххо бэлэмнээх, сатабыллаах, үөрүйэхтээх, төрөөбүт дойдуга, чугас дьонноругар, төрөппүттэригэр таптал иҥпит, кырдьаҕаска-эдэргэ ытыктабыллаах гына оҕолорбутун үөрэтэн, иитэн-такайан тааһаарыахтаахпыт диэн аны үөрэбит. Үөрэнээччи, оҕо бэйэ-бэйэбитигэр маарыҥнаспат тус-туспа дьоҕурдаах, ураты сайдар суоллаах-иистээх буолар. Ол кыаҕы хайдах арыйан, сайыннаран иһиллиэхтээҕин туһунан хас биирдии экспертэн олус сыаналаах сүбэлэри ыллыбыт.
Екатерина Слепцова, Боронук орто оскуолатын алын кылааһын учуутала: Сүлүөккэ Саха сириттэн 9 хамаанда кыттыыны ылла. Олор истэригэр биһиги оскуолабыт хамаандата киирэн, улахан тэрээһиҥҥэ баран кэлбиппититтэн олус диэн астынабыт уонна киэн туттабыт. 4 күн устата элбэххэ үөрэннибит. Сүлүөт бырагыраамата олус интэриэһинэй уонна бииртэн биир саҥа тэрээһиннэр, үөрэхтэр ыытылыннылар. Ыраах айаны айаннаан тиийэн, туруоруммут сыалбытын ситистибит. Салгыы үлэлииргэ сонун идеялары, көрүүлэри тобуллубут. Улахан махтал буоллун тэрийээччилэргэ!
Ариана Другина, Нарыйа Иннокентьева, Оксана Лаврентьева, Боронук орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ, «Орлята России» бырайыак настаабынньыктара: Сүлүөккэ кыттан «Орлята России» бырайыак туһунан элбэҕи биллибит, ону таһынан Саха сириттэн, Хабаровскайтан, Сахалинтан, Новосибирскайтан, Бурятияттан кэлбит оҕолору кытта билистибит. Оҕолору барыбытын этэрээттэргэ араарбыттара. Биһиги этэрээппиттигэр 24 этибит. Бастакы күн экспердэри кытта билсибиппит, сүлүөт арыллыыта буолбута, иккис күн Арассыыйатааҕы «Океан» лааҕырга интэриэһинэй маастар-кылаастарга сылдьыбыппыт, ол кэннэ Владивосток куорат устун экскурсияҕа айаннаабыппыт. Владивосток куорат историятын, кэрэ-бэлиэ сирдэрин сэргээтибит. Үһүс күн тректэринэн үөрэх сиэссийэлэрэ буолбуттара. Араас куораттартан кэлбит оҕолору кытта доҕордоһон, бэйэбит Дьааҥыбыт, Сахабыт сирин туһунан кэпсээбиппит. Саха сириттэн сылдьарбытын билэн олус интэриэһиргиилэр, ыйытыы бөҕө биэрэллэр. Олус үчүгэйдик сылдьан кэллибит. Аныгыс Сүлүөккэ өссө да барыахпыт этэ.
Настаабынньык уонна учуутал сылыгар сөп түбэһиннэрэн, маннык улахан тэрээһиҥҥэ кыттан, биһиги, ыраах хоту улуус оҕолоро да, учууталлара да астынан кэллибит. Хас биирдиибитигэр салгыы үлэлииргэ саҥа көрүүлэр, идеялар киирдилэр. Уонна бу ылбыт билиибитин, уопуппутун улууспут атын оскуолаларын кытта үллэстэр былааннаахпыт.
Светлана Ноговицына, Боронук орто оскуолатыгар иитэр үлэҕэ, оҕо хамсааһынын кытта үлэҕэ дириэктэр сүбэһитэ