Олоҥхо ыһыаҕыттан – «Төрүччү төлкөтө» сийиэскэ

Олоҥхо Ыһыаҕыттан биир дойдулаахтарбыт сэргэх сонуннара Өймөкөөҥҥө айантан саҕаланна. Дьокуускайтан массыынанан икки күн айаннаан тиийии сылаалаах да соҕус буоллар, адаар таастаах Дьааҥы хайаларынан ситимнэспит хайалар үрдүлэринэн айаннаан сайыҥҥы айылҕа маанылаах туонатын илэ көрөн улаханнык астыммыттарын туһунан ахтан туран үтүө сонуннарын туһунан санаа атастастылар. Өймөкөөн диэн кииннээх,   Сордоҥноох,  Томтор, Үчүгэй уонна Төрүт диэн нэһилиэктэрдээх улуус быйылгы Олоҥхо Ыһыаҕар 14 улуустан кытта тиийбит ыалдьыттары көрсүбүттэр.

«Айанныырбытыгар халлаан да туран биэрдэ. Дэлэй быйаҥнаах сиргэ баран истэхпитинэ хайа үрдүгэр этиҥнээх ардах чурулаччы түспүтэ. Дьааҥы 20 киһилээх  дэлэгээссийэтин Сордоҥноох диэн нэһилиэк көрүстэ, аһатта. Аата астара элбэҕин. Үс күнү быһа куһунан, куобаҕынан аһаатыбыт, эттэрин, үүт астарын киһи эппэт. Олус истиҥник көрүстүлэр. Дьэ бары көмүс тарбахтаах дьон олорор сирдэрэ эбит ду,  диэхпэр диэри быыстапкаҕа араас үчүгэй оҥоһук бөҕөтүн сэргии көрдүм. Чысхаан дыбарыаһын хайа иһигэр олус үчүгэйдик туппуттар, хас эмэ хостоох. Айылҕата олоҥхоҕо кэпсэнэр курдук ураты кэрэ», – диэн сэһэргиир Саха сирин 13 биллэр олоҥхоһутун ахсааныгар киирбит, Дьааҥы олоҥхотун үйэтитээччи, уһуйааччы Мария Афанасьевна Стручкова. Айаннара ырааҕа бэрт буолан быһылаах, быйыл өссө кыттааччы аҕыйах эбит диэн бэлиэтиир.

Мария Афанасьевна уһуйбут оҕолоруттан үс оҕо өрөспүүбүлүкэ туонатыгар олоҥхо толууругар миэстэлэспиттэрин билэбит. Оттон  быйыл Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт «Айыы санаа айана» XVI Өрөспүүбүкэтээҕи Олоҥхо Ыһыаҕар  уһуйбут үөнэнээччитэ, быйыл 9-с кылааһы бүтэрбит Снежана Бурцева былырыын Бүлүүгэ ыытыллыбыт Олоҥхо Ыһыаҕар 2-с миэстэ Үрдэлин хаһаайына буолбутун, оттон быйыл оҕо олоҥхону толорооччуларга Кылаан Чыпчаал буолбутун долгуйа кэпсиир:

«Снежананы былырыын эрэ дьарыктаабыт оҕом. Бу иннинэ бөлөҕүнэн олоҥхону толорууга кини убайдарын дьарыктыы сылдьыбытым. Оҕону өйө төһө тутарын, айылгылааҕын, айылгыта суоҕун көрөн талабын. Снежана бэйэтэ хоһоон, кэпсээн суруйар, үөрэҕэр үчүгэй. Ситэрэн кэпсээтэххэ, оҕо олоҥхотун толорооччуларга анаан бабаарына диэн дьиэ туппуттар, оҕолор онно толордулар. Улахан дьонно – ураһа, ыччаттарга – балаҕан. Онон үс сиринэн олоҥхолоотулар. Айан бырайыаһын улууспут култуурата уйуммута».

Мария Афанасьевна Олоҥхо Ыһыаҕын кэнниттэн, от ыйын 8-9 күннэригэр ыытыллыбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуоттарын төрүччүтүн 2-с сийиэһигэр кыттыыны ылла. «Төрүччү төлкөтө» диэн сийиэс  бастаан 2018 сыллаахха ыытыллыбыт. Элбэх дьону-сэргэни улаханнык сэҥээрдибит 2-с сийиэскэ Дьааҥы, Усуйаана уонна Орто Халыма улуустарын быыстапката биир түһүлгэҕэ  туруоруллубут.

«Орто Халыма бастакы сийиэскэ сылдьыбыт буолан бэлэмнэрэ олус үчүгэй. Мин Эҥэ сирин Томскайдарын төрүт уустарын 7 көлүөнэҕэ диэри оҥорбутум. Сийиэс ыытылларын Олоҥхо Ыһыаҕар бараары Баатаҕайга кэлэн истибитим, ол иһин ити 7 көлүөнэни үспүөйдээтим. Матырыйаалбар номохтору уонна архыыптан үлэлэри киллэрбитим. Аны онон дьарыктаныам диэн былааннаахпын. Е. Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар историяларын уонна култуураларын  мусуойугар, Комсомольскай болуоссакка  «Төрүччү төлкөтө» сийиэскэ  төрүт өбүгэлэрбититтэн саҕалаан үөскээбит төрдүбүтүн-ууспутун ааттаан-суоллаан төһө билэрбит туһунан кэпсэтии киэҥ хоннохтоохтук ыытылынна. Былаһааккалар «Төрүччэ уопсастыбаҕа, олохтоох былааска, бэйэни салайыныы уорганнарыгар суолтата», «Дьиэ-кэргэн оскуола оҕотун иитиитэ», «Кыраайы үөрэтиигэ генеалогическай чинчийиилэр» диэн  тиэмэнэн үлэлээтилэр. Төрүччэ туһунан суруйуулар, кинигэлэр, сурунааллар атыыланнылар. От ыйын 9 күнүгэр пленарнай мунньах ыытылынна. Саха фамилиятын үөрэтэр Сергей Иванович Вахрин диэн чинчийээччини кытта билистим. Сергей Иванович Арассыыйа суруйааччыларын, Арассыыйа киноматографистарын сойуустарын чилиэнэ, Нуучча Географическай уопсастыбатын чилиэнэ, суруйааччы.  Кини дойдутуттан Томскайдар тустарынан матырыйаал ыыттарар буолла. Онон иннибитигэр улахан ыралаах сэргэх чинчийэн үөрэтиилэр күүтэллэр».

XVI Олоҥхо Ыһыаҕа Айыы санаа айанын тэлэн, «Төрүччү төлкөтө» сийиэс 500-тэн тахса киһини муста. Кэлиҥҥи кэккэ сыллартан төрүччэни үөрэтии бэрт силистээхтик-мутуктаахтык үөрэтиллэн эрэр. Хас түөлбэ сахата, төрүт олохтоох дьоно архыып матырыйаалларыттан саҕалаан өбүгэлэрин олорон ааспыт омооннорунан сирдэтэн кимтэн кииннээх, хантан хааннаах эбиттэрин чинчийэн үөрэтэллэр, бу хайысхаҕа ыччат, оҕо дьону сыһыараллар, төрүттэрэ ким буоларын хаһыс көлүөнэттэн аҕа, ийэ уус саҕаланарын сэргии үөрэтэллэр, элбэх научнай кэмпириэнсийэлэргэ кытталлар.

Түмүктээн эттэххэ, аныгы  саха киһитэ өйүн, билиитин сайыннарыыта төрүччэттэн ситим тардара улахан суолталаах.

Раиса ЧИРИКОВА