Сэтинньи ый 27 күнүттэн ахсынньы 1 күнүгэр диэри Үөттээх нэһилиэгин оҕо уһуйааныгар оҕону кыра сааһыттан сахалыы тыыҥҥа иитэр, төрүт культуратын билсиһиннэрэр сыаллаах-соруктаах, үгэскэ кубулуйбут, сылын аайы буолар Олоҥхо декадатын кытта Хомус күнүн ситимнээн ыыттыбыт.
Олоҥхо норуот тылынан уус-уран айымньытын саамай улахан көрүнэ. Манна киһи-аймах үйэлэр тухары сүппэт-оспот үтүө сиэрэ, олох туһугар охсуһуута ойууланар. Үтүө быһыы-майгы куһаҕан тыыны кыайарын олонхо философията этэр. Иитээччи Надежда Николаевна Олоҥхо үс дойдутун сүрүн геройдарын, сирин-уотун, дьонун-сэргэтин, хамсыыр харамайын оҕоҕо тиийимтиэ гына билиһиннэрдэ. Олоҥхо дьоруойдарын куукулаларынан оҕону бэйэтин толкуйдатан оонньотон көрдөрдө. Дьааҥыбыт Ийэ олоҥхоһутун Дария Андреевна Томская-Чаайка олоҕун дьаһаҕын туһунан сырдатылынна. Тэрээһин чэрчитинэн «Олоҥхо дойдута», «Эрчимэн Бэргэн», «Биэс ынахтаах Бэйбэрикээн эмээхсин» диэн ойуулуктары көрдөрөн, оҕолор болҕомтолорун тарта. Оҕолор уонна төрөппүттэр олоҥхо туһунан элбэҕи истэн, билэн үөрүүлэрэ, махталлара үгүс.
Декаданы түмүктүүр тэрээһиҥҥэ оҕолор уонна уһуйаан үлэһиттэрэ сахалыы таҥаһы таҥнан дьарыкка кытыннылар. Тэрээһиммитин хомуска сахалыы вариациялары оонньоон астына-дуоһуйа түмүктээтибит.
Олоҥхо киһи чиэһин үрдүктүк тутарга, киһини сыаналыырга, норуот үгэстэрин, сиэрин-туомун тутуһарга, ыччаты күүстээх-уохтаах, дьулуурдаах буоларга иитэр. Маннык тэрээһиҥҥэ уһуйааммыт оҕолоро, төрөппүттэрэ, үлэһиттэр бука бары биир киһи курдук ылсан көхтөөхтүк кытталлара оҕо өбүгэтин үтүө үгэстэрин кыра сааһыттан билэ, ытыктыыр үөрэнэригэр, саха тыла сайдарыгар бигэ тирэх буолар.
Үөттээхтээҕи оҕо уһуйаанын иитээччитэ Надежда Горохова