Олоҕум тухары сирдьитим

Миигин маҥнайгы кылааска үөрэппит учууталым Петр Егорович Федоров буолар. Кылааспытыгар 36 оҕо этибит. Биһиги ачыкылаах, ирдэбиллээтик көрөр-истэр учууталы бастакыттан сонургуу да, салла да көрбүппүт. Ол иһин кини тугу үөрэтэрин, кэпсиирин-ипсиирин барытын эппиэтинэстээхтик толорорго дьулуһарбыт.

Кини биһигиттэн үчүгэй буочары, ыраастык толоруллубут үлэни ирдиирэ. Петр Егорович ол саҕаттан техническай тэриллэри – кодоскобу уруоктарга сатабыллаахтык туһанара. Үөрэхпитин саҕалааппытын кытары, үчүгэй уонна куһаҕан буочардаах оҕолор тэтэрээттэрин кылаас иннигэр көрдөрөрүн өйдүүбүн. Онно мин тэтэрээтим холобур буолар тэтэрээккэ киирсэрэ. Учууталым олус үчүгэй буочардааҕа. Ону үтүктэ сатаан дьиэбэр элбэхтик дьарыктанарым. Итинник көрдөрөн холобурдааһынтан оҕолор бэйэлэрин биллэрдик тардыналлара.

Петр Егорович таҥнарыгар тиийэ түргэн туттунуулаах киһи буолара, ол иьин, үөрэтэр оҕолоруттан эмиэ оннугу ирдиирэ. Баттах хомуллуутугар, тыҥырахха тиийэ кылааһын оҕолорун көрөрө-истэрэ, өрүммэккэ арбайан кэлбит оҕону сорудах толоро олорор кэмигэр өрөрө, оттон уһун тыҥырахтаахтары тыҥырахтарын сарбыйара.

Үлэ уруогун кэмигэр пластилинынан элбэхтик туттарбыт. Мин ордук табылларын иһин, уруокка баҕанаҕа ыттыбыт монтеру оҥорбуппун өйдүүбүн. Уруһуй уруогар өҥнөөх араас фигуралары оҥотторооччу. Үлэ уруогар биэрбит сорудахтара миэхэ ордук табыллааччы, ол иһин ис сүрэхпиттэн кыһанан туран, астынан үлэлээччибин. Ааҕыы уруоктарыгар өйтөн ааҕыыны үгүстүк биэрэрэ, ол иһин элбэх хоһоону билэрбит. Суруйуу уруоктарыгар бэрэбиэркэлиир үлэлэр сотору-сотору ыытыллаллара. Биирдэ нуучча тылыгар хонтуруолунай үлэтин кэмигэр паартаҕа бииргэ олорор уолум гематоген тоһорхойун аҕалан, онон сыҥалаан көмөлөһүннэрбитин өйдүүбүн.

Эмиэ биирдэ физкультура уруогар хаһан даҕаны тапочкабын умнубат киһи хаалларан кэбиһэн, дьиэбэр төттөрү баран аҕалбыттаахпын. Дьиэбит чугас учаастакка турара, доҕор кыыспынаан эргиллэн кэлбиппит, ол уруокпут бүтэн, номнуо атын уруок саҕаламмыт. Онон Петр Егоровичтан улаханнык дьүүллэнэн турардаахпыт.

Мин учууталым кыыһа Светалыын бииргэ үөрэнэрбит. Ардыгар дьүөгэбин кытары уһун переменаҕа чэйдэһэ тахсарым. Онно сылдьан, Петр Егорович кыра кыыһын Надяны сыллыы-ууруу сылдьарын, араастаан таптаан кэпсэтэрин сонуннук көрөрүм. Аны кыра оҕо киһи, саамай дьиктиргиирим диэн, кылааска толлор учууталбын кытта тэҥнээҕим курдук, биир остуолга олорон толлубакка аһыырым. Ити сылдьан учууталым оскуолаҕа уонна дьиэтигэр олох атын киһи буолан көстөрүн дьиктиргии саныырым.

Учууталбыт биһигини маҥнайгы кылааска үөрэтэн баран, бөһүөлэк салалтатыгар үлэлии барбыта. Бастакы учууталым Петр Егорович биир сыл үөрэппитин да иһин, биэрбит билиитэ-көрүүтэ, сүбэтэ-амата миэхэ умнуллубат үтүө өйдөбүл буолан хаалбыт. Кэлин учуутал буолан оскуолаҕа үлэлии кэлбит кэммэр Петр Егорович үлэ учууталынан үлэлии сылдьара. Иккис сылбар кабинеты анаабыттарыгар кини мин үлэлиир миэстэм тупсаҕай буоларын туһугар үгүһү көмөлөспүтэ: кабинет аана уларыйбыта, саҥа паарта, дуоска туруоруллубуттара. Ити курдук, миэхэ, эдэр учууталга, үлэлииргэ табыгастаах усулуобуйа тэриллибитэ. Ити кэмҥэ Петр Егорович оскуола профкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиирэ. Кини кэнниттэн мин талыллан кини биэрбит сүбэтинэн-аматынан уонча сыл бэрэссэдээтэллээн кэлбитим. Маҥнайгы учууталым Петр Егорович мин олоҕум устатын тухары сирдьит сулус буолар.

Елена Петровна Ефимова, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна

Читайте дальше