Окко киирии саҕаланна

Бу сааhы быhа төhө да тыалырдар, ходуhаларга олорон хаалбыт былырыыҥҥы мотуох уута куурбатын, быйыл да оттуурга кэккэ ыарахан сайын кэлбитин, сорох сирдэргэ от үүнүүтэ ортоhуорун иhитиннэрэллэр. Аны күhүҥҥү ардахтар ходуhалар ууларын эптэхтэринэ кыстыгы туоруурга кыhалҕалар үөскүөхтэрин сөп эбит. Билигин өтөх, кырдал сирдэргэ от саҥа үүнэн эрэр, дьон окко таҕыстылар. «Кэлэр ыйга баҕар ардахтаах, ыксаллаах балаһыанньа бүрүүкүөн сөп, онон күнү-дьылы кэтэспэккэ, оттоон сир ыла турбут ордук», – диэн иhитиннэрэр Суордаах нэhилиэгин баhылыга Владимир Павлович Стручков.

Суордаах нэhилиэгэр Сартаҥтан төрүттээх күтүөт, үс уол оҕолоох ыал аҕата Афанасий Маевич Слепцов быйыл да окко биир бастакынан киирдэ.  Афанасий Маевич 3 ыанар ынахтаах, 2 тыhаҕас, 3 ньирэй сүөhүлээх, 5 биэлээх, 5 кулуннаах хаhаайыстыбалаах, нэhилиэкп тыын тутаах киhитэ.

Үлэххэ, олоххо көхтөөх нэhилиэнньэлээх Суордаахха былырыын уустук сайын ааhан  90 сүөhүттэн 54 сүөhү төбө кыстаан тахсыбыт. Төрөөhүн үчүгэй буолан сүөhү ахсаана 108 буолан турар, билиҥҥи туругунан 42 ыанар ынах, 420 сылгылаахтар.

«Быйылгы от былаана 370 туонна. Оттуур сирдэрбитин уу ылбыт буолан от үүнүүтэ куhаҕана суох  буолсу, былааммытын толорорго дьулуhабыт.

Быйыл ойуур тыа фондатыттан чугастааҕы  нэhилиэк ходуhалара таҕыстылар, онон саҥалыы дуогабар, аренда оҥостуу, сирбит инвентаризацията саҕаланна. Онон сылгы, сүөhү иитиигэ биир сүрүн олук оҥоhуллунна. Тыа сиригэр олорор нэhилиэнньэ олоҕо-дьаhаҕа тупсарыгар, былааннаммыт сорук кэмигэр олоххо киирэн иhиитинэн олохтоох дьаhалтабыт уонна Суордаах дьонун-сэргэтин ааттарыттан улууспут баhылыгар Владислав Ивановка  махталбытын биллэрэбит», – диэн иhитиннэрэр «Суордаах нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии баhылыга Владимир Павлович.

Боотто АСХААРАП


Читайте также…

Верхоянцы – в «Дьулууре»

С 12 по 16 июля в с. Амга Амгинского улуса пройдёт XIV спартакиада по адаптивным видам спорта «Дьулуур».