Оҕо саас Саҥа Дьыла

Саҥа Дьыл туһунан ыйыттахха үгүс киһи оҕо сааһын Саҥа Дьылын ахтар-саныыр. Остуоруйа Дойдутуттан айаннаан иһэр таба сыарҕатыгар олорбут Тымныы Оҕонньор (урут Дед Мороз эрэ диэн ааттанара) мааны, кэрэ сиэнин Хаарчаананы кытта бадаарак кэһиилээх иһэллэрин оҕо барыта, оннооҕор улахан дьон итэҕэйбиттии кэтэһэллэрэ. Хайа да бырааһынньыктан баһаам үөрүүнү, кэскиллээҕи аҕаларга эрэли үөскэтэр «оҕо сааһыҥ Саҥа Дьыла» диэн ыйытыкка дьон маннык хоруйдаатылар, бу кэрэ, эриэккэс кэм туһунан санааларын эттилэр:

 

Андрей Семенович Потапов, Арассыыйа суруналыыстарын чилиэнэ, экстремал хайыһардьыт, Табалаах нэһилиэгин олохтооҕо:

«Саҥа дьыл саамай оҕо сааска күндү буолааччы. Былыр, мин оҕо эрдэхпинэ, 54 сыллаахха, учууталларбыт харыйаҕа майгынныыр титириги ойууртан быһан аҕалаллара, кулуупка туруорарга кытта биэрэллэрэ. Оччолорго, билиҥҥи курдук, гирлянда диэн суох кэмэ этэ. Харыйабыт аллараа өттүн лабаалара кэтит, адаархай буолааччы, ону биһиги эрдэ дэлби симиибит. Учууталбыт Павел Кириллович Чириков, харыйа үөһээ өттүгэр суоһаабат гына, хайдах эрэ ньыманан, кыра иһиккэ чүмэчи курдугу оҥороро. Моруос оҕонньор көстүүмүн кэтэн киирэрэ уонна хас лабаа ахсын туруорбут чүмэчитин бэйэтэ уматара. Инньэ гынан, бэрт сэрэхтээх да диэтэрбит, кэтэһиилээх Харыйабыт сырдаан киэркэйэ түһэрэ. Биирдэ да баһаары ыыппатахпыт. Тула хоробуоттуу сылдьан көрдөхпүтүнэ сүрдээх үчүгэй курдук буолар этэ. Былыргы чүмэчи устата уһун соҕус, ону учууталбыт чаас курдук умайарга сөптөөх, кылгас гына быһыталыыр эбит быһылааҕа. Ол кини бастакы уоттаах Харыйаны оҥорбута, ол кэнниттэн атын дьон Моруостаабыттара. Оҕолор маскарааппыт диэн, араас кыыл сирэйин оҥотторон ону кэтэрбит, төрөппүттэрбит оҥорон биэрэллэр этэ. Кэлин улаатан истэхпитинэ маскараат бириистээх буолбута. Миэхэ убайым Опуонньа оҥорон биэрбит бөтүүк маскараатынан бириискэ тиксибиттээхпин. Уонна кэлин болбуктанан харыйа оҥорор буолтара. Табалаахха болбуктаны аҕаларга сирэ ырааҕа бэрт, Тасхал сиһин улаҕатыгар эрэ үүнэр. Ол саҕана тиэхиньикэ да саҥа үөдүйэн эрэрэ, тугунан тиэйэн аҕалалларын өйдөөбөппүн. Тэҥнээн көрдөххө, сайдыы улаханнык барда, хотуобай харыйа, гирлянда барыта баар. Саҥа дьылы көрсө киһи барыта дьиэтин, тиэргэнин киэргэппит. Баатаҕайга сылдьан түннүктэрбин киэргэтэргэ ону-маны атыыластым. Мин оҕо эрдэхпиттэн ахсынньы 31 күнүн нуучча саҥа дьыла дииллэрэ, сүллүкүүттэр киирэр кэмнэригэр, тохсунньу ый 14-15 күннэригэр саха саҥа дьылын ылабыт. Кулууптар ыҥырдахтарына саҥа дьыллааҕы кэнсиэргэ кыттабын. Саҥа дьылга туох баар үчүгэйи баҕарабын, баҕа санаа туоллун, олохпут тупсан истин!»


Виктор Павлович Стручков, СӨ Олоҥхо тыйаатырын лектора, искусствовед:

«Саҥа Дьылы туох да эрдэттэн кэтэһэҕин, оҥостоҕун, Саҥа Дьыл олоххор дьиктини, үтүөнү аҕалыахтааҕын курдук өйдүүгүн. Сааһырыаххар диэри эккэр-сииҥҥэр, куккар-сүргэр иҥэн сылдьара киһини үөрдэр. Ол иһин киһи үөрэ-көтө, ымманыйа, кэрэни, кэскиллээҕи күүтэр, кэтэһэр. Билиҥҥи өйгүнэн санаан көрдөххө, саҥа дьыл диэн киһи бэйэтин эт мэйиитинэн толкуйдаан, анааран оҥорбут Саҥа Дьыла буоллаҕа. Үүммүт григорианскай халандаар сыллааҕы эргииригэр үтүөнү бэйэҕэр түстэнэргэ дьулуһаҕын уонна үчүгэй, кэрэ эрэ кэллин диэн ылынабын. Мин олохпор умнуллубат саҥа дьылым оҕо эрдэххэ дьикти буолар этэ. Оскуола кэмнэриттэн ордук үчүгэйдик өйдүүрүм диэн, Верхоянскай куоратыгар үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьар кэмнэрим буолаллар. Уонна умнуллубат сырдык түгэним – доҕордоһор кыыспын Ларисаны кытта ыал буолуохпут иннинэ саҥа дьылы бииргэ ылбыппыт, ол олохпор умнуллубат кэрэ, истиҥ Саҥа Дьылым этэ.

Саҥа Дьыллааҕы күүтүүлээх, сырдык түстээх баҕа санаа хаһан да уостубатын, кэрэни, үтүөнү аҕала турдун!»


Анна Ивановна Васильева, Арыылаахтааҕы оҕо уһуйаанын муусука салайааччыта, олохтоох бибилэтиэкэ сүрүннүүр исписэлииһэ:

«1999 сыллаахха ахсынньы 25 чыыһылатыгар сыбаайбалаабытым, ыал буолбутум, бастакы оҕобун иһим иһигэр илдьэ сылдьар этим – үөрүү-көтүү, дьол барыта ол тула буолбута. Ол оҕом билигин 24 саастаах, саамай кырам 8 саастаах. Саҥа Дьыл киһиэхэ саҥа сүүрээни, туох эрэ саҥаны аҕалар дии саныыбын, барыта үчүгэй, кэрэ буолуохтаах, куһаҕан барыта умнуллар, умуллар диэн Саҥа Дьылы сырдык, ураты дьайыылаах кэм диэн ылынабын. Оҕолорум туймарытаннар, ахсынньы ый бастакы күнүгэр дьиэбит иһин, таһын барытын киэргэтэн симээбиппит. Элбэх киһи санаата кыттыстаҕына ол алгыс буолан үөһэ көтөн тахсан туох баар үчүгэйи эрэ аҕалыахтаах, оннук диэн өйдүөххэйиҥ даҕаны. Тапталы, чугас дьоҥҥо истиҥ сыһыаны баҕарабын!».


Саргылана Семеновна Слепцова, оройуоннааҕы Киин бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр секторын бибилэтиэкэрэ:

«Саҥа Дьыл – омугуттан, кимиттэн тутулуга суох, оҕо сааһы санатар, сырдыгы кэтэһиннэрэр, киһи-аймах саамай сөбүлүүр кэмэ буолар. Хас Саҥа Дьылы кытта ситим инникигэ туох эрэ олус үтүөнү, биллибэт үчүгэйи арыйар курдук, таайбараҥнаах абылаҥы үөскэтэр дьикти кэм. Аҥардас күөх харыйаны киэргэтэн оонньуурдары иилии туһунан турук. Сиэннэрим мааны симэхтээх харыйаны көрөн үөрбүттэрэ үчүгэйиэн, оҕо сааспын санаттылар.
Кыра сылдьан Тымныы Моруос Оҕонньору, Хаарчаананы Баатаҕайтан табанан айаннаан кэлэллэр дии саныырым, бадаарак аҕалыахтара диэн дэлби кэтэһээччибит. Биирдэ, ол сырыттахпына открыткаҕа ойууламмыт курдук эрээри сахаҕа маарынныыр, кыһыл велюр сонноох, бэргэһэлээх, уруҥ уһун бытыктаах, халлаан күөх ойуулаах мөһөөччүккэ бадаарак сүгүүлээх Моруос Оҕонньор киирэн кэллэ. Биһиги, оҕолор, Моруос Оҕонньору көрөөрү, бадаарак ылаары хостон тахсан Моруос аттыгар бу баар буола түстүбүт. Моруос оҕонньор эҕэрдэлээтэ, бадаарактары биэрдэ. Мин бадаарак ыла чугаһаан иһэн көрдөхпүнэ арай Моруос Оҕонньор аҕам Семен Гаврильевич Слепцов мааныга кэтэр ыстаанын курдук бордуобай өҥнөөх ыстааннаах. Ону көрөөт мин «Моруос паапам ыстаанын ылан кэппит!» диэн хаһыытаат төттөрү ойдум. Ону Моруос Оҕонньор хайдах кистээн ылбыт дуу, оччоҕо аҕам бырааһынньыкка аны кыттыбат эбит диэн хомойо санаатым уонна «Моруос Оҕонньор эн куһаҕаҥҥын, паапам ыстаанын тоҕо кэттиҥ!», диэччи буоллум. Онуоха Моруоһум наһаа улаханнык иэрийэ-иэрийэ күллэ, мин онуоха бууһа куттанным, ытаатым. Олус ытаабыппыттан быһыылаах Моруос Оҕонньор сонун, бытыгын улулла – паапам буолан хаалла. Аҕам бадаарак биэрэн үөрдээри Моруос Оҕонньор буолан кэлбит эбит. Билигин санаатахха күлүүлээх да буоллар ол түгэн туһунан устуоруйалаах, эмиэ да кутталлаах этэ .

Саҥа дьылга бары оҕо сааскытын санааҥ, оҕо буола түһүҥ, күлүҥ-үөрүҥ. Саҥа 2024 сыл хас биирдии дьиэ-кэргэҥҥэ бараммат үөрүүнү аҕаллын, доруобай буолуҥ, дьоллоох буолуҥ!»


Николай Афанасьевич Макаров, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуура уонна история нэһилиэстибэлэрин харыстыыр Департаменын салайааччыта:

дук оҕо сырыттахха өйгөр-сүрэххэр хатанан хаалар олус үтүө кэм дии саныыбын. Ол үөрүүлээх Саҥа дьыл билигин даҕаны умнуллубат. Биһиги бииргэ төрөөбүт түөрпүт, мин улаханнара буолабын. Алын икки сыл быраат уол баар, үһүс уол миигиттэн аҕыс сыл хойут төрөөбүтэ. Кини төрөөбүт күнэ – ахсынньы ый 27 күнэ. Оччолорго мин аҕыс саастаахпын, быраатым алтата. Ийэбит оҕолоноору балыыһаҕа сытар, биһиги аҕабытын кытта олоробут. Аҕабыт «Бырааттаммыккыт» диэтэ. Ол саҥа дьылга ийэм оҕотун кытта балыыһаттан тахсыбыттара. Ону олус истиҥник өйдөөн хаалбыппын, кыра бырааппыт кэлэригэр хайдахтаах курдук бэлэмнэммиппитин. Уһуннук кэтэһэн баран көрсөөһүн ураты кэтэһиилээх этэ, бырааппын кытта дьиэбитин киэргэппиппит, гирлянда ыйаабыппыт, Харыйабытын симэхтээбиппитин, дьиэбитин итинник киэргэппиппитин уонна уһуннук кэтэспиппитин адьас умнубаппын, субу баардыы өйдүүбүн. Ол бырааппыт билигин биэс оҕолоох улахан дьиэ-кэргэн аҕата. Кини кэлиитэ биһиэхэ улахан бэлиэ түгэн, сырдык кэм буолбута. Хайдах курдук долгуйбуппутун, тугу бэлэмнээбиппитин, хайдах гирлянданы ыйаабыппытын өйдүүбүн. Онон, оччоттон-баччааҥҥа диэри Саҥа Дьыл бырааппын кытта сибээстиир. Ахсынньы 27 чыыһылата буолла – кини төрөөбүт күнүн ылабыт, онтон салгыы кэтэһиилээх Саҥа Дьылбыт кэлэр.
Дьааҥыны урут-уруккуттан чугастык ылынабын. Тоҕо эрэ, хааммар баҕар баара эбитэ дуу, историяны интэриэһиргиирим эбититтэн дуу… Дьааҥыны иккис дойдум курдук ылынарым ити мээнэҕэ диэн эппэппин, бэйэтин кэмигэр Олоҥхо Ыһыаҕын тэрийсиитигэр үлэлии сылдьан, ол иннинэ бырабыыталыстыбаҕа үлэлии сылдьан кэлиигэ-барыыга, бу да кэлэн тураммын махтана саныыбын уонна куруук кэлэ сатыыбын. Билигин алта сыл буолан баран кэллим. Бу кэлэн Дьааҥы дьонун-сэргэтин көрсөн дойдум дьонун курдук чугастык ылынным, чугастык кэпсэтэллэрэ-ипсэтэллэрэ наһаа үчүгэй. Форум тэрээһинин түһүлгэлэрин көрө-истэ сылдьаммын сайдыы бара турар эбит диэн быһаардым, саҥарбыт-иҥэрбит, турбут-олорбут, эппит-тыыммыт ыччат, үлэһит дьон элбэх эбит. Бу аата улуус тэтимнээхтик үлэлиирин, сайдарын, инникигэ көрүүтэ эрэллээҕин көрдөрөр. Онон Дьааҥылар кытаатыҥ, сайдыы суолунан бара туруҥ!»


Олег Викторович Домнин, Арыылаахтааҕы култуура киинин дириэктэрэ:

лдьан ийэбин кытта маскарааттанныбыт. Ийэм, Александра Николаевна Слепцова, наһаа уус, иистэнньэҥ буолааччы, маскараат күрэҕэр кыттаары, таба төбөтүн, муоһун наһаа уһуннук оҥорбута, биһиги онно көмөлөһөрбүт. Адьас дьиҥнээх таба төбөтө тахсан кэлбитэ. Онон дьэ, ийэм таба буолла, мин табаһыт буоллум. Маскараат күрэҕэр диэн, түүннэри, 12 чаас саҕана кулуупка бардыбыт. Кулуупка тиийэн, таһырдьаттан киирэн, механическайдык эргийэ турар саҥа дьыллааҕы харыйаны утары үстэ эргийэ сүүрдүбүт – онтубут ойуур иһинэн сүүрэн иһэр курдукпут. Тахсан истэхпитинэ аан таһыгар турар эр дьон «Ок, таба кэллэ!» диэн таба муоһуттан тутан көрөллөр, онуоха ийэм таба курдук табыйар иҥин, онтон миигин тардан ылар, мин уһун ураҕаспынан, табаһыт курдук, табабын охсубута буолабын. Ол курдук бэрт сылбырҕатык, түргэнник дьиэлээтибит. Ийэм маскараатын устан саҥа дьыл бырааһынньыгар барда. Дьон «Табалаах булчут» маскараатын кимнээх кэппиттэрин билбэтэхтэр, ол иһин аатын ааттаабакка бастакы миэстэни ылла диэбиттэр. Ийэм бириэмийэтин – наһаа үчүгэй, бордуобай өҥнөөх килбэчигэс матырыйаалы ылан кэлбит этэ. Ол матырыйаалынан дьууппалаах бинсээк (көстүүм) тиктибитэ, адьас хойукка диэри кэппитэ. Кини эбэм бииргэ төрөөбүт эдьиийэ этэ – түөрт саастаахпар төгүрүк тулаайах хаалбыппытыгар бырааппын уонна миигин бэйэтигэр (опекаҕа) ылан ииппитэ. Үөрэҕэ суоҕа, суруйарга, ааҕарга биһиги үөрэтэр этибит, латыыныскай алпабыытынан.

Саҥа дьыл оҕо саас саамай умнуллубат кэмэ, остуоруйа дойдутугар айан курдук, ийэбин куруук санатар. Ийэм олус творческай киһи этэ, мин култуура үлэһитэ, айар-тутар киһи буолуубар ол бэриллибит буолуохтаах. Саҥа 2024 сыл ураты, элбэх үөрүүлээх сыл буоллун!»


Константин Николаевич Каженкин, Адыаччытааҕы «Кэскил» оҕо саад-уһуйаан сэбиэдиссэйэ:

«Саҥа дьылы, биллэн турар, чугас дьоммун кытта ыларым, көрсөрүм – саамай умнуллубат дьоллоох түгэннэрим буолаллар. 2006 cыллаахха М.К. Аммосов аатынан Саха судаарыстыбаннай үнүбүрсүтүөтүн психология үнүстүтүүтүн факультетын маҥнайгы куурсугар үөрэнэ сылдьан Дойдубар, дьоммор ахтылҕаммын аан бастаан онно билбитим. Онно саҥа дьыл наһаа ураты күүтүүлээх этэ. Ийэлээх аҕабын, эбээбин кытта көрсөрүм наһаа кэтэһиилээх, үөрүүлээх этэ.

Айар үлэбэр 2018 с. Саҥа дьыл бырааһынньыгын эрэ иннинэ бэйэм суруйбут, матыыптаабыт маҥнайгы ырыаларым хомуурунньуга тахсан, сүрэхтэнэн турардаах. Ол курдук, оччотооҕу Саҥа Дьылы саҥа ситиһиилээх көрсүбүтүм. Хомойуох иһин, ол хомуурунньугум талааннаах мусукаан Валентина Прудецкаяны кытта бастакы уонна соҕотох үлэбит түмүгэ буолбута. Кинилиин өссө даҕаны салгыы үлэлиир былааннаах этибит. Аны бу кэлиэхтээх Саҥа Дьылҕа эмиэ биир үлэм түмүгүн кэтэһэбин. Ол курдук, ааспыт ыйтан «Айар» кинигэ кыһатын кытта хоһооннорум хомуурунньугар үлэлэһэ сылдьабыт. Саҥа дьыл иннинэ тахсара буоллар диэн баҕа санаалаахпын.

Билигин бэйэм туспар наһаа түбүгүрбэппин, барыта тэрилтэм туһугар. Оҕобут уһуйаана быйыл уратылаах буолла. Уратыта диэн, урукку өттүгэр маскараат күрэҕин ыытар этибит. Маскарааты уһуйаан оҕото биллэн турар бэйэтэ оҥостубат, төрөппүт оҥорор, ол аата төрөппүт күрэҕэ буоллаҕа. 2019 сылтан сэбиэдиссэйдиэхпиттэн маскарааты күрэҕэ суох ыытабыт, уһуйаан аатыттан барыларыгар биир тэҥ бадаарагы туттарабыт.

Бука бары бар дьоммор, Дьааҥым дьонугар баҕарыам этэ кэлэр сылга өссө үрдүк ситиһиилэри, бары бииргэ сомоҕолоһон нэһилиэк, оройуон үлэтигэр-хамнаһыгар, олоҕор-дьаһаҕар бииргэ үлэлэһиэххэйиҥ, түмсүүлээх буолуоххайыҥ!»


Семен Афанасьевич Слепцов, Суордаахтааҕы култуура киинин дириэктэрэ:

рөөбүтүм, 5 кылааска Саккырыырга көһүөхпүтүгэр диэри Верхоянскайга олорбуппут, үөрэммитим. Саккырыырга 5 кылааска үөрэнэ сылдьан, саҥа дьыл кэлэрэ биир ый иннинэ, ахсынньы саҥатыгар быһыылааҕа, аҕабын кытта сискэ тахсан Харыйа маһа быһа барааччыбыт, сис дьиэбититтэн чугас буолан сатыы тахсааччыбыт. Көрдөөн-көрдөөн саамай хойуу лабаалаах титириги булабыт, ону быһан, сүгэн аҕалааччыбыт. Дьэ уонна сэрэнэн-сэрэнэн дьиэҕэ киллэрэбит. Ирбитин кэннэ, аҕам Афанасий Семенович Слепцов эрдэ бэлэмнээбит, сирэйин үрдэ тэһиллибит тумбаҕа ол лаглайбыт титирикпитин олордооччу. Тумбаны арыйдахха уулаах биэдирэлээх буолар. Ол титирикпит саҥа дьылга көҕөрөн тахсааччы, мутукчатын сыта наһаа үчүгэй буолар. Ийэм Тамара Семеновна Горохова баатанан хаар оҥорон ыйааччы — куукунабыт иһэ хойуу мастаах джунгли курдук буолааччы. Ааны арыйааты кытта дьиэбит иһэ бүтүннүү хаардаах айылҕа курдук, кыыллар, куобахтар, ый, сулус барыта баара.
Кэлин Суордаахха кэлэн ыал буолан баран, оҕо сааһым саҥа дьылын санаан, уолбун кытта ойууртан титирик быһан аҕалааччыбыт да туруорарга сөптөөх туумбабыт суох буолара. Кэлин искусственнай харыйа элбээн титириги быспат буолбуппут. Кулууппутугар 5 миэтирэ үрдүктээх хотуобай харыйаны Дьокуускайтан сакаастаан ылбыппыт, ону таһырдьа туруорбуппут. Олус мааны көстүүлээх. Ити курдук оҕо сааһым күөх, мутукча сыттаах харыйатын, төрөппүттэрбин саҥа дьыл ахсын ахтан ааһабын. Ийэм, аҕам өттүнэн икки эһээлэрим Сэмэн диэн ааттарын илдьэ сылдьабын. Саҥа сылга бар дьоҥҥо бары үтүөнү баҕарабын, доруобуйа баар буоллаҕына барыта баар буолуо».

Олус истиҥ-иһирэх, сэргэх, сүргэни көтөҕөр кэпсээннэрдээх ахтыылар күннээҕи олоҕу чахчы да киэргэтэллэр. Хас биирдии киһи алыптаах сырдык санаата, оҕо сааһын умнуллубат аргыстаах үөрүүтэ тохтообокко салҕана турдун, оҕо үөрүүтэ үксээтин, оҕо саас дьикти таайбараҥнаах кэмнэрэ кэрэни кэккэлэттиннэр! Саҥа Дьылҕа баҕа санаа барыта туоллун!

Раиса Чирикова

Читайте дальше