Нэһилиэкпит биир тутаах үлэһитэ

Бүгүн атах тэпсэн олорон сэһэргэһэр киһим: «СӨ култууратын туйгуна», «2019 сыл СӨ тыа бибилэтиэкэлэрин бастыҥ үлэһитэ» анал аат хаһаайката, «2016 сыл СӨ бастыҥ култуура тэрилтэтэ» ааты ылбыт Адыаччытааҕы ааҕар балаҕан сүрүн бибилэтиэкэрэ – Любовь Контваровна Горохова.

Тапталлаах кэргэн, икки кыыс амарах ийэтэ, түөрт сиэн эйэҕэс эбэтэ, үлэтигэр дьиҥ чахчы бэриниилээх, олус эппиэтинэстээх, нэһилиэкпит биир маанылаах кийиитэ буолар.

Любовь Контваровна бибилэтиэкэринэн номнуо 30-ча сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии хамныы сылдьар.

Үтүө күн буолуохтун! Бастатан туран, Любовь Контваровна, бэйэҥ тускунан кылгастык билиһиннэрэргэр көрдөһөбүн.

Мин 1969 сыллаахха Мэҥэ-Хаҥалас Майа сэлиэнньэтигэр Сыроватскайдар дьиэ кэргэннэригэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ойор-тэбэр оҕо сааһым Майаҕа ааспыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэрбэр хоровой куруһуокка, Харатааҕы спортивнай оскуолаҕа чэпчэки атлетиканан, хайыһарынан утумнаахтык дьарыктаммытым. Саамай сөбүлүүр предметим домоводство этэ – тигэрбин, баайарбын наһаа сөбүлүүр этим. Аан бастакы оскуолатааҕы ситиһиибинэн 2-с кылааска учууталым Варвара Федосеевна Гаврильева такайыытынан нуучча тылын олимпиадатыгар хоһоону дорҕоонноохтук ааҕан бастыҥ аатын ылан грамотанан наҕараадаламмытым буолар.

Ол саҕана кылааһынан, биирдиилээн бибилэтиэкэҕэ сылдьан кинигэ уларсан ааҕар этибит. Ону тэҥэ дьиэ кэргэнинэн биллиилээх суруйааччылар кинигэлэрин интэриэһиргээн мунньарбыт. Кинигэҕэ интэриэһим аан бастаан онтон саҕаламмыта.

– Л.К., бибилэтиэкэр идэтин ханна үөрэнэн бүтэрбиккиний? Идэҕинэн хас сыл үлэлээтиҥ?

1991 сыллаахха Бурятиятааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун бүтэрэн «техник -строитель» идэтин ылбытым, салгыы 2 сыллаах факультативка үөрэнэн бибилэтиэкэр идэтин баһылаабытым. 2006 сыллаахха идэм таһымын үрдэтэр сыаллаах Илин Сибиирдээҕи култуура институтугар кэтэхтэн үөрэнэн «библиотекарь-библиограф» идэтин ситиһиилээхтик көмүскээбитим. 1994 сылтан Адыаччы олохтоох бибилэтиэкэтигэр күн бүгүнүгэр диэри үтүө суобастаахтык 30-ча сыл үлэлээн кэллим.

– Л.К., билиҥҥи кэмҥэ нэһилиэнньэ кинигэни төһө интэриэһиргиирий? Ордук элбэхтик сылдьар ааҕааччылар орто саастара?

– Билиҥҥи үйэ киьитэ олох аахпат диир сыыһа, ол эрээри ааҕыы көрүҥэ уларыйда, ол эбэтэр билигин күннээҕи олоххо электроннай кинигэ, ватсап ситимэ, телеграм уо. д.а. балысханнык киирдилэр. Эбиитин хоту сир интернетэ быстар мөлтөҕө атахтыыр. Ол да буоллар, бэчээттэнэн тахсыбыт кинигэ тоҕоостооҕо биллэр: илиигэр тутан олорон бэйэҥ арыйан көрөн, сыта-тура наҕылыччы ааҕарыҥ ордуга биллэр. Бибилэтиэкэни аргыс оҥостор, кинигэни, хаһыаты, сурунаалы сэҥээрэр дьон аҕыйаҕа суохтар, ол курдук уһуйаан, оскуола оҕолоро, орто да, саастаах да ааҕааччылар сылдьаллар. Ол эрээри, биири сүрүннээн өйдүөххэ наада: ааҕыы дьиэ кэргэнтэн саҕаланар, ол эбэтэр ийэ-аҕа, эбэ-эһэ ааҕа олорорун хайа оҕо уонна сиэн үтүктүбэт буолуоҕай?!

– Л.К., бибилэтиэкэ иһинэн ыытыллар араас республиканскай, оройуоннай таһымнаах тэрээһиннэр тустарынан баһаалыста сырдата түһэргэр.

– 2013-2019 сылларга оройуоҥҥа нэһилиэктэр икки ардыларыгар сырыылаах, араас тэрээһиннэрдээх «Библиоэстафета» үгүс дьону түмэн ыытыллыбыта.

Быйыл саас Алыһардаахтар ыҥырыыларынан, Дьааҥы Ийэ олоҥхоһута Дарья Томская – Чаайка төрөөбүтэ 110 сылыгар аналлаах фольклору тарҕатар сыаллаах, анал былаанынан Алыһардаах учаастагар баран кэлбиппит, нэһилиэнньэ бары араҥатын түмэн киэҥ ис хоһоонноох, интэриэһинэй тэрээһини үрдүк таһымҥа ыыппыппыт.

Ону таһынан, уһуйаан оҕолоругар «Сэһэн куолу» күрэх, студеннар күннэригэр «Биллэр-көстөр Татыйааналар» диэн биктэриинэ толкуйдаан, республика, оройуон бибилэтиэкэрдэрин иллэҥ кэмнэригэр дьарыктарын сырдатар анал бырайыак уонна да атын араас акцияларга, күрэхтэргэ мэлдьи актыыбынайдык кыттабыт.

– Л.К., быйыл СӨ биллэриллибит «Үлэ сыла» түмүктэнэн эрэринэн «Үлэ киһини киэргэтэр» диэн өйдөбүл туһунан Эн тус санааҥ?

– Мин санаабар, үлэ диэн дьол буоллаҕа, ол аата үлэлээх, дьарыктаах киһи олоххо сыаллаах-соруктаах, бигэ туруктаах, уопсастыбаҕа туһалаах уонна сарсыҥҥы күҥҥэ эрэллээх буолар. Онон, үлэни таптааҥ! Үлэни өрө тутуҥ! Үлэттэн дьоллонуҥ! – диэн эдэр көлүөнэни ыҥырабын!

Любовь Контваровна, олус истиҥ, иһирэх сэһэргэһииҥ иһин Махтал буолуохтун! Баҕарыам этэ чэгиэнчэбдик доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр иллээх –эйэлээх олоҕу, бары үтүөнүкэрэни! Үлэҕэр үрдүк ситиьиилэри, өрө дабайыылары, ааҕар балаҕаныҥ өрүү сырдыгынан сыдьаайа, саҥаттан саҥа ааҕааччылары ыҥыра, угуйа туруохтун! Дьоллоох буол! Соргулаах буол!

Интервьюну ылла Галина Егорова, 40 сыл ыстаастаах иитээччи, СӨ үөрэҕирии систиэмэтин Бочуоттаах бэтэрээнэ, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үлэ бэтэрээнэ

Читайте дальше