Нэһилиэк бастакы үрдүк үөрэхтээҕэ – ветеринар кыыс Светлана

Светлана Дмитриевна Горохова 1943 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр Горохов Дмитрий Константинович уонна Другина Елена Афанасьевна дьиэ кэргэттэригэр күн сирин көрбүтэ. Кини иннинэ төрөөбүт оҕолор оччотооҕу ыар олоххо кыайан тыыннаах хаалбатахтар, онон ыаллар соҕотох маанылаах кыыс оҕолоро буолар. Аҕата Дмитрий Константинович – Сэмэнньэ, 1910 сыллаах төрүөх олохтоох киһи, партия чилиэнэ, кыра үөрэхтээх мас уонна тимир ууһа этэ. Эһэтэ Константин Дмитриевич эмиэ уус киһи этэ диэн ахталлар, кини туппут ньиэмэстии муннуктаах балаҕан дьиэтэ оһохтуун, хаппахчылыын кэргэнин таптал аатынан Татый дьиэтэ диэн Бүгүйэх сиригэр билигин да турар.

Светлана 1950 сыллааха оскуола боруогун атыллаан Верхоянскайга I  кылааска киирбитэ. Светлана кыра эрдэҕиттэн билиигэ тардыһыылаах, үөрэххэ олус дьоҕурдаах оҕо буолан оскуолаҕа киириэн иннинэ ааҕан «нулевой» кылааһы көппүт. 1960 сыллаахха оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн баран Верхоянскай совхозка үлэтин саҕалыыр.

Онтон 1961 сыллаахха комсомольскай организацияҕа киирэн үлэтин-хамнаһын салгыыр. Верхоянскай комсомольскай организациятын секретарынан талыллан 1963 сыллаахха диэри үлэлиир. Ол кэннэ биир сыл Боронук кулуубун сэбиэдиссэйинэн ананан дьонун-сэргэтин түмэ тардан культура эйгэтигэр үлэлиир.

Онтон 1963 сыллаахха Саха судаарыстыбыннай университетын тыа хаһаайыстыбатын факультетын ветеринарнай салаатыгар киирэр. Устудьуоннуур кэмнэригэр каникулларыгар куруук дойдутугар кэлэр, бары тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан барар. Үһүс кууруска сылдьан маанылаах уол оҕотун Костяны 1966 сыллаахха от ыйыгар оҕолонор, кэлэн балтараа ыйдаах оҕотун хаалларан салгыы үөрэнэ барар.

Үөрэнэ сылдьан Боронугун, дьонун, оҕотун олус ахтар, ол да иһин биэс сыл устата үөрэнэн, 1968 сыллаахха ветврач идэтин ылан дойдутугар эргиллэн кэлэн тыа хаһаайыстыбатыгар үлэтин хамнаһын саҕалыыр. Ветеринарынан, Верхоянскай совхоз Боронуктааҕы отделениетын управляющайынан үлэлиир.

Старостина Валентина Алексеевна (РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ): «Костя, эбэҥ баар буолан ийэҥ үөрэҕин бүтэрбитэ. Саҥа төрөөбүт оҕону (эйиигин) кини улаатыннарбыта. Арыыйда улаатан баран дьиэ ис-тас үлэтин эн толорор этиҥ. Үлэһит гына ииппит киһиҥ эбэҥ буолар диэтэххэ омун буолуо суоҕа, тоҕо диэтэххэ, кыра эрдэххиттэн үлэҕэ ииппитэ. Соҕотох оҕо буолан бараҥҥын атаах гына иитиллибэтэх оҕо этиҥ.»

Галина Алексеевна Горохова (РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуотаах үлэһитэ, Саха Республикатын үөрэҕириитин туйгуна): «Светлана Дмиртриевна ийэтинээн сүрдээх ыалдьытымсах буолан дьон сөбүлээн сылдьар ыала этилэр. Куруук куоскалаах буолааччылар. Ол иһин оҕо-уруу да толлубакка сылдьааччы»

Старостина Валентина Алексеевна: «Верхоянскай » совхозка салайааччынан, ветвраһынан үлэлээбитэ. Үчүгэй үлэтин иһин грамоталарынан, знактарынан наҕараадаламмыта. Салайааччы быһыытынан дьон-киһи убаастабылын ылара. Ханнык баҕарар киһини кытта эдэр буоллун, кырдьаҕас буоллун, уопсай тылы булара. Кини наар кырдьык өттүн талааччы,олус чиэһинэй этэ, албыннаһар, ньылыхылыһар диэни билбэт этэ. Итэҕэһи-быһаҕаһы хайдах баарынан этэр үгэстээх. Кыаллыбакка-түгэммэккэ кыаҕа баарынан көмөлөһө сатааччы.

Чирикова Розалия Андреевна (СР үөрэҕириитин туйгуна, СР үөрэҕириитин систиэмэтин бэтэрээнэ, Бабушкинскай нэһилиэк, Верхоянскай оройуон бочуоттаах гражданина): ««Верхоянскай совхоз» киинэ Верхоянскай куоракка тэриллэн үлэлээбитэ, «Верхоянскай совхоз» салааларынан Суордаах, Дулҕалаах, Сартаҥ, Арыылаах бары участоктары хабан киэн сиринэн, Верхоянскай оройуонун Дьааҥы өрүс үөһээ баһын үлэлээн сылгы-ынах сүөһүнү иитэн бэйэтин кэмигэр өрө таһаарыылаахтык үлэлээбит совхоз буолар. Бу совхозка Светлана Дмитриевна кылаабынай ветеринарнай бырааһынан элбэхтик бары нэһилиэктэри кэрийэн, сөптөөх көмөнү фермаларга оҥоро айанныыра, эмтээх суумкатын иилиммитинэн түбэһиэх массыынаҕа олорсон ыраах сылгы базаларыгар, ынах-сүөһү фермаларыгар түүннэри-күннэри аахсыбакка сылдьара, оччолорго массыына да аҕыйаҕа, грузовой массыына эрэ буоллаҕа. Оччотооҕуга сылгыга, ынахха кэмиттэн прививкалар, хааннааһын, барыта сөптөөхтүк ыйынан оҥоһуллан иһиллэрэ. Убаһа, улахан сылгы,торбос, ынах сүөһү саастарынан, ону таһынан дьиэ ыттарын, куоскаларын эмтээһин, прививкалааһын элбэх билиини-сыраны эрэйэрэ. Светлана Дмитриевна бэйэтэ киэҥ билиилээх, элбэҕи ааҕар, эрудированнай, сайдыылаах, проблемнай боппуруостары түргэнник быһаарара, мунньахтарга сытыы тыллааҕа, толлубакка этинэрэ. Тэрийэр үлэҕэ дьоҕурдааҕа, сири-уоту билэринэн, дьаһалынан, совхоз үлэһиттэригэр сүбэтэ-амата ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан убаастабылы ылара. Сүөһүнү «ааһан иһэн» эмтиир диэн кэпсэтэллэрэ.»

Горохова Елена Игнатьевна (Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ): «Светлана Дмитриевна вызовка кэллэҕинэ биһиги оҕолор куруук батыһа сылдьарбыт.  1989 сылтан Боронук отделениетыгар бииргэ үлэлээбиппит. Кини миэхэ курууук ыйан кэрдэн биэрэрэ. Мин сүөһү бригадирынан үлэлээбитим. Кини отделение управляющайа этэ. Үлэтигэр наһаа ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан дьоҥҥо, үлэһиттэргэ убаастанар киһи этэ.  Эппитин куруук толорон, толотторон тэйэрэ. Биһиэхэ «дьону кытта биир тылы булан үлэлээн» диирэ. Слепцов Николай Иннокентьевич управляющайдыырыгар Светлана Дмитриевна ветврачтаабыта. Биһиги иккиэн наар бииргэ сылдьарыбыт. Сүөһү иҥин мэһэйдэннэҕинэ түүн буоллун, күнүс буоллун сатыы сүүрэрбит. Куорат ферматыттан кэлэрбитигэр таҥаспыт илийэн тоҥон хаалара. Кини миигин сүөһү аттыырга, уколлуурга үөрэппитэ, ол иһин КП эстибитин кэннэ 15 сыл ветфельдшерынан үлэлээбитим. Сайын от үлэтигэр звено аайы масыыҥканан боевой листок бэчээттээн биэрээччи. Неделя аайы ким кыайан, ким хотторон иһэрин, күн-дьыл сводкатын, өрүс уута төһө кэлэрин суруйан түҥэтэр. Саас аайы эдьиийбит Светлана Дмитриевна дьаһалынан фермалар бөһүөлэк чугаһыгар  сир өртөөн субботниктыырбыт. Саас бороон аттыырбыт уонна үлдьү Мачаҕынан, Кыһыл Тумуһаҕынан сайылата үүрэрбит, биир да энчирээбэт этэ. Күһүн идэһэҕэ сүүһүнэн сүөһүнү туттарарбыт. Бары субботнигынан. Светлана Дмитриевна тутуллар эти барытын бэчээттиирэ. Мин ыйаан туттарарым, кини бэчээттээн иһэрэ. Үлэтигэр наһаа ирдэбиллээх буолааччы, ол иһин дояркалар бары хаһаайыстыбыннай мыылалаах, тэрээпкэлээх, торбос тардар быалаах, сеткалаах буолааччылар. Ветаптекатыгар куруук толору эмтээх буолааччы, ону ыйытыыта суох ким да тыыппат этэ. Киһи быһыытынан сүрдээх сайаҕас, куруук киһиэхэ көмөлөһө, сүбэлии сылдьааччы. Бөһүөлэк дьоно бары убаастыыр, ытыктыыр киһибит – эдьиийбит этэ. Албынныыр эҥин дьону наһаа сирэрэ. Мунньахтарга санаатын барытын сааһылаан сүрдээх үчүгэйдик этинэрэ. Кыһалҕалаах дьоҥҥо куруук көмө оҥороро. Биһигиттэн эмиэ «бу дьоҥҥо көмөтө оҥоруҥ» диэн этэрэ, ирдиирэ.

Колесов Илья Ильич (Саха Республикатын тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын отличнига): «Кини үлэлиирин саҕана Боронуктар үүт ыаһыныгар, эт оҥоһуутугар оройуоҥҥа бастакы күөҥҥэ сылдьыбыттара. Мин биригэдьиир, управляющай эрдэхпинэ үлэбэр наһаа көмөлөһөр этэ.  Совхоз дирекцията кинини оччолорго салайар үлэҕэ таһаара сатыырын наар аккаастаан кээһэрэ. Баартыйа активнай чилиэнэ буолан    араас мунньахтарга, конференцияларга Баатаҕайга уонна Дьокуускайга куруук сылдьааччы.»

Горохов Яков Александрович (Боронук нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо): «Светлана Дмитриевна үчүгэй салайар үлэһит  ааттаммыта, мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Үлэҕэ ситиһиилээх, бэриниилээх, ирдэбиллээх салайааччы быһыытынан биллэр этэ. Верхояскай куоракка совхоз дириэктэрин салайааччытынан ынырбыттарын барбатаҕа. Боронук бөһүөлэгэр бэриниилээхтик үлэлээбитэ. Бөһүөлэккэ ытыктанар, убаастанар киһи этэ»

Ол курдук кини үгүс наҕараада ылбыта, иккитэ ВДНХаҕа бара сылдьыбыта диэн ахтар уола Константин. Үлэтэ үрдүктүк сыаналанан наҕараадалардааҕа, мэтээллэрдээҕэ. Хомойуох иһин 2000  сыллаахха дьиэтэ уокка былдьанан кини туга да хаалбатаҕа. Светлана Дмитриевна үлэтин таһынан комсомольскай организация, партия бастыҥ үлэһитэ этэ диэн ахталлар кинини кытта бииргэ үлэлээбит, алтыспыт дьон.1976 сс. Парткабинет салайааччытынан үлэлии сылдьыбыта.

Никитина Феодосия Алексеевна (Россия культуратын бастыҥ үлэһитэ, Саха Республикатын культуратын отличнига): «Мин 1968с оскуоланы, кини СГУ-ну бүтэрэн кэлбиппит, иккиэммитин олохтоох комсомольскай тэрилтэ секретардарынан быыбардаабыттара. Онтон ыла саҕаламмыта биир да суббуотаны, өрөбүлү көтүппэккэ түбүк үөһээ сылдьар күннэрбит. Кыһын субботалары, бырааһынньыктары көтүппэккэ концерт, араас спортивнай күрэхтэр, совхоз, оройуон иһинэн фестиваллар тиһигин быыстапка ыытыллаллара. Онно сүрүн тэрийээччилэр – Светлана Дмитриевна уонна кулууп үлэһитэ Данилов В.И. репетициябыт сороҕор уһуур, дьиэҕэ сарсыарданнан тарҕаһарбыт. Ол иһин Светлана ийэтэ эбээ Мааса «Бу эһиги суорҕаннаах тэллэххитин ылан, кулуупкутугар көһөн барыҥ», — диирэ үһү. Кинилэр дьукаахтыы олоро сылдьыбыттара, биир дьиэттэн кэлэллэр-бараллар Светлана Дмитриевна көҕүлээһининэн. 1969с олунньу ыйга Тыа Хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин бырааһынньыгын аан-бастаан тэрийэн ыыппытпыт. Сахалыы таҥастаах, астаах, оонньуулардаах. Наһаа үчүгэйдик ааспыта, дьон өргө диэри үөрэ-махтана ахталлара.

1970с Ленин төрөөбүтэ 100 сылыгар тахсыбыт юбилейнай мэтээлинэн Светлана Дмитриевна биир бастакынан наҕараадаламмыта. Бу чахчы кини үлэтин үрдүктүк сыаналааһын туоһута этэ.»

Светлана Дмитриевна ол курдук олус үрдүк, дириҥ билиилээх ветврач, активистка, комсомолка, коммунист уонна дьон убаастабылын ылбыт салайааччы этэ. Кини наһаа эрудированнай, киэҥ билиилээх киьи. Билиитин-көрүүтүн куруук үксэтэ сылдьара, элбэҕи ааҕара. Ону таһынан кини хаһыакка үгүстүк суруйар общественнай корреспондент этэ. Нэһилиэгин олоҕун, дьонун-сэргэтин туһунан сырдатара. 1973 сс.«Верхоянскай коммунист» хаһыаты кытта активнай үлэлэһиитин иһин РК КПСС Бочуоттаах грамотатынан наҕараадаламмыта.

Феодосия Алексеевна: «Наһаа элбэҕи билэрэ, элбэхтик ааҕара. Ыйдааҕы хамнаһа хаһыат, сурунаал сурутуутугар барара. Библиотекаҕа сыл ахсын «бастыҥ ааҕааччы» аатын сүгэрэ. 1992-2002сс диэри библиотека хоһо наһаа тымныы этэ. Биэдирэлээх уу,  суруйа олорор ручка тоҥон хаалара, инчэҕэй тэрээпкэни радиатор үрдүгэр уурдахха хам сыста тоҥор этэ. Ону ол диэбэккэ, Светлана Дмитриевна күн ахсын библиотекаҕа кэлэн өргө диэри ааҕара, сурунара. Миигин аһынан дьиэтиттэн сылытар нагреватель аҕалан холбуура. Кини бэйэтин да дьиэтэ тымныытынан аатырара, атын киһини аһынара, урут саныыра итинтэн да көстөрө. Бэйэтигэр олох кыһаллыбат, сирбэт-талбат, аскетическай олоҕу тутуһар этэ. Бу билиҥҥи, балысхан сайдыылаах олоххо тиийбитэ буоллар, өссө элбэҕи оҥоруо, ситиһиэ хааллаҕа. «Аныгы оҕолор аҕыйахтык ааҕаллар», — диэн хом санаалааҕа. Бөһүөлэгэр туох сонун, үчүгэй баар буоллар эрэ тутатына оройуон хаһыатыгар суруйа-сырдата охсоро. Кыраттан да оҕолуу үөрэ түһэрэ. Светлана Дмитриевнаны өйдүүр-саныыр дьон билэллэрэ буолуо – кини кими да кытта алтыстаҕына бэйэтин тэҥнээҕин курдук сыһыаннаһара. Оҕону кытта – оҕо, кырдьаҕаһы кытта – кырдьаҕас, ким да буоллун, уопсай тылы түргэнник булара. Кини ханна баар сиригэр көр-нар, саҥа-иҥэ, күө-дьаа буола түһэрэ.

Матырыйаалы бэлэмнээтэ С.Д. Горохова сиэнэ, Боронук оскуолатын историяҕа учуутала Горохова Мирослава Константиновна

Читайте дальше