Тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар бородууксуйатын элбэтиигэ бааһынай хаһаайыстыбалар өбүгэ саҕаттан кэлсибит төрүт үгэстэри салгыыллар, олохтоох сибиэһэй ас бородууксуйатынан, үрүҥ ас өллөгөйүнэн, эт, балык, сир астарынан нэһилиэнньэни хааччыйаллар, тыа сиригэр урбаанньыт быһыытынан дьарыктаах буолууга сонунтан-сонун хардыылары оҥороллор, саҥа көрүүлэрин олоххо киллэрэллэр.

Дьааҥы улууһун Суордаах олохтооҕо, ынах сүөһүнү ииттэр бааһынай хаһаайыстыба салайааччыта Дмитрий Дмитриевич Горохов: «2022 сыллаахха бааһынай хаһаайыстыба тэриммитим, былырыын ынаҕынан Гран ылан оттуур тиэхиньикэ ылыммытым. Хатыҥнаах учаастагар хотонум быйыл тутуллан бүтэн үлэҕэ киириэхтээх. Урут хас да сыл эмиэ тэринэ сылдьыбытым. Механизацияны тэриммитим син ыраатта, сороҕо, антах, баазабар Хатыҥнаахха турар. Камаз массыыналаах этим. Онтубунан хас да сыл чох тиэйиитигэр сылдьыбытым», – диэн ынах сүөһү ииттэн туруорар быйаҥнаах сирин, үлэ-дьаһал хаамыытын туһунан кэпсиир.

Дмитрий Дмитриевич сайынын мотуорунан, кыһынын вездеходунан айаннаах, бөһүөлэктэн 20 килэмиэтирдээх Хатыҥнааҕар айанныырыгар бэрт улахан, ол эбэтэр 70-80 килэмиэтирдээх тоҕойу эргийэн тиийиилээх эбит. Үчүгэйэ диэн ол сири мотуох ылбатах. Олохтоохтор отторун үрэх туорааһыннаах 35-40 килэмиэтирдээх сиртэн тиэнэллэр эбит. Оттуур сирдэрэ — Алыһардаах бөһүөлэктэн 120 км., Өйүмүгэ диэри 90 км., Улаҕаҕа диэри 60 км. ыраах сыталлар. Кыһыҥҥы суолунан уонча чаас айаннаан улуус киинин булаллар, маныаха суолу-ииһи, үрэх тыынын билэр эрэ киһи тарыҥнары сатаан туораан тиийэр. Онон «Бэттэх, чугас» диэн өйдөбүл кинилэргэ төрүт олохсуйбатах буолуон сөп. Кырдьыга да, кыра наадалаах киһи мээнэ айаннаабат ыраах сирэ – Суордаах. Ону ол диэбэккэ суордаахтар улуус киинигэр, Дьааҥы куоратыгар ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кытталлар. Ахсынньыга ыытыллыбыт улуустааҕы атыы-быыстапка дьаарбаҥкатыгар Дмитрий Дмитриевич үүтүн, этин, үүттэн оҥоһуллубут бородууксуйатын тиэйэн илдьэн, атыылаан, Баатаҕай олохтоохторун саҥа дьыллыыр астарын хааччыйбыта.

Ханнык да үлэтиттэн саллыбат тыа сирин киһитэ, өбүгэлэрин үгэстэрин салҕааччы, сирин-дойдутун хаһаайына инникитин аныгы технологиянан хотон, гараж туттуута былааныгар турарын, ынаҕы, сылгыны олохтоохтук ииттэр баҕалааҕын этэр. Табылыннаҕына өссө эбии саха ынаҕын Эбээн Бытантайтан ылбыт киһи диэн кэскиллээх былааннарын сырдатар. Билигин сүүрбэнэн ынах сүөһүнү кыстата туруорар. Икки оҥустаах, онтон биирэ саха, иккиһэ сементал оҥуһа былырыын Амма улууһуттан аҕалыллыбыт. «Оҕо сылдьан сүөһүгэ, табаҕа, сылгыга үлэлээбитим, онон сүөһү иитиитигэр кырабыттан сыстаҕаспын диэххэ сөп, уончалаахпар оҥус сиэтээччинэн сылдьарым», – диир.

Көнө, киэҥ налыы хонуулаах уйгулаах-быйаҥнаах Суордаах сиригэр 80-с сылларга улуус атын нэһилиэктэриттэн мобильнай биригээдэлэр тиийэн оттууллара. Хамныы-хамныы үүнэр хойуу оттоох ол ходуһалара билигин халыҥ хаарынан үллүнэн тураллар. Дмитрий Дмитриевич тыа сиригэр хаһаайыстыбалаах эрэ киһи өбүгэ ситимин салҕыырын этэр. «Икки устудьуоннаахпын, биир уолум 3 кылаас үөрэнээччитэ, биирим оҕо саадын иитиллээччитэ уонна кырачааммыт 10 ыйдаах. Оҕолорум сайын ахсын оттоһоллор, ынах көрсөллөр, көмө дьоно буоллахтара. Тиэхиньикэлээх буоламмыт үксүн тыраахтарбынан оттуубут, от да үчүгэйдик үүммүтэ. Кыстыкка быһа барыллаан 60-ча туонна от барар. Быйыл сүөһүгэ эбии аһылык аҕалыыта босхо диэтилэр», – диэн үөрэ кэпсиир, кыстык үчүгэйдик баран иһэрин, тыаҕа сыһыытааҕар сылааһын, күн киирбэтин туһунан күннээх сонунун иһитиннэрэр.

Тыа хаһаайыстыбатын үлэтиттэн илиитин араарбакка оттуу-мастыы, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэ сылдьар хоту дойду хоһуун үлэһитэ Дмитрий Дмитриевич сырдык ырата томточчу туоллун, сирин-дойдутун сиэмэлээх туорааҕа торолуйа улааттын, элбээтин!

Раиса Чирикова

Читайте дальше