Үлэ киһини  киэргэтэр дииллэрэ  кырдьык. Үлэттэн  эрэ  сылаалаах, эппиэтинэстээх  үлэ  быраас  үлэтэ дии  саныыбын,  киниттэн  киһи  олоҕо  уһуура, кылгыыра  улахан  тутулуктаах курдук.  Онно  ананан   кэлбит  киһинэн  биһиэхэ  Наталья  Михайловна  буолар. 

Кини  1977 сыллаахха  үрдүк  үөрэҕи  бүтэрэн  Табалаахха ананан кэлбитэ  хайыы  үйэҕэ  46  сыла  эбит.  Эттэххэ  дөбөҥ  эрээри,   бу  сыллар  усталарыгар  төһөлөөх  элбэх  сыратын,  күүһүн  дьон  доруобуйатын  туһугар биэрбитэ буолуой.  Маннык  уһуннук  биир  сиргэ  олорон  үлэлээбит  быраас  оройуоҥҥа  да аҕыйах  буолуо  дии саныыбын.  Учуутал  дьиэ  кэргэнигэр төрөөбүт  буолан  олус  сэмэй, культурнай  иитиилээх киһи, хаһан даҕаны дьону  кытта  иирсэ-этиһэ  сылдьарын көрбөккүн.

Маҥнай  кэлбит  сылыгар  биһиги  квартирабытыгар соседтыы олорбута, түөрт квартиралаах учууталлар олорор дьиэлэрэ этэ. Олус  истиҥник  сыһыаннаһан хардарыта  өйдөһөн  күн  бүгүнүгэр диэри иллээх эйэлээх  олорон кэллибит.  Олоҕун  доҕорун  көрсүһэн  нуучча  тылын  учууталыгар  Хамхоев  Темерлан  Хизирович  диэн  киһиэхэ  кэргэн тахсыбыта  уонна  кини  олорор квартиратыгар  олорбуттара,  уоллаах  кыыс оҕону төрөппүттэрэ. Дьоллоох  олох  уһуннук барбатаҕа, доҕорун  олус  хомолтолоохтук сүтэрбитэ да хата  баран  хаалбатаҕа.  Табалаахтар биһиги Натааһабыт  диэн  мээнэҕэ эппэттэр, дьоҥҥо-киһиэхэ  тэҥник сыһыаннаһарынан, эйэҕэс  майгытынан  дьон убаастабылын  ылыан ылбыт  киһи.  Эмчит  быһыытынан  улахан дьоҕурдаах, билиилээх, хайдах баҕарар  ыалдьыбыт  киһини  үтүөрдэр  иһин  кыһаллар  уонна  онтун эбэһээт  ситиһэр.  Бу  сыллар  усталарыгар  тыһыынчанан вызовка  сырыттаҕа, түүн-күнүс  диэбэккэ сүүрэр  киһи, ардыгар  дьиэбэр  кэлэн киирээппин  кытта  атын ыҥырыы кэлэр, оччоҕо төһө да  тоҥнорбун сылайдарбын төттөрү барабын диэччи.  Урут оһоҕун бэйэтэ  оттунан олорор эрдэҕинэ олус эрэйдэнэр этэ, хата  кэлин киин ититиигэ холбоон абыраабыттара. Оҕолоро  үрдүк  үөрэхтэнэн, ыал буолан  оҕо-уруу  төрөтөн ийэлэригэр сиэннэри бэлэхтээн Наталья  үөрүүтэ  муҥура суох, ол иһин  уоппускатыгар  күүтүүлээх ийэ, эбэ  буолан тиийэн үөрдэр, оҕолорун сиэннэрин  тапталларыгар  уйдаран  дуоһуйа сынньанан  кэлэр.

Наталья  Михайловна  кырдьаҕас дьоҥҥо  төһөнөн сааһыраллар,  кыаллыбат буолаллар да,  соччонон  болҕойор, эмтиир, санааларын  көтөҕөр, олохторун тиһэх мүнүүтэтигэр  диэри  сылдьа  турар  идэлээх. Онон  кырдьаҕастар  махталлара  муҥура  суох  буолааччы. Уопсайынан  үлэтигэр билиилээх бэриниилээх буолан медик  үрдүк ааттарын ылыан ыллаҕа. Бииргэ  үлэлиир  коллектива  үгүстэрэ саастаах, опыттаах  олохтоох  дьоннор, бэйэ-бэйэлэрин  үчүгэйдик билсэллэр, убаастаһаллар, үлэлэригэр көмөлөһөллөр, онон  бары биир киһи  курдук турунан үлэлииллэр. Балыыһаҕа  араас  ыалдьыбыт киһи  киирэрэ үгүс, ол иһигэр оһолломмут, ойдубут да дьоннор баар  буолааччылар, маны барытын эмтиэххэ, тигиэххэ, бэрэбээскилиэххэ  наада. Онно  бары  саба түһэн эн-мин  дэспэккэ  сөптөөх  көмө оҥоһулларыттан  киһи  түргэнник үтүөрэргэ барар. Кыаллыбат  түгэнигэр  үлдьү улуус  балыыһатыгар  ыыта  охсоллор. Наталья Михайловна   сырдык  киһи, ким  баҕарар  үөрүүтүн, хомолтотун тэҥҥэ  үллэстэр, кими эрэ төрөөбүт күнүнэн, үлэҕэ ситиһиитинэн, үбүлүөйүнэн эҕэрдэлии  сылдьар  идэлээх, ону  барытын болҕомтолоох эрэ  киһи  толорор.

Дьэ ити  курдук  46  сыл  үлэ  үөһүгэр   сылдьар  киһиэхэ түргэнник  элэстэнэн аастаҕа. Биһиги  балыыһабыт  үлэтин,  уопсай туругун  республикаттан  да  кэлэн барар быраастар хайҕаан  баралларын  истэбит. Наталья  биһикки  кэлии  дьон Табалааҕы  сирин  уотун, айылҕатын, дьонун  киһитин таптаан  дойду  оҥостон  эдэр сааспыт  күөгэйэр  күннэрин манна атаарбыппытыттан үөрэбит эрэ. Мин курдук киһи  аны манна букатын да хаалара  буолуо  дии саныыбын, үйэ аҥаарыттан ордук  олордоҕум дии…

Убаастабыллаах  Наталья  Михайловна, бу  тухары  тус  бэйэбэр улахан  болҕомтоҥ, эйэҕэс  майгыҥ иһин  ис  сүрэхпиттэн махталбын этэбин. Баҕарыам  этэ Эйиэхэ үчүгэй доруобуйаны, үгүс  үөрүүнү, уһунтан уһун  олоҕу, хос  сиэннэнэн үөрүүҥ, дьолуҥ өссө үрдүүрүгэр.

Убаастабылы кытта Мария Романовна Жиркова, үлэ ветерана, Учууталлар учууталлара, 2023 сыл, Табалаах

Читайте дальше